КУТ УЙБАТ АЛҔАҺА

Ааптар: 
31.03.2018
Бөлөххө киир:

Нарын-намчы, халадаайын кэтэн сайбалдьыйа хаамар, кэрэ сэбэрэтигэр мичээр түспүт, онтуттан өссө ордук кэрэтийэн көстөр сахам далбар хотунун саната, саас барахсан сылаас тыынынан имэрийэн, угуттаан-уоскутан, күннэри-түүннэри тохтообот араас дьикти куолаһынан ырыа тардан, кэрии сиргэ ньургуһунун нуоҕатан, күөх ача отун бытыгыратан, хотоол сиргэ көлүкэ оҥортоон, эбир долгуннарынан киэргэтэн, күн уотугар күлүмнэтэ оонньотон тиийэн кэлбитэ, уһун кыһынтан улугура салгыбыт бар дьонун сүрэхтэрин нүөлүтэ угуттаан, сүргэлэрин күүрдүбүтэ үчүгэйин эриэхсит!

Үс арахсыспат аллар атастыылар: Тырахтарыыс Куола, Биригэдьиир Бааска уонна Күүлэй Бүөккэ бу кэрэни сэргии көрбүттэрэ хас да хонно, сылын аайы хатыланар бу түгэни суохтаан туорхаһыйбыт санаалара туолан, дьэ арыый да оннун булан эрэр. Сааскы кустааһын абылаҥнаах, угуйар-умсугутар күүһэ арай тапталлаахха талаһар күүскэ тэҥнэһэрэ дуу, кус барыаҕыттан, хаар түһүөҕүттэн унньуктаах уһун кыһын усталаах туоратын тухары ыра санаа оҥостон, ыһыллан хаалбакка тулуйан кэлии туһугар эмиэ «дьоруойдуу» быһыы буоллаҕа. Дьэ уонна эмискэ көҥүлгэ күөлэһис гына түһүү мэйиини эргитэр, туймаарда дайытар, сүргэҕин көтөҕөн «Оо, үчүгэйи-иэн!» дэтэр дьикти түгэнэ маны барытын эт бэйэтинэн билбит эрэ киһиэхэ толору өйдөнөр буоллаҕа.

Кураанах кус ааһан бүтэн эрэр бүтэһик түһүмэхтэрэ тохтоон ыла-ыла, күдьүс-күдьүс киирэн ааһыталыыллар. Үөл кус: орулуос, умсаах быстах иккилии-үстүү буолан биллэн ааһаллар; халыҥ үөрдээх кустар халыйа анньан киирэллэрэ да чугаһаан эрэр. Ньукуола буолара үс хонук хаалла да буоллар, кэҕэ обургу бу сарсыардаттан чоргуйбута сүрдээх, хаайа сытан төлө туппут курдук, күнү быһа киэҥ сыһыыны уҥуор-маҥаар көтө сылдьан эттэ. Кусчуттар, түүнү быһа кус манаабыт дьон, налыччы утуйан, «кымньыы чэй» ааһыыта туран, суунан-тараанан, Эбэлэрин киэҥ киэлитин одуулуу дуоһуйа аһаатылар. Бу сиргэ кустаабыттара ыраатта. Куолаларын аҕата бултуур сирэ, ол «нэһилиэстибэ» быһыытынан Куолаҕа көһөн тиксэ сылдьар. Бааскалаах Бүөккэни кини манна аҕалтаабыта. Эдэрдэригэр бары нэһилиэктэрин чиэһин көмүскээн биир хамаандаҕа волейболлаабыттара, онтон ыла арахсыспат атастыы буолан сылдьаллар, билигин даҕаны бэтэрээннэр күрэхтэһиилэригэр нэһилиэктэрин чиэһин көмүскүү сыталлар. Идэлэринэн ааттара да этэрин курдук: Куола-тырахтарыыс, Бааска-биригэдьиир, арай Бүөккэлэрин хос аата идэтин эппэт, Гуляев диэн араспаанньатыттан кылгатан, бастаан «Гуляй!» дииллэрэ, онтон кэнники сахатытан төрүкү да «Күүлэй Бүөккэ» диэн сүрэхтээбиттэрэ. Идэтинэн физкультура учуутала.

Отууланар сирдэригэр урут балаакканан түһүүлэнэр буоллахтарына, билигин туол бүрүөһүннээх хаптаһын дьиэлээхтэр, оллооннорун таһыгар үөһээ өттө хаартан-самыыртан хаххалыыр сарайдаах, уһун остуоллаах бэртээхэй диэн чэйдиир сирдээхтэр. Кустуур сирдэрэ бөһүөлэктэн үс көс кэриҥэ ыраах сытар, мээнэ киһи сылдьыбат. Суол баччаларга быстар мөлтөх, тыраахтар эрэ тиийэр, хата, сопхуос салалтата «Бастыҥ үлэһиппитигэр» диэн Куолаҕа тыраахтарын уларсан абырыыллар.

Аһаан бүтэн, сүгэлэрин, «Дружба» эрбиилэрин сүгэн ойуурга хаппыт харыйа охторо таҕыстылар. «Умсаах мончууга эбии наада буолсу» диэн үнүргүттэн былааннаабыттара. Мастарыгар чопчу тиийдилэр. Куолалара анаан-минээн көрдөөн булан, бэлиэтии, иэдэстии охсуталаабыт харыйаларын охтортоон, дүлүҥ гына бысталаатылар уонна оллооннорун таһыгар сүгэн аҕалтаатылар. Мончуук уһунунан кээмэйдээн дүлүҥнэрин кэрчиктээтилэр, элбэх мутуктааҕын, дабархайдааҕын «уот буолуо» диэн, оллоон таһыгар сааһылыы кыстаатылар, «мончуук тахсыа» диэбиттэрин ортолорунан хайыта сыстылар. Уус киһилэрэ Куола сүгэтин ылан хайдыбыт лэкэчэктэри суорбутунан барда. Бүөккэ эмиэ суоруста да, Куола курдук тиһэҕэр тиийэ оҥорбото, улаханнык ылыллар эрэ сирин моһуоннуу-моһуоннуу Куола иннигэр уурталыыр.

Бу кэмҥэ Бааскалара күөллэрин атаҕар, сиики киирэр сиринэн илим бырахпытын көрөн таҕыста, «аһара элбэх туппатын» диэн, соруйан улахан харахтаах илими үппүтэ, онтуттан уонтан тахса ап-араҕас собону ылла.

— Хайа, бүгүн хас туппут? Бэҕэһээҥҥитин саҕа баар дуо? — элбэх саҥалаах Бүөккэ урут ыйыта оҕуста.

— Ээ, бииринэн аҕыйах. Хайабытын итэппитэ буолла? — Бааска Бүөккэ туох диирин истээри, дьээбэлээх соҕустук тылласта.

— Бу да киһи! Эйигин буоллаҕа. «Сапожник без сапог» диэни билэҕин буолбат дуо, ол курдук «рыбак без рыбки» буолаҕын, — Бүөккэ үгүһү толкуйдаабакка этэн кэбистэ уонна бэрт тэбэнэттээхтик күлэн лэһигирэттэ, лэкэчэгин үрдүгэр олорон чөкчөҥө курдук хороҥолоото.

— Оннук-оннук! Бүөккэ сөбү этэр! — Куола дьээбэҕэ тиллэн тыл кыбытыста, күлэн мүчүҥнээтэ.

— Мм-даа! Буоллун даҕаны, — Бааска тугу даҕаны утары этэрэ суох буолан сөпсөстө, мичээрдээн сирэйэ сырдаата.

Уон икки мончуугу оҥорон кылбатан кэбистилэр, «сарсын кырааскалыахпыт, төбөлөрүн олордуохпут» дэһэн уурайдылар. Куола кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ оһоҕун иннигэр олорон оҥортообут умсаахтарын төбөлөрүн саппыйаҕа кута сылдьарын аҕалан көрдөртөөтө.

— Ок-сиэ! Тоҕо үчүгэйдэрэй! Олох тыыннаах кус курдуктар. — Бүөккэлээх Бааска төбөлөрү илиилэригэр ылан эргичиҥнэттилэр. — Уус даҕаны киһигин, доҕоор! — Куолаларын хайҕаатылар.

