Дьокуускай куорат поликлиникаларыгар куору утары быһыыны ылыы кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатылынна. Онуоха 40 тыһыынчаттан тахса вакцина эбии cакаастанна.
edersaas.ru
Быйыл куор тарҕаныытын сүрүн төрүөтүнэн инфекцияны утары сэрэтэр дьаһаллары ылбатах киһи ахсаана элбэҕэ буолар. Ол эбэтэр, куорунан ыалдьыбыттар 70 бырыһыаннара урут быһыы ылбатахтар эбэтэр ылбыттарын-ылбатахтарын туһунан сибидиэнньэлэрэ суох.
Манна даҕатан, куору утары быһыы биэрии графигын санаттахха:
—Арассыыйаҕа куору утары быһыы ыарыыны сэрэтэр быһыылар Национальнай халандаардарынан оҥоһуллар.
-Оҕолорго паротиты уонна кыһыл ымынаҕы (краснуханы) утары быһыылары кытта биир тэҥҥэ (1 уонна 6 саастарыгар) оҥоһуллаллар.
-Урут куорунан ыалдьыбатах уонна быһыы ылбатах (эбэтэр биирдэ эрэ ылбыт) улахан дьон 35 саастарыгар диэри ылыахтаахтар.
Оттон кутталлаах бөлөххө киирсэр дьон 55 саастарыгар диэри быһыыны ылыахтарын сөп.
Инфекция салгыы тарҕамматын туһугар кутталлаах бөлөххө киирсээччилэр – доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх тэрилтэлэрин, эргиэн, тырааныспар, коммунальнай уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрэ уонна вахта ньыматынан үлэлээччилэр ыарыыны сэрэтэр быһыыны ылаллара булгуччулаах.
ЫСПЫРААПКА:
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2015 сыллаахха куорунан 37 киһи ыалдьыбыта, 2016-2017 сылларга ким да ыалдьыбатаҕа. Оттон быйыл, ахсынньы 5 күнүттэн тохсунньу 17 күнүгэр диэри чахчынан, куорунан 74 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru