Куска баҕас “тойон” этим…

Ааптар: 
25.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Сэрии кэнниттэн чэпчэки сыаналаах биирдии-иккилии уостаах, боростуой соҕус көрүҥнээх саалары дьон хамаҕатык атыылаһар буолбута. Убайым эмиэ оннук сааҕа тиксэн, саха тэҥэ суох курдук санаммыта. Аны санаатахха, билиҥҥи сааларга холооно суох судургу оҥоһуулаах эбит.

Арай, саҥа сааны көрүү-истии кэмигэр бултан тэйбитэ ырааппыт эһэм: “Бу бэйэлээх саанан, ама, куһу-куобаҕы киһи сыыһа ытыа дуо? Мин эргэ тууккабынан сэттэлии көҕүллээҕи биир ытыынан охторорум”, — диэн өрө хобдьоорон, сөҕө-махтайа олорбута.
Онуоха кэтэҕириин орон диэкиттэн эбэм эмээхсин: “Ити оҕонньор сымыйата. Мөлтөх булчут этэ, оннук айылаах куһу-куобаҕы сүгэн-көтөҕөн кэлбитин тоҕо эрэ өйдөөбөппүн”, —
диэн саба саҥарбыта. Эһэм ол аайы кыһаммат, бачча кырдьыар диэри эмээхсиниттэн оччолооҕу истэн-истэн кэллэҕэ. Тэбэнэттээх аймах уол баара тэптэрэн биэрээччи буолла: “Охонооһой, хата, булт түгэниттэн биири эмит кэпсээбэккин ээ. Эбэбит эмээхсин олус хотоору гынна…” Эһэм, кырдьык даҕаны диэбиттии, маннык түгэни кэпсээбитэ оҕо
өйбөр хатанан хаалбыт.
— Тойон Сайылык тамаҕар көлүйэттэн отучча хаамыылаах сиргэ балаҕаннаах этибит. Оччолорго атахха туруоран ытар биинтэ саалана сылдьыбыттааҕым. Саха ууһа оҥороро, олус көнөтүк ытара. Бандьыыт саҕана барытын хомуйан ылбыттара. Билигин кимиэхэ даҕаны суох.
Ити эмээхсин киирэ-тахса сылдьан: “Көлүйэҕэ кус уста сылдьар, тоҕо тахсан ыппаккын”, — диэн хомуруйар. Халҕаны арыйан көрбүтүм, кырдьык, биир көҕүллээх түһэн аһыы сылдьар. Буораҕым, буулдьам баар. Арай, бөстүөнүм суох, бүппүтэ. Саабын ииттэн баран, дьукаахпын Кирилэни:
“Чохто таһааран, даҕайан кулу”, — диирбин туох иһин буолуммат, саллар быһыылаах. Дьэ, кыһалҕа буолла. Хата, эмээхсиним Кирилэни: “Эр киһи ааттаах. Сыпсынан чох таһааран
даҕайартан куттанар туох буолбут киһигиний?!” – диэн мөҕөн, саатырдан, тахсыһар буолла.
Мин саабын таһааран, атаҕар туруоран, куспун кыҥаатым. Кирилэм сап-салыбырас илиитинэн оһохтон  чох таһаарбытын даҕайда. Куспун курдары ытан ыллаҕым ол! Куска, куобахха баҕас “тойон” этим. Ону ити эмээхсин даҕаны бигэргэтиэ. Маннык үтүөкэн саанан, ама, ким бултаабат, бултуйбат буолуой, — дии-дии убайым саатын имэрийэ олорбута.
Эһэм кэпсээнин итинник түмүктээбитэ. Кэтэҕириин диэкиттэн “сымыйалаата” диэн саҥа иһиллибэтэҕэ. Элбэх күн-дьыл хаарын бииргэ уулларбыт,
сарын-сарыннарыттан өйөнсөн ыар сыллары туораабыт, оҕо-уруу бөҕөнү төрөтөн ииппит-улаатыннарбыт, бултууругар көх-нэм буолбут эбэм барахсан бу сырыыга туорайдаспатаҕа,
уруккуну-хойуккуну санаан, иһийэн хаалбыта…

Иван БУРЦЕВ,

«Саха сирэ» хаһыат, 2016 сыл

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0