Куола сатаабатаҕа диэн суох да быһыылаах, барыга бары сыстаҕас, оттон мончуугу олох оҕо эрдэҕиттэн кыһар, кырааскатын да табара бэрт: тыыннаах курдук буолан тахсаллар. …

Балыктарын буһарынан тото аһаан баран, дьиэлэригэр киирэн, оронноругар сытан аһаабыттарын иҥэринэн, бэйэлэрэ этэллэринэн, «бүөр сыалаатылар».

Бааска уолаттарыттан кыранан, киһи улаханнык аахсыа да суоҕунан аҕа, ол эрээри биригэдьиир, дьаһайа үөрэммит киһи сиэринэн, салалта оруолун толорор. Туох эмит мөккүөрэ буоллаҕына: «Кырдьаҕаскыт тылын истиҥ!» — диэн оонньуу-күлүү курдук быһааран кээһэр идэлээх, онон түс-бас киһилэрэ.

Бааска — дьаһалта өттүгэр, Куола кыайтарбатаҕы ситэрэр-оһорор буоллахтарына, Бүөккэ турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, «идеальнай» да буолбатар, барыга бары көрөн турбакка ылсан, бүтэрэн-оһорон иһэр түргэн туттуулаах, элбэх кэпсээннээх, сэргэх сэһэннээх, хаадьы тыллаах, быһатын эттэххэ «хампаанньа киһитэ». Бүөккэлэрэ суоҕар Бааскалаах Куола наадаларын эрэ быһаарсар чуҥкук соҕус дьон.

Бүөккэ оҥорорго-тутарга салаҥ соҕус да буоллар, биир киһи эрэ ордугургуу саныыр, чахчы «идеально» оҥорор идэлээх. Ол — саанан таба ытыы. «Уол оҕо дьолуолаах туттуулааҕа» диэн кини, онтунан киһиргэммэтэр да, хайдах ытан түһэртээбитин, охторбутун дьээбэлээх соҕус кэпсээн оҥорон аралдьыталыыр. Биирдэ эмит сыыстаҕына, «аралдьыйа сатаан сыыһаҕын дуу?» диэн атастара хаадьылыыллар. Оччоҕуна «И у старухи бывает проруха» диэн нууччалыы өс хоһоонунан «атымааскаланан» күллэртиир.

«Бүөр сыалаан» бүтэн, оргууй туран, тэринэн-бэринэн күөллэригэр киирдилэр. Бааска дурдата, били, илим үтэр сиригэр, сиики киирэр сиригэр турар, манан күөлэ урут сайар, ырбыы тахсар. Куола дурдата күөл ортотун диэки, хонуу уута халыйан тахсар сиригэр, ол эрээри хонууга буолбакка күөл кытыытыгар, төхтүр сир баарыгар турар, онон хонуутун уутун кэһэн, уулаах дьыл тыыланан дурдатын булар. Бүөккэ дурдата күөл хоту баһын илин диэки өттүгэр хоойдуу сытар көлүкэҕэ турар, кыһын хам барар, инньэ гынан сирэйиттэн ууллар, тоҥорботох түүннэргэ кус сөбүлээн түһэр уута.

Дурдаларыгар тиийэн сараҕыта уурбут, тиэрэ нараһа сытар мончууктарын тыыларыгар хаалаан киллэрэн түһэртээтилэр, түһэртээн бүтэн, дурдаларыгар тахсан, оннуларын булан, тула өттүлэрин саҥа көрөр курдук сэргээн көрө, туох хамсааһын тахсарын кыраҕытык кэтии, эмиэ да тохтуу түһэн, олохторугар буолбут түгэни, эбэтэр ыра санаа долгунугар уйдаран, ону оҥорон көрө, эбэтэр дьиэлэригэр хаалбыт дьоннорун ахта-санаан иһийэн ылаллар.

Тыйаах иһиирэр саҥатыттан тиэрэ түһэн олорбут Бааска көнө түстэ, ньыкыс гынан, иннигэр өйөннөрө уурбут саатын уҥа илиитин уунан оргууй ылла, сэрэнэн төбөтүн көтөҕөн дурда иннин хаххалыыр от быыһынан саӨа кэлэр сирин диэки хайыһан уоран көрдө: хаҥас диэкиттэн биэс кус мончууктарын көрбүтүнэн түһэн эрэллэр эбит, саатын дурдатыттан быктаран кэтээн олордо. Инники испит тыһылаах атыыр кустар кынаттарын сарас гыннаран, «туормастаан» сапсынан, ханнык эрэ кэмҥэ салгыҥҥа ыйанан турбалаан баран, мончууктар быыстарыгар олоро түстүлэр. Кэннилэриттэн балайда хаалан кэлбит кустар эрдэ түспүт кустары ааһа көтөн түһүөх курдук буолан иһэн туохтан тэһииргээбиттэрэ буолла, өрө харбаһан, ситэ түспэккэ көтөн таҕыстылар. «Түһүөхтэрэ» диэн кэтэһэ олорбут Бааска түспүт кустар тэҥҥэ көтүһэн тахсалларыгар өй ылан, саатын көтөҕөн, олорон эрэ ытыалаан куһуйда. …

Хойобуун түспүт куһун көрбүтэ, төбөтө хоройон ыраатан эрэр эбит; хаалбыт ботуруонунан онтун сырыһыннарда, биирэ устубутун курдук уста турда, куотара буолла. Бааска ыксал үлүгэринэн ботуруон уктан халыгырата охсон, ытыалаан үһүс ытыытыгар табан устубат оҥордо. «Ок-сиэ! Бүөккэ эбитэ буоллар биири да ыытыа суох этэ» диэн бэйэтин хомуруна дуу, Бүөккэ бу түгэҥҥэ суоҕун кэмсинэ дуу санаан ылла.

Куолалаах Бүөккэ Бааска саатын тыаһын истэн ымсыыра олордулар, онон-манан «паараласпыт» кустар көтөн ааһаллар да, кинилэр эрэ мончууктарыгар наадыйбаттар, бэйэлэрэ туһунан арахсан «айылҕаларын соругун» толоро сырыттахтара.

Соҕотох атыыр чөркөй кэлэн Куола мончууктарын кэтэҕэр түстэ уонна хайа да диэки барбакка, биир сиргэ эргичиҥнии, чуруктуу олордо. Куола кэтэһэ сатаан көһүйүөх да курдук буолан барда, айаҕалыы сатаан «бэттэх кэлээрэй?» диэн айаҕынан маатырҕаан көрдө да, олох маарыннаппатын накааһа сыттаҕа. «Хайа да бэйэлээх кырасаабысса омуктуу саҥаран ыҥырдаҕына, мин да өйдүөм биллибэт» диэн дьээбэлээҕи санаан, онтуттан саҥа таһааран, күлэн сыһыгыраан ылла.

Бүөккэ көлүкэтэ наһаа улахана суох, үчүгэй саа уҥуор-маҥаар тэбиэх курдук, биирдиилээн-иккилиилээн ааһар чөккөөкүлэри киһи ытыах да сириттэн ыппакка, саатынан батыһыннара-батыһыннара оҕо курдук айаҕынан «түҥ-түҥ» дии олордо. Иһигэр «мин чөккөөкүлээн бүппүтүм, сөп буолар бултана сытар» диэн бигэ санаалаах олордо, халыҥ үөрдээх үөл кус халыйа анньан кэлэрин, ону хайдах холбоон тиэрэ тэптэриэхтээҕин, күөрэтэн таммалатыахтааҕын хараҕар оҥорон көрөн долгуйан ылар. Борук-сорук буолуута түөрт моонньоҕон эбэ диэкиттэн санньылыһан кэлэн, эргийэ көтөөт, мончууктар тастарыгар түһүнэн кэбистилэр уонна хамсаабакка күөкэһэн олордулар. Бүөккэ саатын туһулуу тутан, холбуулларын кэтэһэн олордо. Чочумча буолаат, үөс диэки олорор кус оргууй сыҕарыйан, аттынааҕы куска чугаһаан биэрдэ, маны эрэ кэтэһэн олорбут Бүөккэ иккиэннэрин биирдэ ытан кэбистэ; атын икки куһу туран истэхтэринэ, утуу-субуу түһэртээтэ.

Мааҕыттан ыппакка чуҥкуйан олорбута ааһан, дурдатын иһигэр ойон туран астыммыттыы кустарын диэки көрүтэлээтэ. Кустарын ылан отуутун диэки хааман куһуйда, ыраахтан кулуһун уота кыламныырын, буруо тыргылларын сэргии көрө истэ. Отуутугар тиийбитэ, дьоно иккиэн кэлэн, оллоон таһыгар кэпсэтэ олороллор, Бүөккэ чугаһаабытыгар Бааска:

— Ыалдьар сирдээх уолбут тахсымаары гынна дуу дэспиппит, аһылыгы куоттарбат өрүөлгүн быһыы­лаах, — диэн күлэн кэчигирэттэ.

— Кыайар сиргин булбуккун быһыылаах, арааһа, үчүгэйдэтэн тахсыбыккын дуу, хайдах? Сааҥ тыаһа сүрдээх этэ.

Ити тыллартан аны Куола күлэн сыһыгыраата.

— Эйиэнэ хаһый? — үрүсээгин уста турар киһиттэн Бааска ыйытта.

— Түөрт моонньоҕон, — Бүөккэ кустарын хостоон тэлгэтэлээтэ. — Оттон эйиэнэ хаһый? — мунчааран олорор Бааскатын, күлэн сыһыгырыыр Куолатын диэки көрбөлөөтө.

— Мм-даа, буоллаҕа. Дьон үстэ ытан түөрт кустаахтар, мин сэттэтэ ытан икки кустаахпын, ол үрүсээк анныгар сыталлар, тыйаахтар, — диэн, бэйэтиттэн астымматах куолаһа иһилиннэ, сыҥааҕын ньолох гыннаран үрүсээгэ тэнийэ сытар сирин ыйда.

Хайдах кустарын бултаабыттарын, Куола хайдах атыыр чөккөөкүнү угуйа сатаабытын күлэ-сала кэпсэтэ, хаадьылаһа, сып-сап аһыы охсоот, дурдаларыгар тиэтэйдилэр.

Киэһээҥҥи курдук буолбата, Бааскалаах Куола сааларын тыаһа дөрүн-дөрүн иһиллимэлээтилэр. Бүөккэ да кураанах олорбото, дурдатын булаатын аҕай үс күртэн кэлэн биэртэрин иккитэ эрэ тыаһаата, утаакы буолаат, аны үс тыйаах түспүтүн холбоон баран, биирдэ ытан кэбистэ. «Үстүү буолан сылдьар күннэрэ үүммүт дуу?» диэн таах олоруохтааҕар санаан аһарда.

Халлаан сырдаан, көтөр кынаттаах саҥата хойдон, илин саҕах кытара кыыһан саҥа күн үүнэн эрэрэ билиннэ. Ыраас-чэбдик салгын дууһаны долгута, сүргэни күүрдэ үтүөнү эрэ кэрэһилиир курдуктар. Бу дьикти абылыыр кэрэттэн Бүөккэ санаата көтөҕүллэн, түөһүн муҥунан салгыны эҕэрийбэхтээтэ, олорон эрэ саннын хамсатан, сиһин мускуйан, кэдэрийбэхтээн этин-хаанын айылҕаны батыһыннара уһугуннарда. Бу олордоҕуна эбэ арҕаа баһын диэкиттэн хара туочукалар иһэллэрэ көһүннэ. «Умсаахтар быһыылаах» диэн сэрэйэ санаата, өр буолбатылар — кустара бу сирилэһэн кэллилэр, өрөҕөлөрө маҥхас гынан, кынаттарын саратан, атахтарын иннилэрин диэки сараччы тэбэн, иккилэрэ тардыы мончуук таһыгар түһүнэн кэбистилэр. Икки кус ситэ түспэккэ аһара көтөн истэхтэринэ, Бүөккэ саатын туһулуу тутан ойон турда, кустара уҥа өттүнэн ойоҕолуу көтөн ааһан эрдэхтэринэ, сырыһыннаран түһэртээтэ, ол кэннэ соһуйан дайа сатыы сылдьар кустарын эр-биир охтортоото. Астыммыт быһыынан көхсүн этиттэ, тыытыгар киирэн, кустарын хомуйан таҕыста.

