Куорсуннаах: «Айымньы киһи курдук тыыннаах дьылҕаланар»

03.03.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн Суруйааччылар аан дойдутааҕы күннэринэн бэйиэт, суруйааччы, СӨ үтүөлээх артыыската, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Намжил Нимбуев аатынан аан дойдутааҕы бастакы поэтическай турнир Кылаан бирииһин ылбыт Елена Слепцова-Куорсуннааҕы кытары кэпсэттибит. Киниэхэ 2014 сыллаахха саха литературата сайдарыгар биллэр кылааттарын киллэрбит саха бастакы интэллигиэнсийэтин дьылҕаларын кэпсиир «Аан талҕа» арамаанын иһин П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарстыбаннай бириэмийэтэ иҥэриллибитэ.

Елена Васильевна,  айар-суруйар идэ аанын арыйан, олоҕуҥ сүрүн сыала-соруга оҥосторгор  Таатта курдук улахан суруйааччылар дойдуларыттан тахсыбытыҥ эппиэтинэһи сүктэрэр этэ дуо?

— Суруйааччы кинигэни, ыстатыйаны, киинэни эбэтэр ханнык эрэ быстах сюжеты көннөрү ааҕан, көрөн-истэн эрэ кэбиһэр киһи буолбатах, кини ону хайаан даҕаны толору тиэкискэ киллэрэн, түгэҕиттэн түөрэ ааҕарын сөбүлүүр уонна онно бэйэтин сыанабылын быһа сатыыр киһи. Ол эбэтэр, барытын мэйиитинэн тылга көһөрөн ааҕары, научнайдык эттэххэ: ааҕыы визуальнай култууратын тутуһары сатыыр. Өскөтө, оннук ааҕары сатаабат буоллаххына, кыһалҕа төрдө ханна сытарын ырытан таһаарбаккын. Холобур, мин биир дьүөгэбэр эрийэн: «Никита Михалков “Бесогон” биэриитин бүтэһик тахсыытын көрдүҥ дуо, туох диэтиҥ?» -– диэн ыйыппыппар кини: “Аа, утуйа-утуйа көрдүм, дьону кириитикэлиир…”. Бүттэ. Онтон кини тоҕо “кириитикэлиирин”, тоҕо, туохтан уонна туох туһугар “кириитикэлиирин” билэ сатаабат. Биэрии биһиги бүгүҥҥү балаһыанньабытыгар быһа сыһыаннааҕын өйдөөбөт. Ол кини итэҕэһэ буолбатах, ол кини “баары баарынан” ылыныыта, айылҕата. Истибити-билбити өйгө түһэрэн, ону бүтүннүү тыл халыыбыгар киллэрэн, бүрүөһүнүн арыйан иһигэр киирэн ааҕыы, хантан кэлбитин билбэппин. Кини баар эбэтэр суох. Быһыыта хааҥҥар уонна үүнэн тахсыбыт буоргар, иитиллибит үөрүйэхтэргэр баар быһыылаах. Ол иһин, пассионарность диэн үйэлэргэ сүппэт бэриллэ турар энергия баар.

Мин дойдум Таатта сирэ биир оннук дойду. Оҕо эрдэхпититтэн инники олорон ааспыт ытык дьоммут сүдү тыыннара кэтэхпитигэр тыына турарын бары билэ улааппыппыт. Онтон ол энергия тоҕоостоох кэмҥэ күүһүрэн кэлэр уонна аны ол нэһилиэстибэҕэ эн көлүөнэҥ эппиэтинэстээх хаалбытын өйдөтөр. Оннук ураты түгэни миэхэ Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон бэлэхтээбитэ. Кини өрө тыынан баран: “Билэҕин, биһиги төрүөхпүтүттэн сүгэһэрдээх төрүүрбүтүн? Ол ытык дьоммут иннигэр иэспитин төлөөһүн. Мин төһө кыалларбынан, ол сүгэһэрбиттэн көҕүрэтэ сатаатым, элбэх киһи тимирбит аатын тилиннэрдим…”, — диэбитэ. Биһиги Дмитрий Кононовичтыын биир Ойуун ууһун дьонноробут.

— Хоһоону суруйартан прозаҕа көһүүҥ туох эмэ төрүөттээх этэ дуо? (Ол эрэн, билигин да саҥа хоһооннор төрүүллэр).

