Куорат баһылыга Евгений Григорьев былаана киэҥ

Ааптар: 
06.07.2021
Бөлөххө киир:

Дьокуускай сайдарын уонна олохтоохторго табыгастаах усулуобуйа тэриллэрин туһугар Евгений Григорьев хайдах үлэлиир былааннааҕый? Тугу ситиспитий?

Бүгүн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрүстэ. Кини 2021 сыл бастакы аҥаарын барыллаан түмүктэрин туһунан тус-туспа салааларынан наардаан кэпсээтэ.

Евгений Николаевичка баһылыгынан үлэлээбитэ сүүс хонуга үлэ үөһүгэр сылдьар буолан биллибэккэ ааһа охсубут.  Кини кэпсээниттэн куорат олохтооҕун интэриэһин туох тардыан сөбүй? Куоракка мобильнай быыһыыр сулууспаны тэрийэр баҕалаах эбит. Оччоҕо кыһыҥҥы тоҥуу-хатыы кэмигэр мобильнай бөлөх түргэнник дьаһаныа этэ диир. Куорат иһигэр дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаҕай оҥорууга үлэ ыытыллар. Маныаха куорат олохтоохторун кытта хардарыта сибээстэһии көмөлөспүт. 150 тиэргэн өрөмүөҥҥэ наадыйара чопчуламмыт.

Суол диэн тыын боппуруос буоллаҕа. Евгений Николаевич этэринэн, быйыл 49 килэмиэтир 200 миэтэрэ суолу тутуохтара. Уонна сүрүн болҕомтону ууну аһарыыга (водоотведение) уурбут. Бу биир-икки сыллаах үлэ буолбата чахчы, ол гынан баран түмүгэ сыыйа көстүө диэн эрэнэр.

Уулуссаны сырдатыыга үлэ ыытыллыбыт. Дьокуускайга сылаас тохтобуллары оҥоруу үлэтэ салҕанар. 4 сыл устата маннык сылаас тохтобуллар ахсааннарын 100-кэ тиэрдиэхтэрэ. Аны туран сылаас туалеттары туруорар баҕалаахтар. Кыстыкка киириэххэ диэри 5 –һи туруоруохтара, хайдах үлэлиирин, өссө тугу саҥардан биэрэри чопчулуохтара.

Таһырдьа эрчиллэргэ аналлаах 75 былаһаакканы, быһата воркаут-зонаны  оҥорорго соруктаммыттар. Быйыл 15 итиник былаһаакка туруохтаах уонна сыл аайы эбиллэн иһиэхтээх. Ону сэргэ Хатаска успуорт саала тутуута саҕаланыахтааҕын эттэ. Можайскай уулуссаҕа улахан успуорт комплекса тутуллар. Бу күннэргэ Дьокуускай куорат дьаһалтата “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэни кытта сөбүлэһии түһэрсибиттэр, онно олоҕуран хампаанньа успуорт эбийиэктэрин тутууга көмөлөһүөхтээх.

Куорат олохтоохторугар куттал суох буолуутун хааччыйыыга 250 камера  баар буолбута кэрэхсэбиллээх. Былаан быһыытынан 1000 тахсаҕа тиэрдэр баҕалаахтар.

Арыгыны атыылааһын социальнай тэрилтэлэртэн тэйиччи буоларын хааччыйыахтара.

Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын өттүгэр тохтоотоххо,  уопсастыбаннай миэстэни харбыыр 18 тэрили ылбыттар. Хомунаалынай тиэхиньикэҕэ инвентаризация ыытыллар.  Салайар хампаанньалар үлэлэрин тупсарар туһугар лицензиялааһыны муниципальнай таһымҥа ылыахтара. Оттон куорат көҕөрдүү үлэтинэн муниципальнай тэрилтэ дьарыктанара күүтүллэр.

Сыл бастакы аҥаарын түмүктэрин туһунан кэпсээн баран, суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата. Онно этэринэн, ылыммыт былааннарын олоххо киллэриигэ дьүккүөрдээхтик үлэлиир баҕалааҕа көстөр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска:  интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0