Кылынан наһаа тупсаҕайдык өрүллүбүт 7 миэтэрэ усталаах, 5 аҥаар миэтэрэ туоралаах, 9 устуука ынах туйаҕыттан, биир эдэр сүөһү аҥаар муоһунан оҥоһуллубут таастыганнардаах, 26 устуука сороҕо ытыс саҕа улаханнаах туоһу хос-хос тутан сигэнэн тигэн, сороҕо хаптаһынтан кыһан оҥоһуллубут, өссө биир мутуктан оҥоһуллубут лаппаанчалардаах (хотоҕос) муҥха ийэтэ көһүннэ.
Туруга лаппа үчүгэй. Арай, лаппаанчалара сорохторо хайыта хаппыттар.
Сэрии сылларын кэннинээҕи аас-туор дьыл, Бүлүү диэкиттэн биир огдообо киһи быраатынаан кэлэн, Харбалаахха олохсуйарга сананан, холкуоска киирбиттэр. Бу киһи Егоров Эниэттэй Бөтүрүөбүс — Куону диэн, оттон быраата Өлөксөй — Һаттайбыт диэн этилэр. Куону дойдутугар биир элбэх оҕолоох огдообо дьахтары кэргэн ылан, бэйэтиттэн өссө биир оҕолонон олордохторуна, кэргэнэ ыалдьан өлөн хаалар. Куону оҕолорун аймахтарыгар туттартаан баран, онон-манан кэлэр-барар. Онтон дьэ, бу Харбалааҕы булан олохсуйарга быһаарыммыт. Тоҥуулаахха олохтоох Нуучча Ньукулай уола Дьэкиим улахан кыыһын Даарыйаны ойох ылан, Майаахыга дьоҕус дьиэ туттан олохсуйаллар. Оҕоломмотохтор. Майаахыны былыр Бараах Уйбаан уола атыыһыт Никииппэр дьону наймылаһан, ойууру солотон ыһыы сирэ оностубут. Кулаахтааһын сылларыгар Никииппэр Бараахап баайын, сүөһүтүн-аһын, дьиэлэри-уоттары, хотоннуун, сирдиин түөрэ тутан ылан уопсай баайга холбообуттар. Куонулаах дьиэлэрэ Майаахы хоту өттүгэр, Бүлүүлүүр айан суолуттан субу турара. Оҕонньордоох суох буолтарын кэнниттэн, өтөхтөрө атыыламмыта. Билигин элбэх оҕолоох эдэр ийэ дьиэ туттаран олорор. Былыргы балаҕаны көтүрээри сарайга киирбиттэрэ, өтөрдөөҕү кыл мунха сороҕо сытар эбит. Саҥа хаһаайка ону миэхэ эппитигэр «ылабын, олох быраҕымаҥ» диэммин баран көрбүтүм. Тыраахтар кэпсэтэн, тиэйэн, музейга аҕалтарбытым.
Куону олохтоох тыллаах, бэйэтин кыанар киһи эбит. Бастаан кэллэҕин утаа, тутууга сылдьыбыт, онтон тыаһыттаабыт. Сайынын биригээдэҕэ от охсооччунан сылдьыбыт. Сааһыран баран Тэҥэлилээххэ оҕонньоттору кытары солбуһа сылдьан быһыт быһан холкуостарыгар балыктыыллар эбит.
«Ол балыктарын Чурук Уйбаан, Соппуруон диэн улахан уолаттары кытта сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн биир дьааһыгы саһыл пиэрмэтигэр илдьэрбит, биири дэриэбинэҕэ аҕалан ыскылаакка туттарарбыт. Куону чэйдэтэрэ, үөлүллүбүт собонон күндүлүүрэ«,- диэн ахтар оччолорго балык таһааччы Николаев Николай Николаевич.
Куону хара кыаммат буолуор диэри муҥха тойонунан сылдьыбыт. Муус турда да, Куону муҥхатын бэрийэн, нэһилиэк эбэлэрин тардаллара үһү. Инньэ 4-5 көстөөх Бэскэ тиийэ, хонуктаан сылдьан мунхалыыллар эбит. Муус халыҥыттан чаҕыйа сылдьыбат түгэннэрэ эмиэ баар. Былыргы муҥхалар бэйэлэрэ туһунан бырааһынньык курдук тэриллэллэрэ дииллэр. Чугас нэһилиэктэртэн тиийэ дьон, дьахталлар мустан муҥхалыыллара үһү. Дьэ, онно балык тахсарын кэтэһэ таарыйа оһуохай бөҕөтүн тардан кэбиһэллэр эбит. Аны, киэһээ хонуктарыгар тахсан баран эмиэ күрэстэри тэрийэн, оһуохайдаан, хоһуйсан көр бөҕө буолар эбит. Оччолортон уостан түспэккэ кэлбит муҥха көрүн, хоһуйсууларын кэпсээбиттэриттэн сороҕун өйдөөн хаалбыппын.