— Туох даҕаны соһуччу буолбат. Айар үлэҕэ аттаныыга эрдэ элбэх ыллык тэлиллэр. Дьиэ кэргэниҥ, дьыссаатыҥ, оскуолаҥ, идэҥ, ураты дьону кытары көрсүһүүлэр, биллэн туран, ааҕыы, үөрэх онтон даҕаны атын араас. Литература уйатыгар төрөөбүт киһи хайдах хоһоон айбат буолуой? Ол сиэринэн, оҕо эрдэхпититтэн бары хоһоону хоһуйа сатыырбыт. Тыл сайдыытын, тылы билиини, кини култууратын, баайын, дэгэтин, арыытын-сыатын, муудараһын барытын Поэзия эрэ биэрэр кыахтаах. Проза ону биэрбэт, кини билиини, өйү тэнитэн, киэҥник эҥсэн биэрэр. Ол иһин, суруйааччылар үгүстэрэ, биттэммит курдук, тылы имитэр поэзияттан саҕалыыллар. Мин ол үгэстэн туораабатаҕым. Тыл алыба диэн туохтааҕар даҕаны күүстээх, онно ким кынатын кэриэрдибэтэҕэй? Онтон хайдах бэйиэппин бэйэм даҕаны билбэппин, билэ даҕаны сатаабаппын. Дөрүн-дөрүн дууһам хомуһугар оонньуурбун сөбүлүүбүн. Дьиҥ поэзияны улуу талааннаах бэйиэттэр эрэ көтүтэллэр. Онно тылы таба туттуу бэйэтэ туһугар кистэлэҥ шифры арыйыы кэриэтэ.
Тылынан оонньуур олус кутталлаах, кини халлааҥҥа халтай ытыллан хаалбыт буулдьа кэриэтэ, ханна тиийэн түһэн туох алдьархайы тардыа биллибэт. Ол иһин сахалар: “Тылга тииһимэ — тылгыттан ыйанаайаҕын” диэн сэрэттэхтэрэ дии. Алыс чабаланыы, арбаныы сэттээх буолар. Үчүгэй хоһоон, били эрдэ эппитим курдук, хос хаттыгастаах, дириҥ санаалаах, аҕыйах тылынан бүтүн эпоха идеятын, тыынын этэн кэбиһэр кыахтаах буолар. Тыл уратытынан үйэ сайдыытын таһыма быһыллар. Ону эмиэ сатаан ааҕыах тустаахпыт. Аҕыйах кэм иһигэр ааҕыллар чэпчэки хоһооннор тутатына үчүгэйдэр. Онтон улуу тиэкистэри киһи үйэ да тухары ааҕан түгэҕин булара уустук. Холобур, мин Шекспир, Гете, Данте, Пушкин, Ахматова, Өксөкүлээх, Ойуунускай тылларын, түгэхтэригэр тиийэ билигин даҕаны умсар кыах суох.

Прозаҕа “тугу эрэ этэрдээх” киһи киирэр. Киирэр буолбатах — “аанын арыйар”. Үгүстэр арыйан баран, аара хаалан хаалыахтарын сөп. Холобур, уон даҕаны арамааны суруй, боруоктан антах кыайан кииримиэххин сөп. Ону суруйааччы бэйэтэ даҕаны билбэт. Тоҕо диэтэххэ антах киирэргэр боруоппуһуҥ: талаан, билии, элбэх үлэ, бүтүн олоҕу анааһын. Кини эйигин бүтүннүү ыйыһыннаҕына эрэ табыллар. Ааһан иһэн суруллубут айымньы аан айаҕар хаалар, дьоҥҥо туһаны аҕалбат, атын үйэ боруогун кыайан атыллаабат. Баҕар, быстах кэмҥэ бэйэҥ ааккын үрдэтиэ, харамааҥҥын хаҥатыа, кыратык кылабачытыа. Үгүстэр онон дуоһуйаллар. Элбэх түмүллүбүт толкуйтан, ыарыыттан, эрэйтэн, кыһалҕаттан төрөөбүт айымньы уһун тыыннанар, ааҕааччы өйүн-санаатын түмүнэригэр ханнык баҕарар үйэҕэ сүбэһит буолар. Тоҕо диэтэххэ, айымньы киһи курдук тыыннаах дьылҕаланар.

