Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах бөһүөлэгэ 824 нэһилиэнньэлээх. Бүгүн билиһиннэрэр киһим — нэһилиэк аҕа баһылыга Александр Валерьевич Куприянов. Кини 2015 сылтан баһылыктыыр. Быйыл иккис болдьоҕун быыбарга талыллан үлэлээн эрэр.
ЫЧЧАТ СЫЛГЫ-СҮӨҺҮ ИИТЭР БУОЛАН
— Александр Валерьевич, нэһилиэктэр билигин кыстыкка киирэн дьэ, нам-нум буолан олороллор. Эһиги нэһилиэк кыстыкка киириигит хайдаҕый?
— Быйылгы дьылга кыстыкпыт ыарахан соҕус буолара буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Оттуур былааммытын 70% эрэ толордубут. Нэһилиэкпитигэр ынах-сүөһү ахсаана төбөтүнэн — 836. Сылгы төбөтүнэн ахсаана – 547. Син оттуу сатаатыбыт эрээри, кураан дьыл буолан үүнүү мөлтөх. Аһары курааннаан, ойуур баһаардара наһаалыы сырыттылар. Ол түмүгэр, бу ааспыт күһүн биэс хаһаайыстыба ото ойуур баһаарыгар былдьаммыта. 124 туоннаны атын улууһу кытта дуогабардаһан атыылаһаары олоробут. Саҥа дьыл кэнниттэн оппутун тиэйтэрэн аҕалыахтаахпыт.
— Ыччат дьон сылгыны, ынах-сүөһүнү төһө иитэрий? Быйыл от тиийбэтинэн дьон сүөһүтүн аччатара буолуо дуу?
— Сүөһүнү сүрүннээн нэһилиэкпитигэр аҕам саастаахтар көрөллөр. Арай биэс сылтан бэттэх бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар үс эдэр ыччат дьонноохпут. Сылгы-сүөһү тутан олороллор. Ол курдук, Илья Мохначевскай, Ньургун Габышев, Дьулус Говоров диэн эдэр дьон дьарыгыраллар. Бэйэлэрин холлоругар таһаарыылаахтык үлэлииллэр диэн бэлиэтии көрөбүн. Үлэтэ суох ыччат ахсаана – 27. Ити 35 саастарыгар диэри ыччаты этэбин. Хаһаайыстыба туһунан салгыы кэпсээтэххэ, сайынын курааннаан, ити эппитим курдук, оту атын улуустан атыыластахпытына эрэ кыстыгы туоруубут. От тиийбэтинэн чааһынай ыаллар сүөһүлэрин ахсаанын аччаттылар. Сүөһүнү тутар өттө сааһырда даҕаны диэххэ сөп.
Нэһилиэкпитигэр 2008 сыллаахха тэриллибит «Хаххах» диэн кэпэрэтиип баар, нэһилиэк дьаһалтатын иһинэн үлэлиир. Уон икки үлэһиттээх. Биир оҕус уонна көлүүр аттаахтар. Кэпэрэтиип дьон сүөһүтүн төлөбүргэ көрөр, нэһилиэнньэ ити өҥөнөн хото туһанар буолла. Сүөһүтүн көрдөрөөччү харчыны таһынан эбии от биэрэр. Үлэһиттэр хамнастарын төһө сүөһүнү көрбүттэринэн ылаллар. Собуоппут Төҥүлүгэ баар, ТХПК «Хоту» үүппүтүн тутар. Олохтоохтор туттарар үүттэрин Төҥүлүттэн үүт таһар массыына кэлэн ылар. Төҥүлү уонна Балыктаах икки арда – аҕыс килэмиэтир. Оттон сайынын бэйэбит собуоппут үүтүн тутан, сүүрдэн арыы оҥорор.
ДЬАҤ ТУҺУНАН
— Коронавирус дьаҥа Саха сиригэр кэлбитэ сыл аҥаарыттан орто. Эһиги нэһилиэккитигэр балаһыанньа хайдаҕый?
