Куочай Куо (остуоруйа)

Ааптар: 
29.09.2022
Бөлөххө киир:

Былыыр-былыр Куочай Куо диэн сэттэ саастаах кыыс олорбута үһү. Кыыс кыра да буоллар, төрөөбүт айылҕатын ис сүрэҕиттэн таптыыра, харыстыыра – оту-маһы алдьаппат, кэрэ сибэккини, оту көрдөҕүнэ тосту үктээбэт, үргээбэт, ханнык да мас лабаатын тоһуппат этэ. Оту-маһы таптыы, имэрийэ, кинилэри кытта кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьар идэлээҕэ. Кини от-мас иччилэрин, ойуу-бичик уолаттар-кыргыттар саҥала­рын-иҥэлэрин истэр, кинилэрдиин кэпсэтэр, илэ хараҕынан көрөр, оонньуур ураты дьоҕурдааҕа.

От-мас, таас күрбэ быыһыгар кып-кыра, эрбэх саҕа, араас кэрэ сэбэрэлээх ойуу-бичик уолаттар-кыр­гыттар элбэхтэ­рэ. Кинилэр бары кыыһы таптыыллара. Куочай Куо­ну кытта оонньоору, сүүрээри-көтөөрү, сарсыарда хаһан туран кэлэрин кэтэһэллэрэ. Биир сарсыарда эбэтэ эппитэ:

– Куочай Куо, сарсыарда табалар кэлбэтилэр. Табаларбытын сир кыыла булла быһыылаах. Ийэлээх аҕаҥ эмиэ суохтар. Туохха эрэ түбэспиттэрэ буолуо диэн куттанабын. Эдэрим буоллар, ханна баалларын көрөн кэлиэм этэ. Бэйэҥ билэҕин, эһэҥ атаҕа ыалдьар, эн кыраҕын, сэттэ эрэ саастааххын. Арай, Сир ийэбиттэн көрдөһөн, алҕаан көрүөм, – диэн баран үрүҥ күҥҥэ, сир-халлаан иччилэригэр үҥэ-сүктэ олорбута.

Куочай Куо алгыы олорор эбэтин аттыгар олордоҕуна, от-мас иччилэрэ кини кулгааҕар сибигинэйбиттэрэ:

– Ийэлээх аҕаҕын көрдүү бар, эйигин ытыҥ Харахчаан булуоҕа, кинилэргэ тиэрдиэҕэ, – диэбиттэрэ. Кинилэр өссө: – Эбэлээх эһэҕэр этимэ, эйигин кинилэр ыытыахтара суоҕа. Ийэлээх аҕаҥ аана суох алдьархайга, иинэ суох илдьиркэйгэ түбэспиттэр. Баран быыһаа, эн эрэ барар кыахтааххын, – дэспиттэрэ.

– Оо, сөп, барыам. Эһиги көмөҕүтүнэн мин эрэ ­ийэлээх аҕабын быыһыыр кыахтаах эбиппин, – ­диэ­­битэ кыысчаан.

Эбэтэ, эһэтэ көрбөттөрүгэр, ийэлээх аҕатын көрдүү барарга санаммыта. Баҕар, таҥаһым алдьаннаҕына тиктиэм диэн иннэлээх сабын, сүүтүгүн, тоҥнохпуна уот оттон иттиэм диэн эбэтин хататын, табаны тутан мииниэм диэн маамыктатын ылбыта. Табалар мэччийэр хайаларын диэки барбыта. Баран испитэ, баран испитэ, сылайан охтон түспүтэ. Ол сытан, эбэтин үтүктэн, алгыс тыллары холбоон ыллаабыта:

Аан дойдум иччитэ,
Хотун хайам тыына,
Долгулдьуйа хамсыыр
Отум-маһым дьиримэ,
Ойуу-бичик доҕотторум,
Отум-маһым иччилэрэ,
Көтөр-сүүрэр
Тыыннаах харамайа,
Сиринэн сыыллар
Үөнэ-көйүүрэ,
Бары истиҥ, көрдөһүүбүн:
Ииппит ийэлээх аҕам
Ир суолларын ирдээн,
Тоҥ суолларын тордоон,
Ханна тиийбиттэрин
Ыйан кулуҥ,
Туох буолбуттарын
Этэн кулуҥ.
Булан ылан көмөлөһүөм,
Уот оттон ириэриэм,
Ас астаан аһатыам,
Алдьаммыттарын абырахтыам,
Атахтарыгар туруоруом,
Ураһабар илдьэ барыам, – диэн ыллаан истэҕинэ, түөрт харахтаах хара ыттара үрэ-үрэ Куочай Куоҕа сүүрэн кэлбитэ. Кыыс сылайбытын умнан ойон турбута, ытын кууһа түспүтэ.

– Оо, Харахчаан барахсан, иччилэриҥ ханна баал­ларый? Сирдээ! Ийэлээх аҕабар түргэнник тиэрт, – диэн ытын соруйбута. Ыт үрдүк хайаҕа ыттыбытынан барбыта. Куочай Куо:

– Харахчаан, Харахчаан, куотума! Күүт! – диэбитэ.

