«Куорат хайдах туруктанара, дьон култууратыттан»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Бөҕү-саҕы көҥүлэ суох сиргэ тоҕоллор. Маны кимнээх хонтуруоллуулларый? Буруйдаахтарга туох миэрэ ылылларый? диэн, уо.д.а. итинник хабааннаах элбэх ыйытыы  быһа сибээскэ киирдэ. 

СӨ Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев маннык хоруйдаата:

Куорат сиригэр-уотугар бөҕү-саҕы, коммунальнай тобоҕу көҥүлэ суох тоҕууну административнай хамыыһыйа хонтуруоллуур. Биһиги министиэристибэбит ити үлэттэн туора турбат.  Саха сиринээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, административнай хамыыһыйаҕа бөҕү-саҕы көҥүлэ суох тоҕууну, тоҕооччулары быһаарыыга утумнаахтык көмөлөһөр.  Итиэннэ хонтуруоллуур-кэтээн көрөр административнай боломуочуйанан буруйдаахтары эппиэккэ тардабыт уонна бөҕү-саҕы көҥүлэ суох сиргэ тохпуттарын хомуйтарабыт. 

Өйдөөн көрбүт буолуохтааххыт, Саха сиринээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ муус устарга уонна ыам ыйыгар куорат бары кыбартаалларыгар, куорат таһынааҕы ойуурдарга, суһаллык үлэлээннэр, көҥүлэ суох сиргэ уонунан бөх-сах тоҕуллубутун буллулар уонна буруйдаахтар маны хомуйалларыгар миэрэлэри ыллылар.  Итинник үлэлэһэр дьонноох буоламмыт, куораппыт ырааһырар. Балаҕан ыйыгар диэри өссө ырааһырыа. Манна экологтар туох баар күүстэрин, болҕомтолорун ууран үлэлииллэр.  Ол гынан баран, хомойуох иһин, саас диэки куораппытыгар эмиэ бөх-сах ыһыллыа, хобдох көрүҥнэниэ. Култуурабыт оннук» , — диэтэ миниистир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0