Дьэ, муҥха тойоно Куону балык тахсарыгар туттара-хаптара сыыдамсыйан, дьонун дьаһайталаан, ким да кини тылыттан тахсыбат эбит. Муҥхаҕа саамай тыҥаһыннаах кэм — муҥха тахсыыта. Ити кэмҥэ дьон үмүөрүһэн, отур-ботур кэпсэтэн, дуоспуруннана түһэллэрин эдэр сылдьан кыргыттары кытары кучуйсан муҥхаҕа хаста да сылдьан, билэн-көрөн турардаахпын. Эбэ барахсан бэристэҕинэ саҥа-иҥэ күйгүөрэ түһэр, дьон суугунаһар. Онно үөрэн, күлэн ыртайбыт сирэйдэри билигин да көрөр курдукпун.
Куону балыгы бэйэтэ үллэрэрэ үһү. «Мин биирдэ оҕо сылдьан мунхаҕа нырыыһыттаатым. Үллэһиккэ оҕонньор: «Һок, саамай кыра муҥхаһыкка!»- диэн куулбун толору куттарбыта. Оо, онно үөрбүппүөн! Ону билигин да умнубаппын! Оҕонньор сүрдээх суобастаах, үтүө санаалаах киһи этэ. Балыгын үллэрэригэр ким хас оҕолооҕун, дьиэтигэр хас иитимньилээҕин барытын билэн, кими да матарбакка барыларыгар ирээттээн кутара»- диэн махталынан ахтар билигин бэйэтэ хас да оҕо эһэтэ Николай Николаевич. Куону оҕонньор суох буолбутун кэнниттэн оннук үллэһик тохтообут. Хойукка диэри ол муҥхаларын дьон ахталлара үһү.
Куону былыр, ыраах хонуктаан оттуу сылдьан, Даарыйатыгар тууйаска сиэбит соботун тылларын мунньан кэһиитин ыытара үһү. Кэргэнин дэлэ таптаан, атаахтатан инньэ гынара буолуо дуо!
Мин Куону оҕонньору көрөр этим. Күтүөтүм Охонооһойу кытары дьиэбит таһыгар, ойуур саҕатыгар, сыарҕа оҥорор этилэр. Куону син бэккэ уһанар эбит. Дьиэтигэр ыскаап оҥорбута баарын аймахтара кыыс музейга бэлэхтээбитэ. Ыаллар сана дьиэ тутталларыгар, Куонуну ыҥыран өһүө хаптаһынын устуруустаталлар эбит. Оччолорго муодунай «долгун үрүттээх» дьиэлэри үксүн Куону оҥортообута үһү. Анал устуруустаах эбит, онтуката эмиэ музейга хараллан сытар.
Муҥханы музей тиэргэнигэр тэниччи быраҕан көрөбүт. Элбэх кэпсээннээх кырдьаҕас муҥха ийэтэ бу сытар… Өбүгэлэрбит барахсаттар дьоннорун-сэргэлэрин аһатаары ситии хатан бу мунханы өрөн таһаардахтара. Муҥхалыы бараары сүбэ-соргу, сүпсүгүрүү бөҕө буоллахтара. Бу муҥха барахсаны астаах дуу, кураанах дуу тахсарын төһөлөөх элбэх киһи долгуйа кэтэспитэ буолуой! Төһөлөөх элбэх киһини аһаппыт, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт мунха буолуой! Өбүгэм ытык тэрилэ! Куону барахсан хаста-хаста муҥхата төһөнү сомсон таһаарарын, эбэтэр кураанах тахсыа диэн дьонун-сэргэтин иннигэр долгуйа, дьиппиэрэн муҥхатын таһаарбыта буолуой!..
Сэтинньи ый — муҥха үгэннээн эрэр кэмэ. Биһиги буоллаҕына хас эмэ уонунан сыллартан илдьит тутан турабыт! Ол иһин этэбин: отчут-масчыт, кусчут-балыксыт сахам эр дьоно барахсаттар, мунхаҕыт мэлдьи толору буоллун, дьиэҕитигэр өттүк харалаах, үөрүү аргыстаах эргиллиҥ!
Светлана Копыленко,
И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын салайааччыта.
Үөһээ Бүлүү.