Амма Сатаҕайыттан төрүттээх, идэтинэн тутааччы уол Айтал Неустроев номнуо иккис сылын хонуу курупааскытын (перепелка) иитэр. Икки сыллааҕыта, сүүрбэ үс саастаах уол эргэ хотону өрөмүөннээн, бэйэ дьыалатын саҕалаабыта…
edersaas.ru
САНААТЫН ТҮҺЭРБЭТ АЙТАЛ
Айтал Сатаҕай орто оскуолатын бүтэрбит сылыгар, сайын оттуу сылдьан, үрдүк үөрэххэ туттарсыы болдьоҕун куоттаран кэбиһэр. Онтон санаарҕаан барбакка, Покровскайдааҕы кэллиэскэ «биисинэс-технология” салаатыгар киирэр. Биир сыл үөрэнэн баран, аармыйаҕа ытык иэһин толоро барбыт. Уолбут дойдутугар кэлэн баран, урукку үөрэҕэр барбакка, аны, ХИФУ технологическай институтугар туттарсан киирэр. Үөрэҕин бүтэрэн, билигин тиэхиньик-тутааччы идэлээх.
Үһүс кууруска курсовой суруйа сырыттаҕына, бииргэ үөрэнэр доҕоро «Саха сирин урбаанньыттара» сурунаалы аҕалан биэрбит. Айтал онно эдэр урбаанньыттар дьыалаларын хайдах, туохтан саҕалаабыттарын ааҕан баран, “мин да маннык сатаабаппын дуо” диэн санааҕа кэлбит. Идэтинэн үлэлии сылдьан, өссө туох эрэ дьарык наада диэн толкуйга түспүт.
ХАЙДАХ САҔАЛААБЫТЫЙ?
Онтон хонуу курупааскыларын иитэр санаа киирбит. Бу көтөрдөрү, биисинэһи күн-түүн үөрэтэ сылдьыбыт. 2018 сыл күһүнүгэр, хонуу курупааскытын иитиинэн дьарыктанар, куорат таһыгар олорор дьонтон биэс уон устууканы ылан, дойдутугар кыстыы тахсыбыт.
— Бастаан баанньыкпар турбуттара. Онон ыксалынан эргэ хотону өрөмүөннээн, онно этэҥҥэ кыстаппытым. Күн аайы отучча сымыыты ылар этим. Дэриэбинэм дьонугар амсата биэрбиппин сөбүлээбиттэрэ. Онтон маҕаһыыҥҥа туттарар буоллум. Билиҥҥи туругунан, 560 курупааскылаахпын. Сүүрбэлии устуукалаах сэттэ хоруопканы таһаарабын. Сымыыттара Дьокуускай куоракка, Сатаҕайга, Аммаҕа, Аллараа Бэстээххэ атыыланар.
“ҮС МӨЛҮЙҮӨН!”
Айтал дэриэбинэтигэр үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, олохтоох исписэлиистэр сүбэлээннэр, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрбит «Агростартап» граныгар кыттар. Улуус дьаһалтата, баһылык өйөөннөр, көмөлөһөннөр, дьыалатын сурукка тиһэр, биисинэс-былаан оҥостор. Дьокуускайга дьүүллүүр сүбэҕэ ситиһиилээхтик көмүскээн, куонкуруһу ааһар!
— Онон үс мөлүйүөннээх сэртипикээтинэн наҕараадаланным. Биллэн турар, отчуоттанар, туспа ирдэбиллээх үп. Бу сайын сэттэ тыһыынча курупааскыта киирэр хотонун туттаммын, үөрүүм муҥура суох. Икки үлэһиттээхпин. Уот тиһигэ киирэн бүттэ. Билигин урукку хотоммутуттан көһөрбүт хаалла.
БАҔА САНАА – БАЙҔАЛ КҮҮҺЭ
Айтал бэйэ дьыалатын саҕалыыр олус ыарахан диэн этэр. Ол эрээри, баҕалаах буоллаххына, ыарахаттары тулуйаҕын. Урут дьоҥҥо хонуу курупааскытын иитиэм диэтэҕинэ, «эс, ким ылар үһү. Сатаныа суоҕа» диэн сорохтор итэҕэйбэттэрэ үһү.
— Баҕарбытыҥ барыта тута олоххо киирбэт. Үлэлиэххэ, сыралаһыахха наада. Холобур, успуорка биирдэ дьарыктанаат да, барыларыттан түргэнник сүүрэр буолбаккын. Уһуннук, дьаныардаахтык эрчилиннэххинэ эрэ, туох эрэ ситиһиилэниэххин сөп. Биисинэскэ, чуолаан, тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ оннук. Онон тулуйуохха, кэтэһиэххэ наада эбит.
Эдэр дьоҥҥо туһаайан, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах дьарыкка ылсыҥ, куттанымаҥ. Дойдугутун, нэһилиэккитин сайыннарсыҥ. Холобур, мин дэриэбинэм дьоно, оскуола, уһуйаан оҕолоро иҥэмтиэлээх, туһалаах, сибиэһэй аһынан аһаатыннар диэн улахан баҕа санаалаахпын. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут билигин эдэр дьону наһаа өйүүр, көмөлөһөр. Дьиэ буоллун, үлэҕэ, урбааҥҥа сонун санаа буоллун. Онон санааҕытын олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ!
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru