Сайыммыт үтүөтэ бүтэ оҕуста. Дьэ, сүрдээх тымныы сайын буолла. Халлааммыт санаатаҕын аайы кэлэ-кэлэ ардаан, дьону сүгүн сөтүөлэппэтэ да, ситэ оттоппото да. Арай, сир аһа син баар дииллэр. Кийииппит уоппускатын ылан, анаан тыаҕа тахса сытан, сир астаата. Чэ, биһиги онтон биир эмэ бааҥкаҕа тииһинэрбит дуу диэн күлүкпүтүгэр эрэ имнэнэрбитигэр тиийэбит.
Оттон биһиги, кырдьаҕас дьон, таҥас хаттанарбытыттан соло булбатыбыт. Биирдэ куйаарбытыгар барбах маайканан тахсан, даачам тиэргэнин отун охсубута буолбутум – дьэ, үчүгэйэ сүрдээх этэ. Күн уота сырайар, аһыҥа сырдыргыы тыаһыыр, хатыар диэри куурбут от тыаһа сырылыыр. Бэл, кытта кырдьыбытым ымсыыран, хантан эрэ кыраабыл уларсан аҕалан, аҕылыы-аҕылыы от харбаспыта буолбута. Инньэ гынан, уоллаах кыыс курдук, омурҕанныы-омурҕанныы, тэлгэһэбит иһигэр оттоон турабыт. Биһиэхэ ол да улахан…
Бу саас куораттааҕы дьиэбит таһыгар бөх тоҕор сири биир хопто буулаабыта. Айылҕаны ахтыбыт санааҕа, барахсан кылбайан, үтүөмсүйбүттүү мөтөччү тутта-тутта хааман, көрөргө үчүгэйэ сүрдээҕэ. Омос көрдөххө, куорат уонна хаар маҕан хопто дьүөрэлэспэт курдуктара да, киһи дьиибэҕэ да бэрт түргэнник үөрэнэр.
Ол барахсан, сарсыарда күн тахсыыта көтөн кэлэн, кэлбитин биллэрэн, хатаннык хаһыытыыр этэ. Хопто хаһыытын иһиттэхпинэ, оҕо сааспын санаан кэлэбин. Кубалаах күөлүн бадарааннаах кытылыгар батылла-батылла балыктыы киирэрбин, күөл ньуурунан кырыйа көтөр хоптолору, эргиллибэттии күлүмнээн ааспыт оҕо сааспын ахтабын.
Бу күннэргэ куоракка киирэр кыра кыһалҕа тирээн, аҥнан-бохтон, ханна эрэ ыраах айанныыр киһи курдук даачабыттан тэринэн-хомунан киирдим. Массыынаттан түһээт, сөҕүү бөҕөтүн сөхтүм, этэргэ дылы, көрбүт харахпын итэҕэйбэтим. Күрүлүүр күнүс бөх тоҕор сирбит букатын кылбайан олорор. Сүүрбэччэ хопто түһэн, аймалҕан бөҕөтүн түһэрэн, аһаан-сиэн айбардыы олороллор эбит ээ!
Кэлэр-барар, ааһар дьоҥҥо кыһаммакка, үйэ-саас тухары манна эрэ кэлэн аһыы-сии үөрэммит курдук туттуу-хаптыы бөҕө… Күн аайы кэлэр идэлэммиттэр үһү. Көр, босхоҕо үөрэнэ охсоллоро түргэнин!
Ол да буоллар, кырдьаҕас киһи хообурҕууругар холообоккутугар көрдөһүөм этэ. Куорат хоптолорун көрөн туран, хайдах эрэ үөскээбит-улааппыт сирдэриттэн тэлэһийэн, куоракка көһөн киирбит ыччаттарбын санаатым… Төрөөбүт түөлбэни хаалларан, ханна ас-таҥас чэпчэкитик кэлэрин батыһыы буоллаҕа дуу диэн хараастан ыллым. Бөх тоҕор сир куруук бу курдук өлгөм астаах-үөллээх буолуо диэтэҕиҥ дуу…
Биэтэс Билээхэп
16.08.16.