КУОРАТ КҮНҮНЭН!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойдубут сүрэҕэ
Салаллар санаата
Туймаада хочотун
Киэргэтэ үүнэҕин.

Хараҕы сымната
Сыллата сайдаҕын,
Эрэллээх, эйэлээх
Олоҕу түстүүгүн.

  Сүүһүнэн сүрэхтэр
Тэбэллэр эн түөскэр,
Сүүһүнэн эрэллэр
Үүнэллэр күүскүттэн.

         Дьокуускай куораппыт
Тубус эн күннэтэ!
Дьоллоох дьон түөлбэтэ
Буола тур үйэҕэ!

Полина-Победа,
Уус-Алдан
Хаартыска: города-россия.рф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0