Аармыйаҕа сулууспалааһын умнуллубат өйдөбүлүнэн араас байыаннай эбийиэктэргэ харабылга туруу буолар. Харабыллааһын сулууспата (караульная служба) бэйэтэ туһунан устааптаах, быраабылалаах, ону харабылга турар саллаат (часовой) хайаан да үөрэтиэхтээх, нойосуус билиэхтээх уонна эҥкилэ суох толоруохтаах. Утуйа сыттаххына ойутан туруоран часовой эбээһинэһин, ханнык эбийиэк (пост) туох ирдэбиллээҕин, уратылааҕын ыйыттахтарына, чуолкайдык эппиэттээн субурутуохтааххын. Сүрдээх эппиэттээх, кытаанах быраабылалаах булгуруйбат эбээһинэс буолар. Устаабы кэстэххинэ, сыыһа-халты тутуннаххына, начаалыстыба бырастыы гыммат.
Үйэ аҥаарын куоһарар кэмнэр анараа өттүлэригэр мин да саллаат буолан, Чита куораттан чугас Песчанка диэн сиргэ таҥкыыстары бэлэмниир үөрэтэр чааска сыл аҥаара курсааннаабытым. Тааҥканы ыыта, ыта үөрэнэрбит сэргэ, харабыллааһын сулууспатын устаабын “кирэн кикирийэрбит”. Үөрэтэр эписиэрдэр харабыллааһын кэмигэр араас барыта буолуон, өстөөх эмискэ саба түһүөн сөбүн эҥин туһунан сэрэтэллэрин толло, салла истэрбит. Кылаабынайа, часовой постка туран туохха да аралдьыйбакка кулгаах-харах буолуохтаах, бинтиэпкэтин, аптамаатын ииттэн бэлэм тута сылдьыахтаах, харабыллыыр эбийиэгэр часовойдары постарыгар кэритэн туруортуур, уларытар разводящай диэн эбээһинэстээх сержаныттан атыны кими да чугаһатыа суохтаах диэн долоҕойбутугар кытаанахтык хатыыллара.
Ити курдук үөрэнэн, бэлэмнэнэн баран, сулууспалаабыппыт үһүс ыйыгар бадахтаах, биһиги рота, дьэ, аан бастаан нэрээккэ харабылга тура бардыбыт. Мин танкодромҥа хатыылаах боробулуоханан төгүрүтүллэн, кэчигирээн турар үөрэнэр тааҥкаларбытын харабыллааһыҥҥа түбэстим. Олунньу тымныы, ыйдаҥа түүнэ. Ичигэс тулууппар сууланан, санаабар ити тааҥка, ол болох кэнниттэн өстөөх саба түһүө диэн сэрэхэдийэн аптамааппын бэлэм тутан иһэбин. Ыйдаҥаҕа аптамаатым ыстыыга тыбыс-тымныынан килэбэчиҥниир.
Арай иннибэр тэйиччи уот кылахачыҥнаата, күлүктэр барыгылдьыстылар. Сүрэҕим бип-битигирэс: “Ким иһэрий, тохтооҥ!” – күөмэйим ыларынан хаһыытаатым.
“Полка разведкатын начаалынньыга!” – хаһыы иһилиннэ. Мин устаап эрэ, үөдэн эрэ, ыксаан бутуллан хааллым. Разведка начаалынньыга, улахан тойон, хайдах гынабын, дии саараҥныы туран: “Полка разведкатын начаалынньыга, миэхэ кэл!” — диэбиппин кулгаахтарым истэн хааллылар… Ким да буоллун, чугаһатыа суохтаах, разводящай сержаммын ыҥырыахтаах этим.
Ити курдук, аан бастакы харабылга туруубар, харабыллааһын сулууспатын устаабын, часовой эбээһинэһин куруубайдык кэһэн, бэрэбиэркэлээччигэ киирэн биэрэн миэрэлэнэн турабын.
“Курсаан Билээхэп, караульнай сулууспа устаабын куруубайдык кэһииҥ иһин, уочараты таһынан нэрээт!” – диэн ротам хамандыыра бирикээстээн кэбиспитэ. Түүннэри хаһаарыма муостатын сууйан, мастиканан сотон, тааҥка трагынан оҥоһуллубут ыйааһыннаах сыбаабыранан ньылҕаарыччы сууралаан, буруйбун боруостаан үлэ бөҕөҕө түбэспитим. “Аҥала төбө илиилэргэ бокуой биэрбэт” диэн итини этэн эрдэхтэрэ.