Ыам ыйын 14 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Лена Слепцова-Куорсуннаах “Биһиги тыыннаахпыт!” диэн Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт саҥа арамаанын тула кэпсэтии буолла.
edersaas.ru
“Биһиги тыыннаахпыт!” диэн Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтигэр суруллубут арамааҥҥа Дьокуускай куораттааҕы Өрүс тиэхиньикумун 4 кууруһун устудьуона, сэбиэскэй аармыйа эписиэрэ Василий Данилович Лукин уонна кини 468-с стрелковай полкаҕа (саппаас полкаҕа) бииргэ сулууспалаабыт доҕотторун фроннааҕы олохторо докумуоҥҥа олоҕуран кэпсэнэр. Ол докумуон – Василий Данилович ууну-уоту ортотунан ааспыт чуваш доҕоро Павел Никифорович Никифоров ахтыытын тэтэрээтэ. Ол эрэн, арамаан бары дьоруойдарын олоххо баар дьон прототиптара диир табыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, дьоруойдар – түмүллэн оҥоһуллубут уобарастар. Арамаан Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна сэрии кэннинээҕи сылы хабар (1941-1946 сс.).
Айымньы сүрүн хайысхата кылаабынай дьоруой сылдьыбыт полкатын олоҕунан ситимнэнэн сайдар. Кинигэ дьоруойдара – бэйэлэрин норуоттарын кырыктаах өстөөхтөн быыһааччылар эрэ буолбатахтар, кинилэр атын идеяларга иитиллибит, төрөөбүт дойдуга, сэбиэскэй былааска бэриниилээх буолууну эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит, дойдулара сайдарыгар ыра санаалаах көлүөнэ дьоно.
Лена Слепцова-Куорсуннаах: “Айымньым сүрүн дьоруойа Василий Лукин 2021 сыллаахха төрөөбүтэ 100 сыла буолла, аны төрөөбүт күнэ олунньу 23 күнүгэр түбэһэр. Инньэ гынан, хайдах эрэ барыта бэлиэ суолталаах курдук”, – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.
САНААЛАР:
Виктор МИХАЙЛОВ, философия наукатын дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
“… Сэрии тиэмэтин уус-ураннык хоһуйууну аан бастаан сэрии кыттыылаахтара саҕалаабыттара. Ол кэнниттэн Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан биир да улахан кээмэйдээх уус-уран айымньы суруллубатах эбит. Онон, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан арамаан быһыытынан суруллубут айымньы – бу суос соҕотох уонна бастакы. Лена Васильевна улахан куораттарынан элбэхтик айаннаабыта. Билигин санаатахха, ол сылдьан буойуннар тустарынан матырыйааллары хомуйар эбит. Үчүгэй суруйааччы – туох-ханнык иннинэ үчүгэй ааҕааччы, чинчийээччи, ханна да олоҕо суох дарбаппакка, олох кырдьыгын үтүө суобастаахтык көрдөрөр. Биир ааҕыынан эрэ муҥурдаммакка, төннөн кэлэ-кэлэ киһи остуолугар уура сылдьан ааҕар кинигэтэ буолбут”.
Николай ЛУГИНОВ, СӨ норуодунай суруйааччыта, духуобунас академиятын вице-бэрэсидьиэнэ:
“…Бу кинигэни мин наһаа сиһилии уонна эрэйдэнэ-эрэйдэнэ аахтым. Ол аата куһаҕан диэн буолбатах. Дьоруойдар, кинилэр олохторун кыһалҕалара киһиэхэ кэлэн сүгүллэн хааларыттан киһи эрэйдэнэр…
Чопчу дьоруойдардаах документальнай арамааны суруйар ыарахан. Биллэн турар, киһини тилиннэрэн хаамтарыы, киһи урут ситэ көстүбэтэҕин толорон биэрии элбэх. Василий Лукин арай бэйэтэ аахпыта буоллар, олох атын хараҕынан ааҕыа, сөҕүө, махтаныа этэ дии саныыбын. Лена Васильевнаны, саха лейтенаныгар эрэ буолбакка, сэриигэ сылдьыбыт дьоҥҥо сүҥкэн өйдөбүнньүк оҥорбуккунан эҕэрдэлиибин!”
Сэмэн ПОПОВ-ТУМАТ, СӨ норуодунай суруйааччыта:
“… Арамаан аата олус дириҥ суолталаах. “Биһиги тыыннаахпыт!” – бу фронтовик эрэ тыла буолбатах, бу эпоха, бу иэдээннээх бириэмэ этэр тыла буолар! «Биһиги 100 да, 200 да сыл буолан баран, тыыннаах буолуохпут» диэн санааны этэр ааттаах кинигэ. Аны бу арамааҥҥа сир дойду энэлийиитин, сэрии ынчыгын, өлүүтүн, алдьаныытын хайа да суруйааччытааҕар олус үчүгэйдик биэрбит дии саныыбын. Мин Лев Толстой “Сэрии уонна эйэ” диэн арамаанын түөртэ аахпыт киһи турабын. Лев Толстой Бородиноҕа киһи сүрэҕин эмсэҕэлэтэр тылы тоҕо эрэ кыайан туттубатах этэ, оттон биһиги Лена Васильевнабыт сөптөөх тыллары тутунна эбээт!
