Баччаларга тыа ыалыгар кус сиир дьоро киэһэлэр үүнэллэр. Итинэн сибээстээн Чурапчы Далбар хотуна Маарыйа Саабына эдэр хаһаайкаларга куһу хайдах тутан-хабан астыыр туһунан тэттик сүбэлэрин биэрэр.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Үргүүр саталы эрэйэр
Куһу, уопсайынан көтөрү, өлөрөөт тута үргээтэххэ олус үчүгэйдик ыраастанар. Ол эрээри, үгүс киһиэхэ оннук түгэн сэдэхтик тосхойор. Булчуттар куһу өлөрөн баран, ханыы көрдөтөн хас да хонукка сытыарааччылар. Эбэтэр көҥүллэммит болдьох саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри бултаммыт кус эмиэ балачча кэм устата умуһахха мунньуллар. Хас да хонукка сыппыт кус түүтэ үчүгэйдик үргэммэт, төрдүнээҕи ньуолах түүтэ хаалар. Ону оргуйбут итии ууга уган ылаат, үргээтэххэ ордук үчүгэйдик ыраастанар. Булуустан таһаарыллыбыт кус түүтүн эмиэ маннык ньыманан үргэнэр.
Куһу үргээбит кэннэ ордон хаалар төрдүнээҕи ньуолах түүнү ыраастыыр туһугар, сатабылы эрэйэр. Үөрүйэх хаһаайкалар үргэммит көтөрү бурдугунан сотоллор. Оччоҕуна бытархай ньаассын түүлэрэ өрө хороһон тахсаллар. Ону чүмэчи уотугар сырайан эбэтэр газ оһох төлөнүгэр кэриэрдэн ылгыыллар.
Туойга суулаан буһарыы
Мындыр саха булчуттара барахсаттар тыаҕа туох да иһитэ-хомуоһа суох сылдьан, хата, кимнээҕэр үчүгэйдик тэринэн күөстэнэн аһыыллара. Ол курдук, куһу, уопсайынан көтөрү, үтэһэҕэ үөлэн сииллэрэ эбэтэр туойга суулаан буһараллара.
Туойга куһу суулаан буһаран сиир олус үчүгэй буолар. Итини бэйэ тиэргэнин иһигэр да оҥоруохха сөп.
Үргэниллибэтэх куһу иһин ороон ылан, тымныы уунан сайгыыбыт. Итиэннэ ис өттүгэр тууһу тарҕата сотобут. Иһин ыларга хайыппыт өттүбүтүн үчүгэйдик сабабыт уонна эрдэ бэлэмнээбит туойтан оҥорбут бадарааммытынан биир дэхситик, сөбүгэр халыҥ гына сыбыыбыт. Баар буоллаҕына, икки өттүгэр өрүс тааһын уурабыт уонна үрдүнэн кулуһун оттобут. Биир чаас кэриҥинэн уоппут чоҕо эрэ хаалар. Оччоҕуна туойбутун ылан хайа охсобут. Куспут түүтэ туойу кытары барсар. Бэйэтин симэһинигэр күҥкүтэн буһарыллыбыт кус этэ сүрдээх сымнаҕас уонна ураты минньигэс буолар.
Сэмсэ ас
Ханнык баҕарар кус, көтөр иһин оруурга үөһүн тэспэт курдук кыһаныллыахтаах. Сибиэһэй кус иһин, быарын, куртаҕын ороон ылан, тымныы ууга сууйабыт. Очоҕоһун сэрэнэн ырытабыт, ол эбэтэр сыыйан ыраастыыбыт. Итиэннэ дьоҕус иһиккэ уган, бэйэтигэр сөп гына хортуоскалаан, лапсалаан, лууктаан, тумалаан миин бэрдин буһарабыт. Оҕолорго сэмсэ гынар ас буоллаҕа ити.
Кус миинэ
Куһу үргээн, иһин хостуубут. Өр сыппыт кус иһэ сыттаах буолар, ону быраҕабыт.
Холун, буутун, көхсүн, түөһүн тус туспа арааран эттиибит. Тымныы ууга кыратык сайҕаан ылабыт. Көстүрүүлэҕэ икки куһу уган, үс лиитэрэ ууну кутан 1-2 чаас устата туруора түһэбит. Онтон хостоон атын иһиккэ ылан, саҥа ууну кутан оһоххо туруорабыт. Оргуйдаҕына тахсар күүгэнин холбуйабыт. Амсайан көрөн туустуубут. Уотун арыый мөлтөтөн, биир чаас кэриҥэ оргутан буһарабыт. Хортуоппуй, бэрмисиэл, луук кутабыт.
Күөс оһоххо туруоруллуоҕуттан 1,5 чаас устата оргуйан, кус атаҕа арахса сылдьар буоллаҕына, ол аата — буспут. Остуолга аҕаларга уолдьаспыт.
Саха лапсатынан тупсаран
Кус миинин саха лапсата ордук минньитэр.
Өбүгэлэрбит бурдугу ыһар буолуохтарыттан саха сандалыта араас астарынан байытыллыбыта. Олортон биирдэстэрэ лапса буолар. Маны соҕурууттан аҕалыллар бэлэм бородууксуйаттан арааран, «саха лапсата» диэн ааттыыбыт уонна сүрүннээн кус, куобах этин миинигэр кутабыт.
Биир ыстакаан бурдугу икки устуука сымыыкка булкуйан, онно чаайынай ньуоска аҥара туус эбэн, сөбүгэр хойуу тиэстэни охсон, мэһийэбит. Сымыыт курдук төгүрүтэн баран, миискэнэн саба ууран туруора түһэбит. Оччотугар тиэстэбит сымнаҕас буолар. 10-15 мүнүүтэ кэриҥинэн тиэстэбитин, сыстыбатын диэн бурдуктуу-бурдуктуу, бөлүөк маһынан хатайдаан, чараас гына хаптатабыт.
Рулет курдук төгүрүччү суулаан баран, синньигэстик быһыталыыбыт. Бэйэ-бэйэтигэр сыстыспатын диэн бурдугар былаан сахсатабыт. Тиэстэ бэлэм. Бытаан уокка 10-15 мүнүүтэ буһарыллар.
Соркуойдаан минньитэн
Кус этин хортуоппуйу кытары соркуойдуур эмиэ сүрдээх минньигэс буолар. Куһу үргээн, ыраастаан, эттээн, хортуоппуйу кытары соркуой иһитигэр угабыт. Үрдүн сабар саппат уу уонна кулинарнай сыа кутабыт итиэннэ хаппахтаан уокка туруорабыт. Оргуйан эрдэҕинэ лууктуубут, тумалыыбыт. Орто уокка уурабыт.
Уһун тымныы кыһын кэнниттэн салаллан кэлбит сайыны көрсө минньигэстик аһааҥ!
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru