Куртах тоҕо бааһырарый?

08.04.2020
Бөлөххө киир:

Куртах бааһырарын “аныгы кэм кыһалҕатынан” ааттыыллар. Бу ыарыыттан аан дойду нэһилиэнньэтин 14 бырыһыана эмсэҕэлиир. Үгүс киһи куртах тоҕо ыалдьарын уонна онтон хайдах харыстанары соччо билбэтэ куртах бааһырыытыгар тириэрдэр.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат 1-дээх поликлиникатын гастроэнтеролог-бырааһа Мария Гаврильевна ХАЛАННИКОВА биһиэхэ маннык кэпсээтэ:

Куртах бааһырара  (язва)  диэн куртах дьиэктэнэрин этэбит.

2005 сыллаахха австралиецтар Барри Маршалл уонна  Робин Уоррен баас уонна гастрит инфекцияттан үөскүүллэрин быһааран, Нобелевскай бириэмийэни ылбыттара.

Куртах уонна оһоҕос баастара үксүгэр Helicobacterpylori бактыарыйаттан үөскүүллэр. Ону таһынан,  куртах бааһырыытыттан испиирдээх утахтары  уонна кэккэ эмтэри   иһэр дьон эмсэҕэлиир.

Урут маннык баастар истириэстэн үөскүүллэр дии саныыллара, Буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, сорох дьон эрэйдэрин-муҥнарын испиирдээх утаҕынан аһарда сатыыллар.

Куртах уонна сиэн оһоҕос (двенадцатиперстная кишка)  баастарыгар тириэрдиэн сөптөөх  эмтэр:

1.     Ыарыыны намыратар,  сүһүрүүнү бохсор эмтэр  – ибупрофен (нурофен), кеторолак (кетанов) уо.д.а.

2.     Ацетилсалициловай кислота – аспирин, кардиомагнил уо.д.а.

3.     Гормоннаах препараттар  – преднизолон, метипред уо.д.а..

Араас чахчыларынан, бааһырыы улахан дьон 5-10 бырыһыаныгар көстөр. Өскөтүн бааһы эмтээбэтэххэ, хаан барыытыгар тириэрдиэн сөп. Ордук кутталлааҕа диэн,  куртах истиэҥкэтинэн  өтөн киирэр дириҥ баастартан сылтаан, куртах иһинээҕи убаҕас ис көҥдөйүгэр уонна куртах аттынааҕы уорганнарга тоҕо көтөн киириэн сөп.

Бааһы үөскэтэр Helicobacterpylori бактыарыйа куртах искэнигэр эмиэ тириэрдиэн сөп.

Баас хайдах үөскүүрүй?

Ыарыһахтар үксүгэр аһыы иликтэринэ түөс уҥуоҕун  эбэтэр  хаҥас ойоҕос уҥуоҕун аннынан ыалдьарын билэллэр. Аһаабыттарын, уу испиттэрин кэннэ ыарыы кыратык намырыан сөп. Ону таһынан, аҕынньылара төллөр, хотуолууллар, өҕүйэллэр. Баас уустугурдаҕына, киһи хойуута хара, оттон хотуота күрэҥ эбэтэр хаан  өҥнөнөр.

Чинчийиилэр

Ыарыһахтар аан бастаан көрдөрүнэ кэллэхтэринэ, хаан уопсай, биохимическай уонна саах анаалыһыгар хаана барарын-барбатын билэр анаалыстары  уонна быар ыарыытыгар, ВИЧ-ка  хаан анаалыстарын туттараллар.

Булгуччу фиброгастродуоденоскопия (ФГДС) оҥортороллор. Ол аата, имиллэҕэс туруупка көмөтүнэн куртахтарын уонна сиэн оһоҕосторун көрдөрөллөр. Өскөтүн баас баара билиннэҕинэ, эндоскопист-быраас биопсия ылар.

Ыарыһах Helicobacterpylori бактыарыйаны чинчиттэриэн наада. Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар  Булгуччулаах мэдиссиинискэй  страховканан  бу бактыарыйаны ИФА көмөтүнэн быһаараллар. Helicobacterpylori бактыарыйаҕа хаан анаалыһын туттарбыт дьон аҥаардарын түмүктэрэ “положительнай” буолар. Өскөтүн урут бу бактыарыйа баара биллибит уонна эмтэммит буоллаҕына, хонтуруолланар наадатыгар тыынарга тиэс  эбэтэр хойууга  ПЦР (ыарыыны көбүтээччини быһаарар  аналлаах) чинчийиини атын эмтиир тэрилтэҕэ оҥорторуохха наада.

Эмтэнии

Куртах бааһын куртах кислотноһын намтатар препараттарынан эмтэниллэр. Helicobacterpylori бактыарыйата булулуннаҕына, булгуччу 2 нэдиэлэ устата антибиотиктарынан эмтэниэххэ наада. Ыарыһах хаана элбэхтик барбытыттан эбэтэр өр эмтэммэҕиттэн ыарыы уустугурбут буоллаҕына,  кини балыыһаҕа киирэн эмтэниэхтээх. Оттон уустук түгэннэргэ эпэрээссийэ оҥоһуллар.

Ыарыыны сэрэтии

Куртах бааһырбатын туһугар испиирдээх утахтары иһиллибэт. Кардиомагнилы тиһигин быспакка иһэр буоллахха, куртах кислотноһын аҕыйатар препараттары  иһиэххэ наада.

Аймахтаргытыгар куртахтара баастаах уонна искэннээх ыарыһахтар баар буоллахтарына, булгуччу Helicobacterpylori бактыарыйа баарын-суоҕун чинчиттэрэргитигэр  уонна наада буоллаҕына, ФГДС оҥортороргутугар сүбэлиибин. 

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0