Бүөккэ санаата көнөн, киҥинэйэн ыллыы олордо. Эбэ арҕаа баһын диэки кыҥастаһа олорон ыраах, харах дала барбах ылар сиригэр көтөр быһыыларыттан көрдөҕүнэ, улахан көтөрдөр иһэллэрин биллэ. «Хаастар дуу, кубалар дуу?» диэн таайа сатаата. «Аны бу диэки кэлээйэллэр?» диэн улахан булка сааланар түгэн тосхойуоҕуттан сүрэҕэ күүскэ-күүскэ тэбиэлээн долгуйуу бэлиэтэ уйулҕатын хамсатта. Саатыгар укта сылдьар ботуруоннарын хостотолоон, «сэрэххэ» диэн туһунан укта сылдьар бөдөҥ доробууналаах ботуруоннарын симтэ.

Улахан көтөрдөр көрдөххө аа-дьуо дайбаналлар эрээри, сири хоруталлара түргэнэ бөҕө, хайыы-үйэҕэ киһи хараҕа араарар буолла.

Па! Кубалар эбит. Бүөккэ «аны хаастар буолуо» диэн тыҥаабыт уйулҕата, этэ-сиинэ эмискэ налыс гынан, долгуйуута ханна эрэ сүтэн хаалла, билигин да ыраах иһэр кубалары айылҕа айбыт биир кэрэ көтөрдөрүн эрэ быһыытынан кэрэхсии көрө олордо. «Хоту дойду кыргыттара куба түүтэ бэргэһэ кэтэ сылдьаллара көрүөххэ наһаа да үчүгэй, мап-маҥан, ып-ыраас», бу кыһын устудьуоннуу сылдьар соҕотох, маанылаах кыыһа, тапталлаах оҕото Кээтиккэтэ каникулугар кэлэ сылдьан ымсыырбыттыы, хайдах эрэ өссө киниэхэ туһаайан кэпсээбитин санаан кэллэ. Бачча сааһыгар диэри элбэхтэ кубаларга түбэстэ да, биирдэ даҕаны бултаспатаҕа, бултуур туһунан санаа да киирээччитэ суох, оҕо сылдьан биирдэ аҕатыттан: «Аҕаа, ити кубалары тоҕо бултаабаппыт?» — диэн ыйыппытыгар «айылҕа маанылаах оҕолорун, кэрэлэрэ бэрт, киэһэ аһыыра суохха дылы» диэбитэ. Чочумча саҥата суох олорбута, ол кэннэ «биһиги, сахалар, аньыыргыыбыт» диэбитэ. Ол оннук тыытыллыбат диэн өйдөбүл өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт. Туохтан төрүөттээх, тоҕо аньыы буоларын токкоолоһо барбатаҕа.

«Бээ, эрэ! Хоту эмиэ сахалар олороллор ээ, кинилэр тоҕо эрэ аньыырҕаабакка бултуур сурахтара иһиллэр. Кубаны бултаан туох эрэ куһаҕан буолбуттар диэни истиллибэт. Мин да оҕом атын оҕолортон туох итэҕэстээҕий? Кини да куба түүтэ бэргэһэ кэтэн сэгэлдьийэ сылдьара тоҕо сатаммат?» — Бүөккэ төбөтүн иһигэр бу үлүгэрдээх элбэх санаа кыл быһа ыстанар түгэнин иһэ субуһан аастылар. Хараҕар кылбаа маҥан бэргэһэлээх үөрбүт-көппүт Кээтиккэтин сэбэрэтэ көстөн ааста, түгэн көстүбүччэ, оҕотун үөрдүөх баҕата киирэн кэллэ.

«Булт аата булт буоллаҕа! Туох улахан аньыыта кэлбит үһү!» Бүөккэ бултаһар бигэ санааны ылынан, күрэхтэһэ киирэн иһэр курдук, туохтан да толлубат, аҥаардас кыайыы эрэ туһугар туох баар күүһүн, өйүн-санаатын түмэр туругар киирдэ, уоскуйбут сүрэҕэ хаттаан күүскэ-күүскэ тэбиэлээтэ, этэ-сиинэ тыҥаан, уйулҕата долгуйда.

«Оҥоһуу, ыйаах» диэн көтөрдөргө эмиэ баар баҕайыта дуу? Эбэтэр Бүөккэ «оҥоһуута» эбитэ дуу? Тоҕо эрэ эбэни ортотунан көтөн испит көтөрдөр көнөтүк ааһа көтө турбакка, кини көлүкэтин туһугар кэлээт, этириэс туора салаллан уун-утары дайбаннылар, ыраахтан сылайан иһэр көтөрдөр күн уотугар күлүмнээн, налыйан-наскыйан, дьоҕус эрээри, кэрэ көстүүтүнэн угуйа сытар көлүкэҕэ бүөмнээн түһэн, сэниэ ылан ааһыахтарын баҕардылар дуу?