Аны сэрии психологиятын наһаа билэрэ бэрт эбит. Арамаан буолан баран, тапталлаах, интригалаах буолар. Сэриилэһэн сордоно сылдьар дьоҥҥо туох улахан арамаантыка, интириигэ тахсыан сөбүй? Дьэ биһиги киһибит таһаарар, булан ылбыт (киис тириититтэн тигиллибит муфта арамаан биир улахан эпопеята буолан таҕыста).
Лена Васильевна, кинигэҕин олус наадалаах кэмҥэ таһааран, биһиги көлүөнэбитин былдьаппатыҥ, биһиги көлүөнэбит кырдьыгын көмүскээтиҥ”.
Наталья ХАРЛАМПЬЕВА, СӨ норуодунай бэйиэтэ:
“… Уопсайынан, Лена Васильевна туһунан этэр буоллахха, кини – билигин саха аныгы литературатыгар инники күөҥҥэ иһэр киһибит.
Мин кини саҥа арамааҥҥа үлэлии сылдьарын истибитим. Ол гынан баран, сэриини ымпыгын-чымпыгын билбэт дьахтар киһиэхэ төһө кыайтарара эбитэ буолла диэн испэр саныырым. Кыайарын билэр этим гынан баран, син биир долгуйарым.
Лена Васильевна бэйиэт дууһалаах киһи буоларын быһыытынан, төһө даҕаны сэрии туһунан арамаан буолбутун иһин, олус поэтическай, дьикти уобарастары айан таһаарбыт, ол барыта киһи нөҥүө ааһар. Сэрии уобараһа диэн лирическэй туорааһыннар (отступления) бааллар. Ол эбэтэр кини тус бэйэтин санаата, сыанабыла, өйдөөһүнэ киирбитэ эмиэ туспа уобараһы айан таһаарар. Ааптар биир өттүттэн дьоруойун ис санаатын, кыаҕын, көрүүтүн барытын аһаҕастык көрдөрөр уонна уобарастаан ситэрэн биэрэр. Бу кинигэни ыччаттарга киэҥник аахтарыахха, сырдатыахха наада”.
Зоя БАШАРИНА, филология наукатын дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
“… Билигин сэрии устуоруйатын токурутан, Улуу Кыайыы суолтатын намтатан көрдөрүү күн аайы күүһүрэн иһэр. Сылтан сыл сэрии кыттыылаахтарын ахсаана көҕүрүүр. Онон, мин айымньы суолтата историческай тоҕоостоох кэмҥэ тахсыбытыгар сытар дии саныыбын.
Куорсуннаах саҥа арамаана документальнай матырыйаалга олоҕурбут уус-уран айымньы буолар уонна бу билиҥҥи литература биир улахан ситиһиитинэн сыаналыыбын”.
Николай ВИНОКУРОВ-УРСУН, бэйиэт, ырытааччы, Б.Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата:
“… Куорсуннаах айымньытын биир тыынынан аахтым. Ол курдук, киһини тардар, ыыппат. Орто дойдуга илдьэ кэлбит дьоҕурун бүтүннүүтүн түмэн олорон суруйбут дии санаатым. Лена Васильевна хорсунтан хорсун киһи. Кини эр санаалаах эр киһи да кыайан ылсыбатаҕын ылсан кыайа туппутуттан убай киһи быһыытынан улаханнык үөрэбин уонна эҕэрдэлиибин.
Лена Васильевна бу үлэтэ бэйэтин эрэ буолбакка, саха литературатын ситиһиитэ буолан таҕыста, норуоппутун үрдэтэр айымньыны суруйда”.
Изабелла СИВЦЕВА, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы:
“… Дьахтар уонна артыыс буоларынан, сорох түгэннэргэ тыйаатыр сценарийын кытта тэбис-тэҥҥэ туппутун сөҕө аахтым, интэриэһинэй тэҥнэбиллэр, көрүүлэр бааллар. Психолог-суруйааччы Куорсуннаах тыла-өһө мааныта, чахчы киһи биир тыынынан ааҕар айымньыта таҕыста”.
Мария ИГНАТЬЕВА, Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы:
“… Кыаллара буоллар, бу арамаанын тыйаатырбытыгар туруорбут киһи диэн толкуйдуубут, кэпсэтиилэри ыытан эрэбит. Кистэл буолбатах, ыччат соччо аахпат кэмигэр испэктээк туруордахха, баҕар, эмиэ кинилэр ылыналларыгар чугас буолуо этэ дуу дии саныыбыт”.
Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ», edersaas.ru