— Бу коронавирус дьаҥыттан биһиги да нэһилиэк арыыланан хаалбатыбыт. 40-ча киһи бу ыарыыга сутулунна. Үс киһи балыыһаҕа сытар. Күһүн үөрэх дьыла саҕаланыыта дьаҥ эмискэ күүһүрэ сылдьыбыта. Билигин арыый намтаата диэххэ наада. Балыыһабытыгар күнүскү амбулатория үлэлиир. Саҥа быраас кэлэн Дойду, Мөҥүрүөн уонна биһиги нэһилиэкпитинэн сылдьан үлэлээтэ, билигин бүтэн Төҥүлүгэ барда. Онон бырааһа суох хааллыбыт. Биэлсэрбит эмиэ суох. Дьиҥэ, быраас миэстэтэ баар, ол эрээри уһаабаттар. Дьаҥ кэмигэр аҕам саастаах дьоммутугар көмөлөһөн икки волонтер үлэлээтэ. Аҕам саастаах дьоммутугар аһы-үөлү, эми-тому тиэрдиигэ көмөлөстүлэр. Сатаан муус ылар кыаҕа суох аҕам саастаахтарбытыгар дьаһалта үлэһиттэрэ муус ылан тиэйэн биэрдибит. Ону сэргэ, билиҥҥи балаһыанньанан, аҕыйах буолан муҥхалаатыбыт. Урукку өттүгэр нэһилиэк бүттүүн тахсар буолара. Муҥхалаан баран олохтоохторбутугар дьиэлэринэн түҥэттибит.
САҤА ОСКУОЛА, САҤА ХОЧУОЛУНАЙ
— Нэһилиэккитигэр саҥа тутуулар, анал бырагыраамалар тустарынан сырдат эрэ.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр 2012 сыллаахтан сайыҥҥы уу ситимэ үлэлиир. Бу анал бырагырааманан, Ирина Васильевна Черкашина баһылыктыырын саҕана, бүттүүн нэһилиэк холбоммута. Сайын ахсын өрөмүөнүн бэйэбит күүспүтүнэн оҥоробут. Уу ситимин көрөн-истэн Николай Ильич Андросов диэн киһи үлэлэтэр. Төһө да коронавирус дьаҥа турдар, хааччахтааһыннар баар буоллаллар, үгүс үлэлэр ыытылыннылар. Эһиил нэһилиэкпит тэриллибитэ 70 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ буолуохтаах. «Олохтоох дьон көҕүлээһинин өйөөһүн» диэн бырагыраамаҕа ыһыахтыыр сирбитин сөргүтүүнү талбыппыт. Бэйэбит дьоммут-сэргэбит, ыччат үлэлээн, Петр Свинобоев сүрүн бэдэрээтчик буолан, үлэбитин бүтэрэн туттардыбыт. Аҕыйах киһилээх аһыллыы тэрээһинэ буолбута. Ону тэҥэ, эдэр исписэлиистэргэ икки дьиэлээх уопсай дьиэ туттубут. Бу күннэргэ уутун, уотун холбоон, саҥа кэлбит үлэһиттэрбитин олохтуохпут.
Саамай улахан ситиһиибитинэн 150 миэстэлээх таас оскуолабытын «Электромонтаж» диэн Василий Пинигин тэрилтэтэ тутан саҕалаабыта, бу ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Ону сэргэ, бу күһүн икки ый иһигэр хаарбах туруктаах хочуолунай оннугар саҥа хочуолунайы тутан үлэҕэ киллэрдибит. Өрөспүүбүлүкэбит ОДьКХ ГУТ өйөөн кыбартаалынай хочуолунайбыт үлэҕэ киирдэ. Киин ититиигэ нэһилиэкпититтэн аҕыйах соҕус ыал холбонон олорор. Уопсайа биэс хочуолунайдаахпыт. Онтон түөрдэ ОДьКХ хочуолунайдара буолаллар. «Юпитер» диэн Кылаан Кындыл дириэктэрдээх чааһынай хочуолунайдаахпыт. Бу юпитердэр барыта чааһынай ыалы холбоон олороллор. Онон этэҥҥэ кыстыкка киирдибит.