Кубалар уһун моонньуларын утары анньан, кынаттарын төбөтүнэн барбах дайбанан, утары кэлэн иһэн супту түспэккэ, Бүөккэ хаҥас өттүнэн уонтан тахса саһаан холобурдааҕынан халыйа көттүлэр.

Бүөккэ олоҕуттан ойон турда, көтөрдөрө соһуйбатылар, көппүттэрин курдук налыччы көтөн истилэр, арай инники испит куба төбөтүн барбах хайыһыннаран көрөн ылла.

Инники куба кынатын үөһэ диэки сарас гыннаран хонноҕун анна аһылларын сөп түбэһиннэрэн Бүөккэ элбэрээгин төлө тарта…

Көрөн турдахха, куба ойоҕоһо түүтэ силэллэн кытар гына түстэ, ону кытта даҕаспытынан «Хоуу!» диэн сүрдээх хатан, киһи куйахата үмүрү тардар хаһыыта, хайдах эрэ киһи айакалаан иһэн ситэ саҥарбатаҕар «Аай!» диэбитигэр майгылаан иһилиннэ уонна хоолдьугун сууламмытынан аллара курулаата. Бүөккэ көтөрө түһэрин ситэ көрбөккө, төһө да дьик гынан ыллар, санаммытын ситэрэр санаалаах иккис куба диэки саатын туһулаата, хараҕын кырыытынан көрбүтэ, саатыбара ситэ түспэккэ, аара чоройо сылдьар, тохтуу биэрэн саатын иһин өҥөйдө, кумааҕы ботуруон быһа тэбэн алтан эмэһэтэ эрэ тахсан, туора кыбыллан харыарбыт.

Оо! Болдьоон-хаһаан буолар да эбит. Тугу эрэ тыытыллыбаты тыыппытыттан, оҥоруох буолбутун ситэ оҥорботоҕуттан өйө-санаата төһө да бэриммэтэр, ис айылгытынан сэрэйэн отуора хамсаан ылла.

Ити икки ардыгар бастакы кубата от саҕатыгар түһэр сүр күүстээх бүтэҥи тыаһа иһилиннэ, иккис куба доҕорун ааһа көтөн иһэн «Хооҥ-хоо!» диэн ыҥырар саҥата иһилиннэ.

…Маннык түгэннэргэ холкутук, түргэнник, туох сыысхал буолбутун туората охсор үгэстээх Бүөккэ бу сырыыга ыгылыйа быһыытыйда, ботуруонун хасыһа туран, аны алын өттүттэн атын ботуруон тахса сатаан кыбылынна, хайдах да саатын ыстаҕына сатаныыһы.

Бу кэмҥэ тыыннаах кубата быстах саҥаран, эргийэн кэлэн, тула уута кыа хаан буолан кынаттарын саратан, өлө сытар доҕорун кэннигэр түһүнэн кэбистэ, ол кэннэ соруктаах баҕайытык устан кэлэн, тумсунан көхсүттэн анньан көрдө.

Маны барытын көрө олорбут Бүөккэ уйулҕатыгар туох эрэ уларыйыы таҕыста, сүрүн баттатан, сүрэҕэ туох эрэ кыараҕас хаа иһигэр хаайтарар курдук тэбиэлээтэ, ол онтон курус санаа өйүгэр бэриллэн төннүбэт алҕаһы оҥорбутун билиннэ. Бүөккэ дурдатын иһигэр тимис гынан саатын кытта хаһыста.

Эмискэ сүр күүстээх кынат тыаһыттан чынас гына түспүтэ, кубата айаҕын атан, харахтара чоҕулуһан, киниэхэ саба түһэрдии уун-утары көтөн таҕыста, Бүөккэ аһаран биэрэрдии эмиэ хаптас гынна уонна хаҥас илиитигэр тутан олорор саатын уоһунан далбаатанна, кубата сиирэ-халты таптаран ааһа көттө. Бүөккэ саатын хасыһарын тохтотон кубатын батыһа көрдө, анарааҥҥыта көлүкэни өссө биирдэ эргийэ көттө, онтон эбэ ортотугар тиийэн, мууска олорунан кэбистэ.

