Бүгүн Саха сиригэр — Арктика күнэ. Биэс сыл устатыгар тиһиктээхтик тэриллибит бэлиэ күн чэрчитинэн, «Куруһаала» атыы-эргиэн дьиэтин киэҥ-куоҥ уораҕайыгар олохтоох оҥорон таһаарааччылар бэртээхэй быыстапка-дьаарбаҥкалара тэрилиннэ.
Быыстапкаҕа СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Александр Саввинов сырытта. «Биһиги саҥа, сонун сүүрээни, оҥорууну көрдүүр, ирдиир быыстапканы аан бастаан тэрийдибит. Тоҕо диэтэххэ, Арктика элбэх боппуруоһу быһаарары ирдиир, ол иһигэр ыраах сытарынан тырааныспар боппуруоһа көрүллэрэ наада. Мин бу быыстапка, тэрээһин элбэх кыһалҕаны быһаарарга төһүү, тирэх буолуо, көмөлөһүө дии саныыбын», — диэтэ миниистир. Кини маны сэргэ, Арктика эрэгийиэннэрин эргиччи сайыннарыыга, бырамыысыланнастан саҕалаан олорор усулуобуйаны тупсарыыга, о.д.а. тиэмэлэргэ төгүрүк остуол ыытылларын иһитиннэрдэ.
Миниистир РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика бөлөҕөр өссө аҕыс улууһу киллэрэр туһунан ыйаахха сотору кэминэн илии баттыырыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Салгыы Атыы-эргиэн промышленнай палататын бэрэсидьиэнэ Владимир Членов быыстапка Арктика кэлэр кэмин көрдөрбүтүн ыйда. Арктика ураты бородууксуйатын аан дойдуга кэтэһэллэрин, тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон бука бары эрэгийиэни сайыннарыы боппуруостарыгар болҕомтолорун ууралларыгар ыҥырда, сонун санаалары. этиилэри, быһаарыылары истиэх буолла.
СИА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1