Эһиил былааммыт киэҥ, «Олохтоох дьон көҕүлээһинин өйөөһүн» диэн бырагыраамаҕа эмиэ кыттаары номнуо бырайыакпытын талан, нэһилиэкпит иһинэн ZOOM нөҥүө мунньахтаан олоробут. Ол курдук, нэһилиэкпитигэр чааһынай дьиэлэри ититии ситимигэр холбооһуҥҥа турба ыларга диэн быһаардыбыт. Куонкуруһу этэҥҥэ аастахпытына, былааммыт олоххо киириэ.
КЫҺАЛҔАЛАР
— ТБО – кытаанах бөҕү харайыы нэһилиэккитигэр хайдах быһыылаахтык тэриллэрий?
— Кытаанах бөҕү харайыы диэн уопсайынан, нэһилиэккэ ыарахан соҕус дьыала. Быйыл сууттанныбыт. Суут быһаарыытынан, бөһүөлэккэ бөх кутар сэттэ былаһаакканы оҥордубут. Биирдии былаһааккаҕа түөртүү бөх кутар дьааһыктаах буолар. Бу былаһааккалары ким бас билэрэ, салгыы дьаһайара аһаҕас турар. Анал тиэхиньикэ наада. Биир кэлим оператордаахпыт даҕаны, биһиги нэһилиэкпитигэр даҕаны, атын да нэһилиэктэргэ бу күҥҥэ диэри үлэтин саҕалыы илик.
— Күһүҥҥүттэн буойуна тутуутун боппуруоһа улуустарга күүскэ турда. Бу туһунан тус санааҥ.
— Төҥүлү нэһилиэгэр «Хоту» СХПК тэрилтэ 2016 сыллаахха саҥа буойунаны үлэҕэ киллэрбитэ. Нэһилиэктэри барытын хааччыйан олорор. Билигин хас нэһилиэк аайы буойуна көрдүүллэр. Ити тула ырытыһыы, кэпсэтии үгүс. Бэтэринээрдэр да туруорсаллар. Итиннэ тус санаам маннык, күөх экраҥҥа көрдөххө, ити барыта муниципальнай тэриллии эппиэтинэһигэр дииллэр, ол эрээри, биһиги итинник кэмиэрчэскэй дьыаланан дьарыктанарбыт көҥүллэммэт. Биир эмэ чааһынай тэрилтэлээх киһини кытта кэпсэтиэхпитин сөп буолуо. Ыллыбыт да тутар ыарахаттардаах буолуо. Буойуна тутар буоллахха, күрүөтэ-хаһаата эмиэ оҥоһуллуон наада. Үрэх баһыттан сүөһүнү, сылгыны аҕалар дьон ханна эрэ тутан турар сирдэрэ эмиэ наада. Итиннэ тута миэстэтигэр бэтэринээрдэр быһыы туруордахтарына да, онтон да атын элбэх ыйытыы тахса турар.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө бырагырааманан табыллыа эбитэ дуу, өрөспүүбүлүкэҕэ итинник элбэх сылгы баазата тутуллубута. Мин санаабар, билигин буойунаҕа кэлэн сылгыларын өлөрөр түгэннэригэр, бааза эмиэ туһаҕа тахсыбакка хаалан хаалыах курдук. Бааза диэн оттон сылгы араарааһыныгар туһалаах буоллаҕа дии. Билиҥҥи туругунан бу буойуна тула тахсар сокуоннары үөрэтэбит, дьон санаатын истэбит уонна кэтэһэбит.
— Александр Валерьевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Этэҥҥэ кыстыгы туоруургутугар баҕарабын!
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.