Мин кыһалҕаттан проза аанын арыйбытым. Кэпсээннэртэн, сэһэннэртэн ураты “Аан Талҕа” уонна “Биһиги тыыннаахпыт” диэн икки улахан арамааны уонна “Муус ырай” диэн оҕолорго аналлаах аныгы номоҕу суруйбутум. Тиэмэм — саха устуоруйата. Улахан дойдуга олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар улуу уларыйыылар тахсыыларыгар хайдах туох дьылҕаламмыттарын көрдөрөр, биллэрэр соруктаах. Биллэн турар, ол урусхаллаах хамсааһыннар сиэртибэлэрин утумнара-сыдьааннара буоларым быһыытынан, саха алдьархайын, кини иэччэх-бааччах устуоруйатын иилистибит сабын өһүлэргэ бэлэмнээх курдугум. Холобур, итинник тиэмэни мин атын дойдуга, атын сиргэ олорон хайдах даҕаны суруйуом суоҕа этэ. Ол эмиэ ийэҥ үүтүн кытары хааҥҥар киириэх кэриҥнээх. Хара төрүөххүттэн кинилэр дьылҕалара күннэтэ түннүккүн өҥөйө, аттыгар олорон кэпсэтэ, ырыҥалыы сылдьарыттан итинник санаа иитиллэн тахсар. Дьэ, ити буолар эбит Суорун Омоллоон эппит Иэһэ. Мин ол иэспиттэн эмиэ аҕыйаҕы көҕүрэппит курдук сананабын.
Ити арамааннарынан сэдиптээн, элбэх сөҥмүт ааттар, норуот героизма, патриотизм холобурдара, дойдуга-норуокка бэринии туох түмүктээҕэ тиллибиттэрэ. Биллэн турар, бэлитиикэ көлүөһэтэ, бастатан туран, интэллигиэнсийэни хаарыйар. Тоҕо диэтэххэ, үүннээх-тэһииннээх тыл кинилэртэн норуокка тарҕанар. Дьиҥнээх интэллигиэнсийэ Арассыыйаҕа билигин даҕаны баар. Билиҥҥи быһыыны-майгыны үөрэтэ түһэн баран, бэйэлэрин тылларын иһитиннэриэхтэрэ дии саныыбын. Тутатына ууга-уокка түһүү, эмиэ 20-30 сыллар курдук, улахан иэдээни таһаарыан сөп. Биһиэхэ сонун хойутаан уонна токурутуллан, эбэтэр күүркэтиллэн кэлэр, ону урутаан уһаты-туора түспэккэ, оруо маһы ортотунан барбакка, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк улахан холорук үөһүгэр киириэх тустаахпыт. Кини биһигини син биир тумнубат.
Төрөөбүт дойдуга тапталтан ордук чиэстээх таптал сир үрдүгэр суох!

Миигиттэн элбэх киһи “сэриини суруйар дьахтар киһиэхэ ыарахан буолбатах дуо?” диэн ыйытар. Уус-уран литератураҕа бэйиэт, суруйааччы эрэ баар, кини эр киһи дьахтар диэҥҥэ арахсыбат.

— Араас биэриилэргэ, көрсүһүүлэргэ сылдьан иһиттэххэ уонна айар үлэҕиттэн да көрдөххө, билииҥ-көрүүҥ таһыччы. Төһө элбэҕи ааҕаҕын? Ааҕыы эйиэхэ тугу биэрэрий?

— Ааҕыы туһунан эмиэ судургутук этиэххэ сөп. Кинигэни аахпат киһи мэйиитин үлэтэ чычааһыыр. Чиҥ билиини кинигэ эрэ биэрэр. Гаджет, смартфон айыллыбыттара аҕыйах сыл буолла. Онтон кинигэ, сурук киһи киһитийбит кэмиттэн тарҕаммытынан барбыта, туойга, мас хатырыгар, тааска о.д.а. суруллубут суруктар. Билиини биэрэр кинигэлэр биһиги эрабыт иннинэ 20-30 үйэлэртэн бааллара. Дьэ, бу үлүгэр дьапталлыбыт баайы ханнык даҕаны технология толору биэрбэтэ чуолкай. Мин ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Кинигэлэр тыыннаахтар уонна миэхэ бары доҕордуу араас дьикти сонуннары арыйан биэрэллэр. Бу аҕыйах күн иһигэр аахпыт кинигэлэрим араастар: Барбара Такман “Августовские пушки”, Рустам Каженкин “Сааһа суох сүрэх ырыата” саҥа тахсыбыт хоһоонноро, ыччат тугу сөбүлүүрүн билээри Терри Прачет “Шляпа, полная небо”, Джон Рональд Руэл Толкиен “Властелин колец” трилогиятын, “Хаарыан доҕорбут Харысхал” ахтыы кинигэтин, Нигяр Гасан-заде диэн азербайджан бэйиэтин хоһооннорун, Станислав Чернявскай “Тайна хазар и русичей” онтон даҕаны араас сурунааллары, альманаахтары ааҕыталаатым. Бытааннык, хат-хат эргитэн аҕала-аҕала ааҕарбын сөбүлүүбүн. Татар эдэр суруйааччыларын Галимьян Гильманов уонна Айсылу Имамиева кэпсээннэрин, казах норуодунай бэйиэтин Галым Жайлыбай “Черный платок” поэматын тылбаастаатым. Ааҕыы, бу араас ыарыы өрө турар кэмин, сэриилэр, экэниэмикэ иэдээнин содулларын сүрэҕи хайыппакка, холкутук туруулаһарга такайар.

Суруйааччылар күннэринэн суруйааччылары уонна ааҕааччыларбытын эҕэрдэлиибин. Сиргэ икки олох баар, биирэ бу биһиги олорор олохпут уонна ону кытта тэҥҥэ алтыһа сылдьар уус-уран литература үйэлээх дьоруойдарын олохторо. Суруйар айар дьон устуоруйаны тылларынан тилиннэрэр аналлаахтар. Кинилэр ханнык даҕаны кэмҥэ туһалара улахан. Бу да кэм саҥа летопиһын кэлэр көлүөнэҕэ суруйан хаалларарга бэлэмнэригэр итэҕэйэбин.

— Елена Васильевна, күн аайы көрсөр сыралаах үлэҕиттэн быыс булан, сэргэх кэпсэтиигэр улахан махтал.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0