Куоракка кэмпиэттэри, Аммаҕа убаһа этин уорбуттар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сороҕор киһи бэркиһиир да, сонньуйар да буруйдара эмиэ тахсаллар. Ол эрэн, эппиэтинэс биир — холуобунай.

edersaas.ru

Ол курдук, Дьокуускай куоракка Лермонтов уулуссатыгар баар бородуукта маҕаһыынын халаабыттарын туһунан иһитиннэриини полицияҕа атыылааччы киллэрбит. Кини кэпсээбитинэн, икки киһи прилавокка баар кэмпиэттэри, сакалааттары — уопсайа 5000 солкуобай сыаналааҕы — уоран тахсыбыттар.

Оперативниктар уорбаланааччылары туппуттар — 33 уонна 36 саастаах, кэм өйдөрүн туппут дьон буолуохтаах этэ да, кэмпиэт уора сылдьаллар. Биирдэстэрэ урут наркотикка сыһыаннаах буруйу оҥорон сууттана сылдьыбыт эбит.

Барыллаан быһаарыынан, атыылааччы быстах ханна эрэ тахсыбыт кэмигэр, уоруйахтар хап-сабар кэмпиэттэри, сакалааттары уктаат, тахсар ааны былдьаспыттар. Ону түбэһэ көрбүт кассир хаһыытаабытыгар, атахха биллэрбиттэр. Маҕаһыын үлэһиттэрэ эккирэтэн тахсыбыттар да, туппатахтар.

Уоруллубут минньигэстэри былдьыыр кыаллыбатах: атыылаары гыммыттар эрээри, полиция көрдүүрүн билэн, билэр дьонноругар үллэртээн, бэлэхтээн кэбиспиттэр.

Бу оҥорбут буруйдара омос көрдөххө, көрүдьүөс курдук эрээри, Холуобунай кодексанан көрүллэр ыстатыйата ыарахан — халааһын (буолаары буолан, 161-с ыстатыйа 2-с чааһа), 7 сылга диэри болдьоххо көҥүл быһыллыан сөп.

Оттон Амма улууһун полициятыгар биир дьахтар эрийэн, кини кыбартыыратыттан убаһа этин уонна кутуллубут тоҥ хааны уорбуттарын иһитиннэрбит. Дьахтар кэпсээбитинэн, киниэхэ киэһэ хойут итирик билэр киһитэ кэлбитин биир түүн хоннорорго сөбүлэһэн хаалларбыт, бэйэтэ атын дьиэҕэ хоно барбыт.

Сарсыарда дьиэтигэр кэлбитэ — киһитэ да суох, астара да суох.

Бу уорууга уорбаланан, 46 саастаах киһи тутуллубут. Уорбут астарын стадион  аттыгар кистээбитин, дьахтарга төннөрбүттэр. Онон, сатамматах уоруйах аны «уоруу» ыстатыйанан холуобунай эппиэтинэскэ тардылларыгар тиийэр.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0