Куоракка бөҕү харайар саҥа полигон тутуллуо, ол ороскуотун 35% нэһилиэнньэ уйунуо
Аны билигин төһө бөҕү тоҕорбут барыта кэппиэйкэнэн, хачыгырас харчынан ааҕыллар. Холобур, куоракка толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор ыал, дьиэ кэргэҥҥэ хас киһи баарыттан көрөн, биирдии бэйэлэрэ ыйга 131 солкуобай 13 харчыны төлүөхтэрэ. Ол аата, үс оҕолоох ыал, ийэлиин аҕалыын барыта биэс киһилээх дьиэ кэргэн, 655 солкуобай 65 харчыны ууран биэриэҕэ.
edersaas.ru
Оттон улуустарга тарыып эмиэ тус-туһунан. Ким төһөнү төлүүрүн СӨ сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп: http://tdb.regportal-tariff.ru/TariffValues?reg=RU.7.14#
Дьокуускай куорат таһыгар, Бүлүүлүүр айан аартыгын 26 килэмиэтирдээх сиригэр 1 миллиард солкуобай суумалаах бөҕү харайар саҥа полигон тутуллуохтаах. Оччоҕуна эргэ сыбаалка сабыллыахтаах.
Бу нэдиэлэҕэ бөх реформатын дьүүллэһиигэ анаммыт төгүрүк остуолга куораттааҕы «ТОС» Салайар хампаанньа дириэктэрэ Наталья Петрова: «Куорат дьаһалтатын уонна эрэгийиэннээҕи оператор түһэрсибит сөбүлэһиитин быһыытынан, «Якутскэкосети» ХЭТ төрүттээбит инвестор «Феррмикс Констракшн» Эстония хампаанньата бөҕү наардыыр ыстаансыйаны уонна полигону тутуохтаах. Тутууну бырайыактыыр олохтоох тэрилтэлэр бөҕү наардыыр ыстаансыйа, полигон тутуутун, анал тиэхиньикэни, тырааныспары атыылаһыы ороскуотун ааҕан таһааран, 650-750 мөлүйүөн солкуобай диэн быһаарбыттар. Оттон билигин кэлэн, аҥаардас полигон тутуута хайдах биир миллиардка диэри улаатан хаалла? Ким маннык бырайыагы оҥордо? Бэйэлэрин хармааннарыттан полигон тутуутугар ылар кирэдьииттэрин тоҕо нэһилиэнньэ төлүөхтээҕий, өскөтүн тарыып 35% итиннэ туттуллар буоллаҕына?», — диэн туоһуласта.
Онуоха СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова: «Саҥа полигону сойуом ылан тутуохтара, 10 сылга бырыһыан харчытын кытта 1 миллиард 700 мөлүйүөн солкуобайы төнүннэриэхтээхтэр. Дьокуускай уонна Жатай бөһүөлэгин нэһилиэнньэтиттэн бөҕү харайыыга биир сылга хомуллубут үп 170 мөлүйүөн солкуобайга тиийиэхтээх. Бөҕү хомуйуу тарыыбыгар оператор контейнер, тиэхиньикэ атыылаһар ороскуота, нолуога, тулалыыр эйгэни киртитэрин иһин төлүүр харчыта барыта киирэ сылдьар. Тарыып 35% — саҥа полигон тутуутугар угуллар үп. Онон Өрөспүүбүлүкэҕэ кытаанах бөҕү харайыыга олохтоммут тарыып 2020 сыл от ыйыгар диэри бигэргэннэ, онтон хаттаан көрүллэн, үс сылга оҥоһуллуоҕа», — диэн хоруйдаата.
ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Виктор Романов уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бөҕү наардыыр ыстаансыйалары, саҥа полигоннары тутарга 6 миллиард солкуобай үп наадатын чуолкайдаата. Бөхпүтүн хомуйарга Федеральнай бүддьүөттэн 217 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн 32 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ.
Ол курдук Аллараа Бэстээххэ сылга 5000 туонна бөҕү тус-туһунан наардыыр ыстаансыйа тутуллуоҕа. Иккистээн туһаҕа тахсыан сөптөөх бөҕү тимир суолунан Хабаровскайга переработка собуоттарыгар ыытыахтара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ кытаанах бөҕү харайыынан дьарыктанар «Якутскэкосети» ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы Юрий Семенов билиҥҥитэ 64 тиэхиньикэ, 16 бөҕү хомуйар массыына атыылаһан, үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдэ. Куорат хас биирдии уокуругар туһунан тиэхиньикэ сыһыарыллан, бөҕү кэмигэр хомуйуо.
Чааһынай дьиэлэргэ куорат дьаһалтата 500 контейнер туруорар санаалаах. Уопсайынан, бөҕү быраҕар контейнердарынан хааччыйыы – олохтоох бэйэни салайыныы уорганын үлэтэ диэн чуолкайдаата ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Виктор Романов.
Мунньуллубут бөхтөрүн элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр контейнердарыгар илдьэн быраҕар, кытаанах бөҕү таһаарыыга дуогабар түһэрсибэт урбаанньыттары, тэрилтэлэри хонтуруоллуур уорганнар эппиэккэ тардыахтара.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru