Куобах куттас буолбатах!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Close up Hare running in the winter field

( оҕолорго остуоруйа)

Кыһын. Сир -дойду кырса түү сымнаҕас хаарынан бүрүллүбүт. Ураа муостаах Дьыл оҕуһа тымныынан уһуутуур. Тыа иһэ уу — чуумпу.
Уһун кулгаахтарын төбөлөрүгэр харалардаах маҥан куобах ыарҕаны кэрийэ сылдьан, кыһын буоллун, сайын буоллун, өрүү күөх турар харыйа таһыгар тохтуур.
— Иэхэйбиин, бу саҥа сыл мин сылым буолар, төһө эрэ күннүүбүн, бу кэлэр саҥа дьылы наһаа да өр күүттүм.— дии — дии ытыстарынан таһынар, хаарынан ыһыахтанар, үөрэр — көтөр.
Бу кэмҥэ, кыһыл саһыл обургу ааһан иһэн куобах тойугун истэн сөбүлээбэтэх, сонно — тута үһун кутуругун соспутунан тыа кыылларын ыҥыртыы элэс гынан хаалар.
Бэрт түргэнник, ыраахтан — чугастан ыҥырыылаахтар биирдиилээн — иккилиилээн кэлитэлээн бардылар.Саһыл бөрөттөн куттанар буолан, ыҥыра да сатаабата.
Албынынан аатырар саһыл өҥүн — дьүһүнүн оҥосто — оҥосто мунньаҕы бэйэтинэн саҕалааччы буолла, куобаҕы сэнээбиттии көрө — көрө этэн тыынан барда:
— Көрүҥ эрэ, бу кылар харахтаах, хайыһар атахтардаах, кылгас кутуруктаах куобаҕы бары билэҕит.Хас мас хамсаатаҕын, мутук тоһуннаҕын аайы куттанар. Баҕаттан да, бэйэтин күлүгүттэн да куттанан салыбырыы сылдьар куобаҕы биһиги хайдах кини сылын ылыахпытый?
Куобах эрэйдээх кыбыстан — кытаран көтүөҕүн кыната суох, куотуоҕун бары тулалаан тураллар. Кыра кыыллар кинини аһыналлара харахтарыгар да көһүннэр, ончу тугу да быктарбатылар. Саамай бөдөҥнөрө — тойонноро эһэ суон куолаһынан оргууй аҕай дьүүлү тохтотто:
— Дьэ, барахсаттарыам, онто да суох саҥа дьыллыырбыт биллибэт. Ол курдук, икки атахтаах киһи сыл аайы биһиги харыйаларбытын кэрдэн бараата, бүтэһик бу турар харыйаны бэлиэтии көрбүтэ. Харыйата суох хайдах саҥа дьыллыахпытый? Онон тарҕаһыҥ!
Куобах барахсан бу ыйдаҥалаах киэһэ утуйар уута көтөн хаалла. Атаҕастаммытын саныы — саныы, хайдах аахсыаҕын, хорсунун көрдөрүөх санаата баһыйда, толкуйдуу сытан утуйан хаалла.
Саргылаах саҥа дьыл чугаһаатар чугаһаан иһэр. Халлаан өссө тымныйар, силлиэнэн иһиирэр, буурҕанан ытыйар. Кыыллар бары сатыы киһи атаҕын тыаһын иһиллииллэр, сэмээр кэтэһэллэр.Ыраах талахтар — мастар быыстарыттан харахтара эрэ көстөллөр. Онтон куттас куобахтара харыйаттан чугас собус соҕотоҕун төттөрү — таары хаамыталыыр, уһун кулгаахтара чөрөйбүттэр.
Кэмниэ кэнэҕэс, ырыых ыраах сүгэ сүгүүлээх сатыы киһи халыҥ хаары оймоон иһэрэ көһүннэ. Баар — суох харыстыыр харыйаларын кытта бырастыылаһар түгэннэрэ буоларыттан кыыллар бары олуһун долгуйаллар. Ыарахан атах тыаһа чугаһаатар чугаһаан, лаглайбыт күөх харыйачаан таһыгар бу тиийэн кэллэ. Сонно чохороон сүгэтин өрө көтөҕөн эрдэҕинэ, харыйа кэнниттэн сур бөрө сирэйэ көстөн кэллэ! Харыйа кэрдээччи олус соһуйан — куттанан сүгэтин элитээт, дьиэтин диэки куотта. Бэргэһэтэ ойдо, аҥар хаатыҥката уһулунна, үтүлүктэрэ таммалаатылар. Ону тэҥэ, саһан турбут саһыл эмиэ куттанан кылгас атахтарынан субурус гынан хаалла.
Олох уолуйбатах куобах бэйэтэ оҥостубут бөрө сирэйэ маскараадын устан аа — дьуо сүгэһэригэр угунна, үөрүүтүттэн харыйатын тула ойуоккалаата. Кинини кытта тэҥҥэ харыйа эмиэ үөрэн имиллэҥнээтэ, кырыа хаарын тэбэннэ.
Тыа иһиттэн айылҕа мааны кыыллара тэбис тэҥҥэ тахсыталаатылар, куобаҕы тула туран хорсунун хайҕаатылар, куустустулар. Онтон харыйаларын көрөн олус үөрдүлэр, киэргэтэн — симээн бардылар.
Дьэ буолла ээ, хаһан да буолбатах үөрүүлээх — көтүүлээх, ырыалаах — үҥкүүлээх бырааһынньык. Көр — нар ортото саһыл уонна бөрө бэлэхтээх, кэһиилээх кэлэн үөртүлэр.
Бу күнтэн ыла, куобах куттас буолбатах! Куобах сыла аҕаллын эйэлээх, дьоллоох олоҕу!

Венера Лугинова, Кэбээйи.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0