Сиртэн булбут харчылаах кумааһынньыккын хаһаайыныгар төннөрөр ордук дуу, полицияҕа тыллыыр ордук дуу? Ол тугунан дьиэлийиэн сөбүй? Ону Сунтаар улууһугар буолбут түбэлтэттэн быһаарыахха сөп.
Ол курдук, Сунтаар полициятыгар биир дьахтар харчытын уорбуттарын туһунан сайабылыанньа киллэрбит. Кини полицейскайдарга быһаарбытынан, кумааһынньыгын ити күн сылдьыбыт маҕаһыыныгар түһэрбитин, киниэхэ төннөрбүттэр. Ол эрэн, иһигэр харчыта суох эбит.
Оперативниктар суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмигэр 41 саастаах дьахтары уорбалаан туппуттар. Бу дьахтар супермаркекка киирэн, муостаҕа ким эрэ түһэрбит кумааһынньыгын булан ылбыт. Уонна онно баар 3 тыһ. солк. тахса харчы баарын бэйэтигэр ылан баран, маҕаһыын үлэһиттэригэр илдьэн биэрбит.
Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит. Ол туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өскөтүн булбут кумааһынньыгын хайдах булбутунан тута төннөрбүтэ буоллар, дьахтар чиэһинэйдик быһыыламмыт, үтүө дьыаланы оҥорбут буолуо этэ. Онуоха баара, 3 тыһыынча туһуттан дьыалаҕа эрилиннэҕэ, биографиятын буортулаатаҕа, уоруйах аатырдаҕа.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.