Ыта кэлбитигэр моонньуттан быалаабыта. Ыты­гар сиэттэрэн, состорон иһэн:

– Отум-маһым иччилэрэ, көмөлөһүҥ, миигин та­ҥаспыттан тардымаҥ, атахпыттан тутумаҥ, – диирэ.

Оту-маһы кытта кэпсэтэр буолан, иҥнигэһэ суох баран испитэ. Ити курдук ытын быатыттан тутуһан үрдүк хайаҕа тахсыбыта. Хайа үрдүгэр туох да суох этэ. Ыта Харахчаан аны аллара диэки дьүккүйбүтэ. Кыысчаан төһө да сылайдар, үрдүк хайаны таҥнарбыта, аллара түспүтэ. Үрүйэҕэ эмиэ туох да суоҕа. Ыта иккис хайа диэки иччитин соспута. Куочай Куо иккис хайаҕа ыттыбытынан барбыта. Кыыс күүһэ-­уоҕа эстибитэ, иккис хайаҕа сыккырыыр тыына эрэ тахсыбыта.

Болбукта быыһыгар аҕата олороро. Аҕатын булан, сылайбыта ааспыта. Куочай Куону көрөн, аҕата улаханнык соһуйбута даҕаны, үөрбүтэ даҕаны.

Кыыс аҕата атаҕын өйөөн олорорун көрөн:

– Аҕаа, атаххын эчэттиҥ дуо? – диэбитэ.

– Тобугум бүлгүрүйдэ быһыылаах. Үктэннэрбэт.

– Хайдах бүлгүрүттүҥ?

– Ийэҥ хайаттан сууллубутугар быыһаары сүүрбүтүм, таастан иҥнэн атахпын бүлгү түстүм.

Куочай Куо ону истэн, ытыы-ытыы ыйыппыта:

– Аҕаа, ийэм ханнаный?

– Аллара чубуку олоҕор иҥнибит. Бу синньигэс маамыкта ийэҕин уйуо суоҕа, быстыа диэн куттанан аллара түһэрбэтэҕим. Ол иһин ийэҕэр хайдах да көмөлөспөккө олоробун, – диэбитэ аҕата. Онтон эппитэ: – Бөҕө маамыкта баара да буоллар, атахпар кыайан турбаппын. Ийэҕин кыайан тардан, үөһэ таһаарарым саарбах. Ийэҕин кытта кэпсэт, саҥата иһиллэр.
Куочай Куо үөрэ түспүтэ. Хайаны өҥөйөн көрбүтэ да, туох да көстүбэт этэ.

– Ийээ, бу мин Куочай Куобун. Хайдаххыный? Эһигини быыһыы кэллим, – кыыс тааска умса сытан ыһыытаабыта.

– Куттаныма, Куочай Куо, арыыйдабын. Халтарыйан, хайаттан сууллан иһэн, хата, чубуку олоҕор иҥнэн тыыннаах ортум. Кимнээх эрэ көмөлөспүттэрин курдук, бу чубуку олоҕор олоро түстүм. Сүрдээх туруору. Онон аллара да түһэр, үөһэ да тахсар кыа­ҕа суохпун, – диэн ийэтин саҥата аллара диэкиттэн иһиллибитэ.

– Ийээ, мин аҕам модьу маамыктатын аҕалбытым. Ортоҕуттан баанаар, мин уучахтары тутан аҕалыам. Табаларынан состорон, эйигин үөһэ таһаарыам, күүт, – диэбитэ Куочай Куо уонна ыраах хайаҕа көстөр табаларга сүүрбүтэ.

Куочай Куо үс уучаҕы тутан аҕалбыта. Табалары­нан состорон, ийэтин чубуку олоҕуттан хайа үрдүгэр таһаарбыта. Кыысчаан ийэтин сыллаа да сыллаа буол­бута. Ийэтэ барахсан ытыстара, тоҥолоҕо, тобуга хаанынан оҕуолуу сылдьара. Туохтан да долгуйбат, сүүрэр атахтааҕы аттынан аһарбат, көтөр кынат­тааҕы үрдүнэн көтүппэт улуу булчут аҕата үөрүүтүттэн ытыы олорбута.

Ийэтэ:

– Куочай Куо, итиннэ аллара хааны тохторор эм­тээх от баара, ону аҕал. Хааным бараары гынна, тохтообото, – диэбитэ.

Кыыс, оту ыла ыстанан истэҕинэ, ийэтэ:

– Тохтоо, маамыктанан быалыам, аны хайаттан төкүнүйэн хаалыаҥ, – диэбитэ уонна хаан оҕуолуу сылдьар илиитинэн кыыһын ортотуттан быалаабыта, быатын төбөтүн илиитигэр эрийэ туппута.

– Чэ, бар. Ол оту билэҕин дуо?

– Билэбин. Эбэбэр баар этэ.

