Бу дьикти ыстааннаах киһи «Кыл Саха» ансаамбыл солиһа, виртуоз, кыл үнүстүрүмүөннэри оҥорор маастар Руслан Габышев буолан биэрдэ. Кини манныкка маарынныыр таҥаһы кэнсиэртэргэ кэппитин көрүөххэ сөп буолуо. Ол гынан баран, бу сырыыга Руслан Прокопьевич тоһуттар тымныыларга кэтээри анаан-минээн бөрө тириититтэн сыалыйа ыстаан уонна уллуҥа суох этэрбэс тигиннэ. Кырдьыга да, өрүс уҥуор Мэҥэ Хаҥаластан куоракка кэлэн үлэлиир киһиэхэ абыраллаах таҥас буолуо.
Руслан Прокопьевич: «Кырдьаҕастары кытары тайҕаҕа кыстаан, кинилэртэн көрөн үөрэммитим. Ону санааммын, быйыл Саҥа дьыл өрөбүллэригэр тигинним. Олус туһалаах эбит, өбүгэлэрбит барахсаттар сөпкө да дьаһанан олорбуттар», – диэн астына этэр.
Кини былырыын сылгы тириититтэн тиктэн кэтэ сылдьыбыт. Ол гынан баран, ыйааһына бэрт диэн соччо сөбүлээбэтэх.
Манна даҕатан эттэххэ, сутуруо уонна сыалыйа ыстаан былыр-былыргыттан акка, табаҕа, билигин бураҥҥа олорор дьоҥҥо хаары-силлиэни, тымныыны тулуйарга абыраллаах таҥас. Өбүгэлэрбит ыт тириитин эмиэ туһаналлара. Иҥнэ суох буолан, өссө иҥииринэн тигэллэрэ.