Куортамҥа бэриллэр кыбартыыраҕа олоруон баҕалаахтартан докумуоннары хомуйуохтара

20.12.2017
Бөлөххө киир:

2016 сыллаахха СӨ Ил Дархана Егор Борисов «Формирование рынка арендного жилья и наемных домов» диэн хос бырагырааманы бигэргэтэн, манна олоҕуран, куортамҥа бэриллэр дьиэлэр тутуллубуттара уонна арендаҕа ылыллыбыттара.

edersaas.ru

2015 – 2016 сыллаахха судаарыстыбаннай бүддьүөттэн бу сыалга анаан 191 мөл. солк. үбүлээһин көрүллүбүтэ. Чэпчэки сыаналаах куортамҥа бэриллэр дьиэҕэ олоруон баҕалаахтартан, ахсынньы 24 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 17 чааска диэри докумуоннары  www.e-yakutia.ru портал нөҥүө хомуйуохтара. Ол курдук   35,28 – 35,3 кв миэтэрэ, 57,7 – 58,56 кв миэтэрэ иэннээхтэр кыбартыыралар арендаҕа бэриллиэхтэрэ. Кыбартыыралар толору хаччыллыылаахтарын таһынан, миэбэллээхтэр.

Бырагыраамаҕа инбэлиит, биитэр ыарыһах оҕолоох ыаллар кыттыахтарын сөп. Кыттааччылар  бас билэр дьиэтэ суох буолуохтаахтарын таһынан, 2002 сылтан саҕалаан федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөт көмөтүнэн олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарбатах буолуохтаахтар.

Сиһилии иһитиннэриини  https://minstroy.sakha.gov.ru/news/front/view/id/2846354 сайтка киирэн көрүҥ.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0