“Азия оҕолоро” спортка эрэ буолбакка, атын араас эйгэҕэ талааннары, саҥа ааттары эмиэ арыйар. Ол курдук, кэнники кэмҥэ Дьокуускайга эдэр худуоһунньук Кыыдаана Игнатьева аата үгүстүк иһиллэр. Ол аата худуоһунньук айар үлэтин дьон интэриэһиргиир, сэргиир.
- Кыыдаана диэн бэрт ис-киирбэх сахалыы ааттаах эбиккин… Ким ааттаабытай?
- Аҕам ааттаабыта. Хайыһардатан кыыдаҥнатыан баҕарбыта. Ыра санаата этэ. Кыһын ахсынньыга төрөөбүтүм.
- Аҕаҥ хайыһардьыт, спортсмен дуо?
- Хайыһары, уопсайынан спорду сөбүлүүр. Аҕам, Иван Петрович Игнатьев, Дьокуускайдааҕы Физкультура уонна спорт институтун бүтэрбитэ. Хайыһардьыт, полумарафонец. Дойдубутугар, Чурапчыга, Кытаанах диэн улуус биир уһук нэһилиэгэр өр сыл баһылыгынан үлэлээбитэ. “ЗОЖ” күүстээх пропагандиһа, олус көхтөөх, идиэйэлэрдээх киһи. Билигин оҕолору хайыһарга үөрэтэр. Мин, убайым, эдьиийим, бука бары киниттэн, уопсайынан төрөппүттэрбититтэн холобур ылабыт. Аҕам аны наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур, ыллыыр. Ийэм эмиэ бэркэ уруһуйдуур, кини Ньурба Убайааныттан төрүттээх. Начаалынай кылаастар учууталлара, айар куттаах киһи. Мин биир дойдулаахтарым кытаанахтар – олус көхтөөх дьон! 90-с сылларга, аҕам көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр аан бастакынан кыһыннары эрчиллэр хайыһар манеһын туппуттара. Эдэрдиин-эмэнниин, олохтоохтор бука бары саба түһэн оҥорбуттара. Биһиги, оҕолор, хаар бөҕөтүн таспыппыт. Манежтаах буоламмыт кыһыҥҥы тымныыларга тохтоон хаалбакка, эргиччи хайыһардыырбыт үчүгэй да этэ!
- Ээ, өйдөөтүм. Ол туһунан суруйаары Кытаанахха анаан-минээн командировкаҕа бара сылдьыбыттааҕым. Сааһыары этэ. Кырдьык, бөһүөлэккэ чугаһаан иһэн көрдөххө, хайыһарынан сүүрэн кыыдаҥнатан иһэр дьон элбэх этэ. Манежка хаары таһыыга хас биирдии ыал бэйэтэ нуормалаах эбит этэ…
- Оннук. Кытаанахтар бары хайыһардьыттар. Ону тэҥэ уруһуйдьуттар, ырыаһыттар уонна суруксуттар диэххэ сөп. Норуот суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан, биллиилээх худуоһунньук Афанасий Петрович Собакин, онтон да атын талааннаах дьон төрөөбүт-үөскээбит дойдулара. Мин эһэм Петр Иванович Игнатьев Кытаанахха биллэр-көстөр тойуксут, алгысчыт этэ. Кини бииргэ төрөөбүт убайа Николай Иванович Игнатьев учуутал, суруйааччы этэ. “Булуука” диэн оҕолорго кэпсээнин олус сөбүлүүбүн. Оттон “Уһун кыһыннар, кылгас сайыннар” диэн сэрии сылларыгар Чурапчы көһөрүллүүтүн туһунан кинигэтигэр биһиги аймах дьылҕатын, дьиэ кэргэн туһунан олус кырдьыктаахтык суруйбута.
- Сахалыы ааҕаргын сөбүлүүгүн…
- Сөбүлүүбүн. Нууччалыы да, сахалыы да кинигэлэри, омук да суруйааччыларын ааҕабын. Сөбүлүүр айымньыларым – Далан “Дьикти саас”, Толкин “Властелин Колец” – киһи фантазиятын сайыннарар… Мураками уратытык, интэриэһинэйдик суруйар… Бэйэм дьиэбэр Кытаанахха дьоҕус библиотекалаахпын. Куоракка бу саҥардыы, ипотеканан дьиэлэнним, оҥосто сылдьабын. Кинигэлэрбин көһөрүөм. Билигин Былатыан Ойуунускай биографиятын ааҕа сылдьабын. Доҕорунаан Максим Аммосовтыын, эп-эдэр дьон, өрөспүүбүлүкэбитин хайдах төрүттээбиттэрэ ааҕарга олус интэриэһинэй…
- Айылҕа биэрдэҕинэ элбэҕи биэриэн сөп дииллэр… Эн ыллыыгын дуу?
- Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Любовь Монгуш салалтатынан ырыаҕа дьарыктаммытым. Билигин, бириэмэ да тиийбэтинэн эбитэ дуу, дэҥҥэ ыллыыбын. Джаһы ордук сөбүлүүбүн.
- Ити элбэх дьарыктан худуоһунньук, дизайнер идэтин талан ыллыҥ…
- Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын иһинэн Афанасий Собакин аатынан эстетическэй оскуола художественнай кылааһын мин 2007 сыллаахха бүтэрбитим. Кырдьык, спорду талабын дуу, искусствоны дуу, диэн боппуруос турбута. Онон, толкуйдаан баран Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар туттарсан киирбитим. Спордунан хаһан баҕарар дьарыктаныам диэн санаабытым. Оннук да буолла диэххэ сөп. Спортпун илдьэ сылдьабын…
- Спортка туох ситиһиилэрдээххин?
- Үөрэнэ сылдьан бэйэм саастыылаахтарбар улууспар бастыыр этим. Билигин доҕотторбун кытта спорт горнолыжнай көрүҥүнэн дьарыктанабын. Хайаттан хайыһардаан түһэбит. Төхтүр базатыгар хайаттан түһэбит. Былырыын Чурапчы улууһун хамаандатыгар киирэн, тыа сирин улуустарын спартакиадатыгар Нерюнгригэ күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Хайаттан түһүү диэн биһиэхэ, тыа улуустарыгар олох да саҥа көрүҥ буоллаҕа. Соһуйуом иһин, иккис миэстэ буоламмын, хамаандам дьонун үөрдүбүтүм.
- Хорсун кыыс эбиккин, Кыыдаана! Оттон, дьэ, бу “Азия оҕолорун” кэмигэр эн аатын элбэхтик ааттанна, Интернет ситимигэр да, көннөрү, дьон кэпсэтиитигэр да… Куорат дьиэлэрин фасадын уруһуйунан киэргэтэр идиэйэ туохтан үөскээбитэй?
- Мин олорор куоратым тупсаҕай көстүүлээх буолуон баҕарабын. Уулуссанан хааман иһэн, биир эмэ дьиэни хараҕым далыгар чопчу ылабын уонна тугу эрэ эбэн дуу, биитэр төттөрүтүн, тугун эрэ көҕүрэтэн дуу, хайдах уларытан, тупсаран оҥоруохха сөбүн фантазиялаан, тупсаҕай куораппын өйбөр уруһуйдаан көрөбүн… АГИКИ –га үөрэнэ сылдьан “устудьуону атастаһыы” бэрээдэгинэн Финляндияҕа бара сылдьыбытым. Онно, куораттарын олус үчүгэйдик туталларын, хас биирдии дьиэ уратылааҕын, сквердэрин, болуоссаттарын сатаан киэргэтэллэрин, ханна да көр – араас, ис киирбэх, киһини толкуйдатар скульптуралар дэлэйдэрин, уопсайынан барыта дьоҥҥо үөрүүнү аҕаллын, табыгастаах, туһалаах буоллун диэн оҥоһулларыгар болҕомтобун уурбутум. Атын да дойдуларга сырыттахха оннук санаалар киирэллэр. Онон, биһиги үксэ бороҥ дьиэлэрбитин хайдах эрэ сэргэхсиппит, тупсарбыт киһи, диэн санаа уруккуттан баара. Ол иһин, “Азия оҕолорун” көрсө Дьокуускайбытын тупсарыаҕыҥ, кимиэхэ туох этии баарый диэн куорат ыҥырбытыгар, мин бэйэм бырайыак оҥорон киллэрбитим. Ону хамыыһыйа сөбүлээн, куорат баһылыга Айсен Николаев бигэргэппитэ. Онон, үлэ саҕаламмыта… Икки эрэ нэдиэлэ курдук, ыгым болдьоххо ити Киров аатынан уулуссаҕа турар дьиэлэри уруһуйдаабыппыт.
