Иннокентий Попов: «Куорсунтан» кынаттанан»

10.10.2019
Бөлөххө киир:

Көмүс күһүн үгэннээн турар кэмигэр Уус Алдан улууһун Чараҥ уонна Суотту сэлиэнньэлэригэр литератураҕа аналлаах сэргэх уонна сонун тэрээһин икки күн субуруччу ыытылынна.

Чараҥҥа

Бастатан туран, Василий Протодьяконов-Кулантай аатынан литература мусуойугар 2019 сылга “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар бэчээттэммит, куонкурус кыайыылаахтарын кытары көрсүһүү, атах тэпсэн олорон сэһэргэһии буолла. Манна суруйааччылар Татьяна Находкинаны, Иннокентий Попову сэргэ, эдэр ааптардар Анна Колосова, Мария Аргунова, Татьяна Кириллина-Татыйык, Сардаана Сыроватская, Наталья Андросова, Галина Борисова, Клара Гуляева, Глера Васильева, Елена Сыроватская, Матрена Матвеева, Саргылаана Готовцева, Борис Лугинов кэллилэр.
Кинилэр хоһоонноруттан, кэпсээннэриттэн быһа тардыылары Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия саха тылын уонна литературатын учуутала Екатерина Рыкунова дорҕоонноохтук ааҕан билиһиннэрдэ. Ону тэҥэ Сергей Борогонскай аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин үлэһиттэрэ бүтүн айымньылары ааҕан, ааҕааччыга тиийэригэр улаханнык көмөлөстүлэр.
Көрсүһүүгэ кэлбит дьон биир дойдулаахтарын айымньыларын хайдах саныылларынан, бэйэлэрэ хайдах ылыммыттарынан ырытан, саҥа тахсан эрэр ааптардарга туһалаах сүбэлэри биэрдилэр. Ол курдук, Зоя Мигалкина, Татьяна Алексеева, Клара Бурцева, Галина Борисова уо.д.а. ааптардар суруйар идэлэрин бырахпаттарыгар, инникитин тыл суолтатын үчүгэйдик билэргэ үлэлэһэллэригэр, сюжет аһара түргэнэ кэпсээни сыппатарын, кылгас да кэпсээннэри киһи “сык” гына түһэрин курдук суруйуохха сөбүн, о.д.а. сүбэлэри биэрдилэр.

Литература биэчэрин иккис аҥаара быйыл сайын “Бичик” кинигэ кыһатыгар 4 тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт “Тайҕа таайыллыбатах таптала” кинигэ сүрэхтэниитигэр ананна.
Көрсүһүүгэ кинигэ ааптардара Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах,  Надежда Егорова-Намылы уонна Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Далбар хотун” сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы Галина Нельбисова ыҥырыллан ыалдьыттаатылар.
Сүрүн ырытыыны Хоноҕор бибилэтиэкэтин үлэһитэ Ирина Осипова оҥордо. Култуура управлениетын үлэһитэ Евдокия Крылова Иннокентий Петрович улууска 34-с киһинэн суруйааччы аатын сүкпүтүн астына бэлиэтээтэ.

