Кустааһыны бобуохтарын баҕараллар

Ааптар: 
31.03.2020
Бөлөххө киир:

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Арассыыйа Федерациятын сиригэр-уотугар сааскы бултааһыны бобор туһунан барылы бэлэмнээтэ. Бултааһыны хаарчахтыырга сүрүн төрүөттэртэн биирдэстэринэн Кытай Ухань куоратыгар бэлиэтэммит вирус ааттаммыта.


Арассыыйаҕа Кытайга 2019-nCov коронавирус күүскэ тарҕаныытыттан сылтаан 2020 сылга кустааһыны бобуохтарын баҕараллар.

2020 сылга ууга устааччыларга уонна мас көтөрүгэр сааскы булт аһыллыытын болдьохторо:

Адыгея (көҕөн)- кулун тутар 14 күнүтэн 23 күнүгэр диэри;

Алтаай кыраайа (соҕуруу—муус устар 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри, хоту – муус устар 27 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр диэри);

Амур уобалаһа (соҕуруу – муус устар 18 күнүттэн 27 күнүгэр диэри, хоту – ыам ыйын 2 күнүттэн 11 күнүгэр диэри);

Архангельскай уобалас (мас көтөрүгэр: соҕуруу – муус устар 30 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри, хоту – ыам ыйын 7 күнүттэн ыам ыйын 16 күнүгэр, куска: соҕуруу ыам ыйын 1күнүттэн 10 күнүгэр диэри, хоту ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри);

Брянскай уобалас – кулун тутар 28 күнүттэн муус устар 6 күнүгэр диэри;

Владимир уобалаһа – муус устар 18 күнүттэн 27 күнүгэр диэри; куска: соҕуруу – ыам ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри, хоту – ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри);

Волгоград уобалаһа (соҕуруу — кулун тутар 21 күнүттэн 30 күнүгэр диэри, хоту — кулун тутар 28 күнүттэн 6 күнүгэр диэри);

Вологодскай уобалас (СО (соҕуруу оройуон)—муус устар 25 күнүтэн ыам ыйын 4 күнүгэр диэри, ХО (хоту оройуон) — ыам ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри);

Воронеж уобалаһа (СО – кулун тутар 21 күнүттэн 30 күнүгэр диэри, ХО – кулун тутар 28 күнүттэн муус устар 6 күнүгэр диэри);

Еврейскай автономнай уобалас – муус устар 24 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри;

Иванов уобалаһа – муус устар 18 күнүттэн 27 күнүгэр диэри;

Иркутскай уобалас (СО – муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 4 күнүгэр, ХО – ыам ыйын 2 күнүттэн 11 күнүгэр диэри);

Кабардино-Балкарскай Өрөспүүбүлүкэ – кулун тутар 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри;

Калининград уобалаһа – кулун тутар 15 күнүттэн 24 күнүгэр диэри;

Камчатка кыраайа (СО – ыам ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри, ХО – ыам ыйын 8 күнүттэн 17 күнүгэр диэри);

Кемеров уобалаһа – муус устар 24 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри;

Киров уобалаһа (СО – муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 4 күнүгэр диэри, ХО – ыам ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри);

Кострома уобалаһа (СО – муус устар 23 күнүттэн ыам ыйын 2 күнүгэр диэри, ХО – муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 8 күнүгэр диэри);

Красноярскай кыраай – муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 4 күнүгэр диэри;

Курган уобалаһа (СО – муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри, ХО – ыам ыйын 4 күнүттэн 8 күнүгэр диэри);

Курскай уобалас – кулун тутар 21 күнүттэн 30 күнүгэр диэри;

Липецкэй уобалас — муус устар 4 күнүттэн 13 күнүгэр диэри;

Магадан уобалаһа (СО – ыам ыйын 3-12 күннэрэ, ХО – ыам ыйын 12 — 21 күннэрэ);

Москва уобалаһа – муус устар 11-20 күннэрэ;

Ненецкэй автономнай уокурук (мас көтөрө: СО – муус устар 30 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри, ХО – ыам ыйын 7 – 16 күннэрэ);

Нижегородскай уобалас (СО – мус устар 11-20 күннэригэр, ХО – муус устар 18 — 27 күннэрэ);

Новгород уобалаһа — (СО – муус устар 11 – 20 күннэрэ, ХО – муус устар 25 күнэ – ыам ыйын 4 күнэ);

Новосибирскай уобалас — (СО – муус устар 16-25 күннэрэ, ХО – муус устар 21-30 күннэрэ);

Омскай уобалас — (муус устар 25 – ыам ыйын 4 күннэрэ);

Оренбург уобалаһа (СО кулун тутар 28 – муус устар 6 күннэрэ, ХО – муус устар 4 – 13 күннэрэ);

Орлов уобалаһа – кулун тутар 28 – муус устар 6 күннэрэ;

Пенза уобалаһа – муус устар 11 — 20 күннэрэ;

Пермь кыраайа (СО – ыам ыйын 1 — 10 күннэрэ, ХО ыам ыйын 9 – 18 күннэрэ);

Приморье кыраайа (СО – кулун тутар 28 марта – муус устар 6 күннэрэ, ХО — муус устар 4 — 13 күннэрэ);

Псков уобалаһа — муус устар 11 — 20 күннэрэ;

Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ — муус устар 25 – ыам ыйын 4 күннэрэ;

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтэ – муус устар 25 апреля – ыам ыйын 4 күннэрэ;

Дагестан Өрөспүүбүлүкэтэ ( көҕөҥҥө эрэ) – кулун тутар 1 – 10 күннэрэ;

Ингушетия Өрөспүүбүлүкэтэ (хаастан ураты) – кулун тутар 25 – муус устар 3 күннэрэ;

Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтэ – кулун утар 14 — 23 күннэрэ;

Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ – ыам ыйын 1 – 10 күннэрэ;

Коми Өрөспүүбүлүкэтэ – ыам ыйын 1 – 10 күннэрэ;

Марий Эл — муус устар 18 — 27 күннэрэ;

Мордовия Өрөспүүбүлүкэтэ муус устар 7 – 16 күннэрэ;

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — (ыам ыйын 6 күнүттэн оройуоннарынан) – ыам ыйын 6 – бэс ыйын 10 күннэрэ.

Дьэ, бу халыҥ испииһэк ити курдук салҕанан бара турар.


Оттон маннык эрэгийиэннэргэ бобуулаах:

Крым Өрөспүүбүлүкэтэ – булт бобуулаах

Краснодарскай кыраай — булт бобуулаах

Астраханскай уобалас – булт бобуулаах

Ростовскай уобалас – булт бобуулаах

Чеченскэй Өрөспүүбүлүкэ – булт бобуулаах

Хотугу Осетия — Алания – булт бобуулаах

Тверь уобалаһа – булт бобуулаах

Белгородскай уобалас – булт бобуулаах

Женни СТРЮКОВА бэлэмнээтэ.

Хаартыска — интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0