Эмтээх оттор от-мас иччилэрин көмөлөрүнэн кыыс сиэбигэр, сонун иһигэр, хоонньугар бэйэлэрэ симиллибиттэрэ. Куочай Куо икки сиэбин, таҥаһын быыһыгар толору эмтээх оту үргээн таһаарбыта. Ийэтэ оту бэрийэ олордоҕуна, кыысчаан хаппыт болбукта мутуктарын хомуйан, эбэтин хататынан кыым таһааран, кутаа оттубута. Аҕата отуу атты­гар сыыллан кэлэн иттибитэ, тобугун сылыппыта. Ийэ­тэ отуу аттыгар олорон, эмтээх оттору уокка ити­тэ-ититэ баастарыгар ууруммута.

– Ийээ, аҕаа, чэй оргутар иһиккит ханна баарый?

– Иһиттэрбит аллара төкүнүйбүттэрэ, үрүйэҕэ сыталлара буолуо, – аҕата хайа тэллэҕин ыйа-ыйа эппитэ.

– Чэ, буоллун. Оту ититэ-ититэ, ыстыы-ыстыы баас­тарбар уурунуом, хаана аҕырымныыр ини. Арай бу ытыспар дириҥ хайдыы баар. Иннэлээх сап баа­ра буоллар, тигиэм этэ, – кыыс ийэтэ баастарын эмтэ­нэ олорбута.

– Ийээ, миэхэ иннэлээх сап, сүүтүк баар, – Куочай Куо ийэтигэр иннэлээх сүүтүгүн биэрбитэ.

– Оҕобуон, наадалааҕа барыта баар эбит. Эбэҥ тэрийэн ыыппыта дуо?

– Суох… Эбэм, эһэм көрбөттөрүгэр күрээн кэлбитим. Сэттэ эрэ саастааххын, кыраҕын диэбиттэрэ. Миигин син биир эһиэхэ ыытыахтара суох этэ, – диэбитэ Куочай Куо.

– Кырдьык, кыраҕын. Сэттэ эрэ саастааххын. Кү­рээн кэлэр куһаҕан. Ол гынан баран, эн кэлбэтэҕиҥ буоллар, биһиги өлүө этибит. Билигин эмтэнэн баран, аҕаҕар көмөлөһүөхпүт. Тобугун киллэрэн, уокка ититэн баран, маһынан атаҕын өйүү баайыахпыт. Атаҕа сотору үтүөрүөҕэ. Мэ, иннэлээх сапкын, сүүтүккүн. Ууран кэбис, – иннэлээх сүүтүгү кыыһыгар ууммута.

– Кэл, аҕаҥ атаҕар олор. Мин атаҕын көннө­рүөм. Эн, мэ, маһы ытыр, тиискин хабырынан алдьатан кэбиһиэҥ, – дьахтар эригэр мас ытыттарбыта. Ата­ҕын туппалаан хайдах бүлгүрүйбүтүн быһаарбыта, эмискэ эрийэ тардыбыта. Эр киһи ыарыыта бэрдиттэн, улаханнык ыһыытаабыта, уҥан хаалбыта.

Дьахтар:

– Уһуу, хата көннөрдүм, бу дьолу! Аан дойдум иччилэрэ көмөлөстүлэр! Уруй! Туску! – дии-дии хайаларга тоҥхоҥнообута.

Сотору аатырбыт булчут сүһүөҕэр турбута. Кыыс­тарын Куочай Куону икки өттүттэн кууспуттара, сыллаабыттара: «Оҕобут баар буолан, тыыннаах хааллыбыт», – дэспиттэрэ. Кыыс аҕалбыт уучахтарын миинэн, ураһаларыгар этэҥҥэ тиийбиттэрэ.

Сэттэ саастаах Куочай Куо ийэлээх аҕатын өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан сурах-садьык ­ыраах сирдэринэн тиийэ иһиллибитэ. Сааһыгар холооно суох үтүөтэ-өҥөтө тайҕа, туундара олохтоохторун сү­рэх­­тэрин-быардарын манньыппыта. Кэлин даҕаны ­ойуу-бичик уолаттар-кыргыттар доҕоттор­доох буолан, элбэх киһини, оҕону алдьархайтан быы­һаабыта.

Улаатан баран «Куочай Куо дуо?» дэнэр үтүө санаалаах, өйдөөх, барыны бары сатыыр кыыс бэрдэ буола улааппыта. Оту-маһы кытта кэпсэтэр идэтэ сайдан, талах ойуур быыһынан хаамтаҕына, от-мас кини иннигэр силэллэн биэрэрэ, аастаҕына, хаам­пыт сиригэр араас сибэкки чэлгийэрэ. Куочай Куо көтөр-сүүрэр саҥатын-иҥэтин истэр, өйдүүр дьоҕура өссө сайдыбыта. Кинилэр Куочай Куо тула мустан баран, аан дойдуга туох дьикти баарын барытын кэпсииллэ­рэ. Онон кини сиргэ-дойдуга туох буоларын истэ-билэ олороро, ­ийэлээх аҕатыгар кыыллартан-көтөрдөр­­төн, ­ойуу-бичик уолаттартан-кыргыттартан истибитин-билбитин барытын кэпсиирэ.

Мария Федотова-Нулгынэт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0