Надежда Егорова-Намылы кинигэни туох санааттан икки буолан суруйбуттарын, айымньыга хайдах үлэлээбиттэрин кэрэхсэбиллээхтик сэһэргээтэ, ааҕааччылар ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдаата.
Галина Нельбисова Надежданы бииргэ төрөөбүт балта буоларын сорохтор саҥа биллибит уонна олус астынныбыт. Галина Васильевна, бу айымньыны ааҕан, тыа сиригэр олорор, тылга-өскө дьоҕурдаах, Оҕуруоттаах диэн аатынан суруйар айар киһи баарын билбитин, Суруйааччылар сойуустара сонун суруйуулардаах, кэскиллээх ааптарынан байбытын астына бэлиэтээтэ.
В. Мигалкин аатынан Чараҥ оскуолатын учуутала Антонина Бурцева-Далаһа, кинигэни ааҕаат да, бу айымньы элбэх бырыһыанын булт тиэмэтэ ылар дии санаабыт. Ханнык кыыллар баалларын сиһилии аахпыт. Айылҕа көстүүтэ 47 этиинэн хоһуйуллубутун, 32 араас кыыл-сүөл аата киирбитин, айылҕаны хоһуйуу дьоруойдар өйдөрүн-санааларын көрдөрөргө табатык туһаныллыбытын ыйда.
Мин санаабар, маннык көрсүһүүлэргэ күүстээх аҥаардарбыт, кыттыбыттарын да иһин, ардыгар санааларын сайа этээччилэрэ суох. Оттон литература мусуойун үлэһитэ Александр Сивцев кинигэни ааҕан, туох санааҕа кэлбитин аһаҕастык кэпсээн, толкуйга да түһэрэн, көрүдьүөстээх да түгэннэргэ киллэрэн ылла. Кини эппитинэн, сэбиэскэй кэм эбитэ буоллар, бу айымньы сорох сюжеттара кытаанах цензураны ааһыа суохтарын, билигин көҥүл олох кэлэн, айар дьон ааҕааччыны тардаары, араас көрүҥү хото тутталларын, ол гынан баран, сэһэн олус табыллыбытын туһунан бэлиэтээтэ.
“Билиҥҥи тэтимнээх үйэҕэ киһи барыта кылгас кэпсээннэри, тэттик сэһэни ааҕарын сөбүлүүр. “Тайҕа таайыллыбатах таптала” онно эппиэттэһэр. Ааптардар ааҕааччыны толкуйдатар нуотанан бүтэрэллэрэ, тустаах түмүктэри оҥороору, дьоруойдар дьайыыларын саас-сааһынан, орун-оннугар уурталаан кэбиспэтэтэхтэрэ олус үчүгэй”, — диэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытары үлэлиир отделын сэбиэдиссэйэ Галина Аммосова эттэ. Кини суруйааччыларга киһи олоххо сыыһаны оҥоруон иннинэ үчүгэйдик толкуйдаан көрөрүгэр үөрэтэр айымньыны күн сиригэр көрдөрбүттэригэр махтанна.
Кулантай аатынан мусуой үлэһитэ Екатерина Свинобоева, истиҥ көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыытарыгар, айымньы туһунан социальнай ситимнэринэн кэлбит санаалары аахпыта кинигэни илиилэригэр тута да илик дьон өйдүүллэригэр тирэх буолла.
Оттон Уус Алданнааҕы литература мусуойун дириэктэрэ Зоя Мигалкина: “Литературнай мусуойбут аналынан, улуустааҕы бибилэтиэкэни кытары элбэх саҥа ааптары кытары көрсөбүт. Бүгүн Надежда Егорова уонна Иннокентий Попов литератураҕа саҥа сүүрээни киллэрбиттэрин бэлиэтии олоробут”, — диэтэ уонна ааптардар кинигэлэрин сүрэхтэниитэ аан бастаан Чараҥҥа буолбутунан ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.
Саха литературатыгар сыһыаннаах көрсүһүү аҥаардас суруйар үлэ эрэ тула барыан сөбө. Ол гынан баран, медицинскэй наука хандьыдаата, доцент Елена Тролукова бэйэтин санаатын медицинаны, ол эбэтэр дьахтар уонна эр киһи организмыгар тахсар уларыйыылары кинигэ дьоруойдарын дьайыыларын кытары сибээстээн, ырытыыны өссө дириҥэтэн биэрдэ, толкуйга түһэрдэ.
Ити курдук, В. Кулантай аатынан мусуой үлэһиттэрэ литератураҕа аналлаах маннык тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар буоланнар, элбэх суруйааччылардаахтар уонна саҥа ааптардаахтар дуу диэн кинилэргэ ымсыыран тарҕастыбыт.

