Сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут гараастар, хотоннор, дьиэлэр билигин үгүстэрэ алдьанан, быраҕыллан, иччитэхсийэн тураллар. Биһиги дэриэбинэбитигэр сэбиэскэй саҕанааҕы тутуу эмиэ элбэх.
Олортон биир гараас арыый сэнэх ордон турар. Холкуостааһын кэмэ буолан, оччотооҕу тутуу улахан буолара. Кыһын ититэргэ ыарахан диэн гараас аҥаарын быһан кэбиспиттэрэ. Дэриэбинэ сүүрэр-сүүрбэт массыыната барыта онно турара. Ханна да буоларын курдук суоппардар, тырахтарыыстар, ыччат дьон кыһыннары-сайыннары мустан арыгылыыллара. edersaas.ru
Үс сыллааҕыта олохтоох уонна атын нэһилиэктэн кэлбит ыччаттар ыһыахтаабыттар. Эдэр дьон сиэринэн түүннэри сылдьан көрүлүүргэ-нарылыырга санаммыттар. Түүн уруккуттан сылдьа үөрүйэх сирдэригэр – гарааска кутуллан кэлбиттэр. Күлсэн-салсан, хаадьылаһан баран дэриэбинэни кэрийэ барарга санаммыттар. Арай биир кыыс утуйан, соҕотох хаалан хаалбыт. «Тэп» гыннарбыт уолаттар, кыргыттар онно эрэ наадыйбатахтар, аахайбакка баран хаалбыттар. Ити – кэлии кыыс эбит.
Сарсыныгар киэһээҥҥэ диэри утуйан буккуруу сыппыттар. Өйүүнүгэр кыыстарын сүтүктээн, дьэ, аймалҕан тарпыттар. Уолаттар сонно тута гарааска сүүрэн кэлбиттэр. Сүппүт кыыс эрэйдээх «Беларусь» тыраахтар хомуоһугар сууланыаҕынан сууланан баран, утуйбут курдук өлөн хаалаахтаабыт. Быраастар хотуотугар чачайан өлбүт диэн быһаарбыттар. Онон олохтоохтор сайыннара ити курдук кыыс өлүүтүнэн саҕаламмыт.
Эһиилигэр окко тахсарга бэлэмнэнэн, кырдьаҕас оҕонньор тыраахтарын хасыһа сылдьыбыт. Ол оҥосто сылдьан кыыс ытыырын истибит. Оҕонньор дьиэтигэр эппэт кэлэҕэй буолан кэлбит. “Адьас бу аттыбар ытыыр курдук этэ. Оннук иккитэ кэлэн ытаабыта-соҥообута” диэн кистии-саба кэпсээбит. Сонно тута тыраахтар кэннин баран көрбүттэр. Туох кэлиэй, саатар, куоска да суох үһү. Сарсыҥҥы күнүгэр кырдьаҕас уолун кытта гарааска тиийэн уот оттон аһаталлар, көрдөһөллөр. Тыраахтардарын этэҥҥэ оҥорон бүтэрэллэр. Туох да биллибэтэх.
Ити түгэн кэнниттэн сотору буолаат, эмээхсин ынахтарын көрдүү барбыт. Арай гараас аттынан ааһан иһэн кыыс уйа-хайа суох ытыырын истибит. “Хайа барахсан кэлэн манна ытыы олороохтууруй?” диэн, гараас аанын атыллаан иһэн, дьэ, өйдөөн кэлэр. Икки атаҕынан куотар. Кыыс өлбүтэ 3 сылын туолуутугар олохтоохтор гараас аанынан кыыс өҥөйөн турарын көрөллөр. Ити кэнниттэн ким да массыынатын гарааска туруорбат буолбута, кыһынын тоҥорон кэбиһэллэрэ. Кыһалҕалаах дьон, тырахтарыыстар эрэ, иккилии-үстүү буолан сылдьаллара. Айанньыттар гарааһы аһаппакка эрэ кыыс дойдутун диэки айаннаатахтарына, суолга буулуур, куттуур идэлэммит.
Соһуччутук, хомолтолоохтук олохтон барбыт, суорума суолламмыт эдэркээн кыыс кута көппөккө, эрэйдэнэ сырыттаҕа…
edersaas.ru