…Бүөккэ саатын хомуйан бүтэн, бу кылгас кэм иһигэр туох буолбутун эргитэ саныы, оҥорбут алҕаһа хайдах даҕаны көннөрүллүбэтин өйдөөн «акаары төбөтүн» харса суох мөҕүттэ чочумча олорбохтоото, онтон өй ылан, дурдатыттан тахсан, кубатын ылан кэллэ.

Туох да күттүөннээх санаа төбөтүгэр киирбэккэ, тула өттүгэр туох буоларыгар аахайбакка, хайдах эрэ дөйбүт курдук, туохха да суолта биэрбэккэ, ээл-дээл көрө олорон эмискэ төбөтүн иһигэр: «Бээ, эрэ! Уолаттарым туох эрэ дииллэр? Хайҕаабаттара биллэр! Оо, дьэ! Моһуок да буолар эбит! Таах сибиэ… Акаары төбө! Арай кистээн кээстэхпинэ? Эс, хайдах да сатаммат. Көрөн олордохторо дии, хайа тыаһым, куба хаһыыта уонна ол куба соҕотох тиийэн мууска түһүүтэ. Сатаммат! Хайдах да сатаммат! Быстах санаабар эрэйи булан ыллым буолбаат!» — диэн санаа киирдэ. Бүөккэ уолаттарыгар тиийэн туох диэн санааларын табыан ырыта сатаата да, бачча сааһыгар диэри сымыйалаан көрбөтөх киһи ханнык да алы гыннарар төрүөтү булбата, туох санааттан итинник быһыыламмытын баарынан, кырдьыгынан кэпсииргэ сананна.

… Отууга кэлиитигэр уолаттара чэйдии олорон көрүстүлэр, туох да саҥа суох. Бүөккэ урут кубатын сиргэ уурда, онтон саатын, үрүсээгин уһулла, кустарын сүөкэтэлээн кэккэлэтэ уурталаата. Бу тухары ким да тыл ыһыктыбата, уолаттара аһаабыттарын курдук аһыы, ол эрээри кини хас хамсаныытын барытын кэтээн көрө олордулар.

Быһыы-майгы тыҥаабыта, бэл, салгын хойдубукка дылы буолла, Бүөккэ уонна уолаттарын икки ардыгар көстүбэт быыс тардыллан хайдах эрэ икки аҥыы араартаата, ол быыһы арыйарга Бүөккэттэн урут тыл эрэйиллэрэ билиннэ.

«Хорсун, хоодуот Бүөккэлэрэ» отууга кэлиэн инниттэн «чуурун биэрэн», оҥорбут алҕаһын билинэн, санаата самнан кэлиэ эрэ диэбэтэхтэрэ. Бүөккэ кэнники тыллара аны кинилэри толкуйга түһэрбитэ. Хайдах көмөлөһүөхтэрин? Тугу сүбэлиэхтэрин? Ол туһунан санаабакка да олорбут дьоҥҥо соһуччу буолбута.

… — Ордук өлөн эрэр куба тиһэх хаһыыта уонна доҕорун сүтэрбит куба өлө сытар доҕорун «Туох буоллуҥ?» диэбиттии көхсүттэн анньыалаабыта уйулҕабын көтүттэ… — Бүөккэ доҕотторун диэки көрөн ылла.

… Көҕөрүмтүйэ туналыйар эбэ мууһун, ол ортотугар киһи хараҕа барбах арааран көрөр, хамсаабакка олорор кубаны кыҥастаста.

…Ортолуу утуйан иһэн кыланар хаһыыттан уһукта биэрдилэр.

Бүөккэ тулуйа-тэһийэ сатаан баран, тыаһа суох туран таһырдьа таҕыста. Күөл диэки кубатын көрө олорон, сойбут чэйи куттан ыймахтаата….

Дмитрий ПОНОМАРЕВ

* * *

«Кут уйбат алҕаһа» «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэннэ. Ааптар Дмитрий Пономарев бу кэпсээнин кинигэҕэ сиһилии ааҕыаххыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0