Куорат киин уулуссаларыгар — сылгылар (ВИДЕО)

Ааптар: 
07.10.2017
Бөлөххө киир:

Бээтинсэ сарсыарда үлэбэр баран иһэн, куорат киин уулуссатыгар, «Туймаада» эргиэн киинин аттыгар сылгы үөрэ «мэччийэ» сылдьарын көрөн соһуйдум. edersaas.ru

Мин эрэ буолуо, соһуйааччы үгүс. Үгүспүт да тыа сириттэн төрүттээх буолан, бастаан утаа хаһан да көрбөтөхпүтүн көрбүт курдук таалан турдубут.

Хата, суолу балабаай туоруур санаалара суох. Аччыктара бэрт дуу, төрүт куорат «олохтоохторо» буолан дуу, Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар массыына тыаһыгар кыһаллан да көрбөттөр.

Кинилэр кэннилэриттэн хас да хонугу быһа оҕуруотчуттарга олус наадалаах «уоҕурдуу» киин уулуссарынан сыппыта хаһыс да хонуга буолла. Ким да хомуйар санаата суох…

Арааһа, «уоҕурдууттан» сылыктаатахха, ол күн Орджоникидзе болуоссатыгар  тиийбиттэр быһыылаах…

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0