- Кырдьык, эн уруһуйгуттан куорат сэргэхсийэ түспүтэ. Аан Алахчын Хотун уобараһа диэбиккин… Тоҕо саннытыгар кыһыл саһылы иилиммитий?
- Аан дойдум Иччитэ Аан Алахчын Хотун куораппытын араҥаччылыы, арчылыы турдун, диэн санааттан ити хартыына үөскээбитэ. Биллэн турар, ким эрэ ылынар, ким эрэ суох. Ол эрээри, сөбүлээбит өттө элбэх. Сорохтор, кыыһыҥ тоҕо европейскай көрүҥнээҕий дииллэр… Оттон мин санаабар, аныгы саха эдэр кыргыттарыгар итинник сэбэрэлээхтэр үгүстэр. Оттон кыһыл саһыл – айылҕалыын биир буолуутун бэлиэтэ. Уопсайынан эттэхпинэ, мин сөптөөх кириитикэни ылынар үгэстээхпин. Көннөрөбүн да, көннөрүнэбин да…
- Оччоҕуна, стрит-арт салгыы сайдар?
- Оннук. Дьокуускайбытын сыыйа тупсаран иһэр баҕа улахан…
- Билигин туох былааннардааххын, туохха үлэлэһэҕин?
- Өссө устудьуон эрдэхпиттэн “Якутпроекка” үлэлээбитим, онтон быйыл тохсунньуттан саҕалаан, ини-бии Ушницкайдар салайар “Майтона” IT-компанияҕа дизайнерынан, арт-дириэктэринэн үлэлиибин. Былааммыт элбэх. “Майтона” биир хайысхатынан спонсордааһын, аһымал акциялары ыытыы буолар. Холобур, үөрэнээччилэр “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаларыгар “Майтона” бастайааннай спонсор. Оттон бүгүн “Записки искателя” диэн оонньуубут төрөөбүт күнэ, онон, оҕолорго бырааһынньык тэрийэ сылдьабыт. Маны таһынан, куорат таһыгар турар 32N-дээх коррекционнай оскуола-интернакка компания Аһымал акция быһыытынан, оҕолор төгүрүк сыл сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччылынныннар диэн, теплицаларын ититэр хочуолунай тутан биэрбитэ. Бэйэм дойдубар Кытаанахха интернат оҕолорун кытта доҕордоһор этим. Онон, интернат олоҕо миэхэ чугас уонна өйдөнүмтүө. Бу, куорат таһынааҕы интернакка, дьиэлэригэр барыта эриэ -дэхси буолбатах, туох эрэ уустуктардаах, “социальнай” диэн ааттанар араҥаҕа киирсэр ыаллар оҕолоро көннөрү мас дьиэҕэ олороллор. Кыргыттар олорор хосторун көрөн баран олус сонньуйбутум – кураанах сиэрэй истиэнэлэр… Ону сэргэхситээри, киистэбин, кырааскабын туппутунан, Алгыстаана диэн дьүөгэбинээн тиийэн, кустук араас өҥүн түһэрэн, сырдатан, киэргэтэн кэбиспиппит… Оҕолор, иитээччилэр үөрүү бөҕөлөрө. Биллэн турар, соҕотох киһи барытын саба туппат. Мин, атыттар оҕолорго эмиэ көмөлөстүннэр диэн, инстаграмынан эстафета ыыппытым, ону иилэ хабан ылан, хас да худуоһунньук интернакка тиийэн, биһиги саҕалааһыммытын салҕаабыттарыгар махтанабын. Бу эстафета бүтэр уһуга суох, салгыы бара турар… Итиэннэ тус бэйэм айар үлэбинэн эмиэ былааннардаахпын, ону, сыыйа, арааһа, билиһиннэрэн иһиэм.
- Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Эйиэхэ ситиһиилэри баҕарабын. Түмүкпүтүгэр, Кыыдаана, эт эрэ баһаалыста, хантан, туохтан иэйииҥ уһуктар, саҥа идиэйэ үөскүүр, ону олоххо киллэрэргэ эрчим, күүс-уох бэриллэр?
- Дойдум хатыҥ чараҥыттан, алааспыттан, Лоскуй диэн, бэйэм ыппынаан таптаан, бүөмнээн сылдьар сирбититтэн… Айылҕа биэрэр киһиэхэ күүһү, эрчими, саҥа санаалары!
Татьяна МАРКОВА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1