Куорат ыала бассааптан идэһэлэнэр (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Тыаҕа ыаллар идэһэлэнэр сүөһүлэрин дьаһайан ырааттылар. Ааспыт өрөбүллэргэ ынах сүөһү сүүһүн тыаһаппыт буоллахтарына, бу өрөбүллэргэ убаһаны, сылгыны тиэрэ көтүөхтэрэ. Идэһэни сиэһини кытары даҕаспытынан муҥха саҕаланна. Нэһилиэктэр хастыы да күөлү тарданнар, көмүс хатырыктааҕы бойомнук сомсоннор, кими да матарбакка үллэһиннилэр. Онон, саха ыалыгар сибиэһэй эти, сибиэһэй собону сиир дьоро киэһэлэр үүннүлэр.


Куорат олохтоохторо кыстыыр эттэрин-балыктарын сүрүннээн “Сайсары” бааһынай ырыынагыттан хааччыналлар. Ырыынакка билигин сайыҥҥы-күһүҥҥү курдук, киһи олус элбэҕэ суох эрээри, кэлии-барыы уҕараабат. Өрүс суола сабыылааҕынан, илин эҥээр улуустартан ас-үөл киириэ арыый эрдэ да буоллар, эт уонна балык балачча элбээбит.

Сыана былырыыҥҥыттан соччо үрдээбэтэх. Холобур, кээмэйиттэн көрөн, биир киилэ собо 100-150 солк., күндүөбэй балык 200-250 солк. сыаналаммыттар. Сылгы ойоҕоһо 550 солк., этэ 400 солк, атаҕынан 350 солк., ынах уонна сибиинньэ этэ эмиэ оччолуу буолбут. Миэстэнэн ылааччыларга эти эрбэтэн биэрэр өҥө тэриллибит. Атыыласпыт этин, балыгын дьиэтигэр илтэриэн баҕалаахха массыына элбэх. Харчыгын төлөө, аадырыскын эт да бүтүүтэ.


Онон кимнээх эрэ атаҕынан эти атыылаһан, эбиитин лоскуйдарынан эрбэтэн, таксинан үөрэ-көтө дьиэлииллэр. Көннөрү көрөөччүлэр, лаардарга ууруллубут эти тутан көрө-көрө, ааһа турааччылар да бааллар. Кэпсэтэн көрдөххө: “Атыыһыттар билигин эт аҕыйаҕар былырыыҥҥы кур уонна Алтаайтан аҕалбыт эттэрин таһааран батарыахтара диэн сэрэхэччийэбит, онон илин эҥээртэн эт кэлэрин кэтэһэр ордук”, — дэһэллэр.
Сорохтор сыананы үөрэтэ сылдьар эбиттэр.

Ырыынакка араас эккэ түбэһиэххэ сөп, — диир биир түөтэ. — Ол иһин батсаабынан сакаастаһыам, онно улуустарынан биллэрии бөлөхтөрө элбэхтэр. Билигин эти да, собону да атыылааччылар сибээскэ тахсан ахан эрэллэр, элбэҕи ылааччыларга киллэрэн биэрэбит дэһэллэр. Сыаната син биир бу ырыынак киэнин курдук эрээри, чахчы, бэйэ этэ уонна балыга буоллаҕа! Бииргэ үлэлиир дьүөгэбин кытары биир убаһаны, истэри ылан үллэстиэм. Былырыын эмиэ батсаабынан идэһэлэммитим.

Дьэ ити курдук, куорат ыаллара уһун кыһыны туоруур эттэрин ырыынактан уонна батсаап көмөтүнэн хааччынар ньымаламмыттар.
Саҥа киллэриллибит эккэ уонна эт аска техническэй регламент быһыытынан, буойунаҕа өлөрүллүбүт сүөһү этэ эрэ атыыланыахтаах. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ Бэтиринээрийэҕэ департамена балаһыанньаны учуоттаан, буойуната суох улуустарга хаһаайыстыбалар быйыл бэтиринээр чинчийиитинэн сүөһүнү бэйэлэрэ өлөрөн астыылларын көҥүллээтэ. Онон хонтуруоллуур уорганнар тыаттан киллэриллэр эти “тиэргэҥҥэ өлөрүллүбүт, сүгэнэн эттэммит” диэн баайсан тутуо-хабыа суохтаахтар, арыаллыыр бэтиринээринэй-саниатарнай докумуоннаах эрэ буоллар аһарыахтаахтар.

Раиса СИБИРЯКОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0