Суоттуга

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр “Мичээр” култуура киинигэр “Айаным айар аартыгынан” дьоро киэһэҕэ Иннокентий Попов үбүлүөйдээх сааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһугар киирбит долгутуулаах түгэнэ, «Тайҕа таайыллыбатах таптала» диэн буруолуу сылдьар кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Иннокентий Петрович — Суоттутааҕы норуот тыйаатырын артыыһа, «Дьээбэрэҥ» уонна кэмиэдьийэ куонкурустарын тоҕус төгүллээх «Бастыҥ ааптара», «Дьээбэрэҥ» икки төгүллээх Гран-при хаһаайына, уус-уран литература эйгэтигэр ыытыллар үгүс күрэхтэр кыайыылаахтара.
Солко оттоох Суоттуга ыытыллыбыт дьоро киэһэҕэ Галина Нельбисова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Акулина Иванова-Айгыына, Суотту сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ, кинигэни таптааччылар куруһуоктарын көхтөөх чилиэннэрэ уо.д.а. кытыннылар.

Суоттутааҕы култуура киинин артыыската Марфа Аржакова толорбут “Айылҕаҕа” монолуога уонна Тумуллааҕы “Айыллан” норуот тыйаатырын артыыстара Оҕуруоттаах суруйуутугар “Санаторийга” сыаҥканы көрдөрөн, мустубут дьону “быара суох ыыттылар”. Артыыстар аан бастаан Иннокентий Попов “Олох талкыта” пьесатын туруоран, норуот тыйаатырын аатын ылбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Оттон ааптар бэйэтэ артыыстарга, бу киэһэни иилээбит-саҕалаабыт СӨ култууратын туйгуна, Суотту нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Раиса Черкашинаҕа, тэрээһин иккис чааһын ыыппыт “Айыллан” норуот тыйаатырын артыыһа, култуура үлэһитэ Ион Соловьевка уо.д.а. махтанна.

“Соһуччу көстүү быһыытынан ылынным”

Ирина Осипова:
“Тайҕа таайыллыбатах таптала” кинигэни кэнники литератураҕа сонун уонна соһуччу көстүү быһыытынан ылынным.
Иннокентий Попов тайҕа уустук эрээри, ураты кэрэлээх олоҕун, эр киһи майгытын-сигилитин, олоххо көрүүтүн, айылҕа көстүүтүн уу сахалыы тылынан суруйуутун Намылы аныгы олоххо кэрэ аҥаар чараас уйулҕатын, тапталы өрө тутуутун, дьон сыһыанын ойуулаан байыппыт.
Сэһэҥҥэ икки сүрүн дьоруой олоҕо, кинилэр олоххо сыһыаннара, тулалыыр айылҕа кэрэ көстүүтэ итэҕэтиилээхтик ойууланар. Дьоруойдар урукку олохторун ахталлара, ис туруктара, санаалара кинилэр майгыларын-сигилилэрин чаҕылхайдык арыйар. Кинигэни ааҕа олорон, бэйэҥ түҥ тайҕаҕа тиийбит курдук сананаҕын, Байанай бэрсибит булдун аһын амтана кэлэргэ, кэрии тыаҕа кэҕэ этэрэ иһиллэргэ, от-мас сыта дыргыйарга дылы буолар.
Киһи олоххо кэлбит анала, дьоло бэйэтиттэн тутулуктааҕын, кини орто омурҕаныгар дьылҕата бэлэх ууммут соһуччу тапталын көрсөн баран, сөптөөх быһаарыныыны ылынан, сыыһа-халты атын суолунан барымыан наадатын ааптардар санаталлар. Борокуоптаах Виктория сыһыаннара салгыы хайдах буоларын ааптардар аһаҕас хаалларбыттара ааҕааччыны ордук долгутар. Аатыгар да сытар – “Тайҕа таайыллыбатах таптала” диэн. Сэһэн ис хоһооно дьиҥнээх олоҕу кытта ыкса ситимнээх, өйдөнүмтүө, киһи дууһатын кылын таарыйар күүстээх. Онон кэбэҕэстик ааҕыллар, киһи кутун ортотунан киирэр, долгутар кинигэни дуоһуйа ааҕыҥ”.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Сардаана НИКОЛАЕВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0