Саха сиригэр инстаграмнаах, батсааптаах дьон бары кэриэтэ, арааһа, Ньургууша диэн бэрт бэһиэлэй кыыһы истэн даҕаны, көрөн даҕаны билэргит буолуо. Биир сыл анараа өттүгэр “Дьааҥы куобаҕын сиэбэтэҕим ыраатта” диэн хотулуу унаарытан саҥара-саҥара видео устубута сири-сибиири кылгас кэм иһигэр толорбута. Ньургууша, ол эбэтэр, Ньургуйаана Сыроватская биир күнэ хайдах ааһар эбитий? Үлэ күнүн саҕалаары туран кэпсэтэбит. edersaas.ru
— Ньургууша, бэйэҕин билиһиннэр эрэ, “Дьааҥы Куобаҕа” диэн аат ылыммыккын. Дьааҥыттан төрүттээххин дуо?
— Кырдьык, ити куобах сии олорор видеом тарҕаммытын кэнниттэн, дьон бары Дьааҥыттан төрүттээх дии санаабыт этэ. Оннук буолбатах, мин Эбээн Бытантай улууһуттан төрүттээхпин. Оскуоланы Саккырыырга бүтэрэн бараммын, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка үөрэнэ киирбитим. Бэйэбин вайнер дэнэрим дуу, суоҕа дуу? Дьаныһан туран ылсыбатаҕым. Былырыын сэтинньигэ дьүөгэбэр ыалдьыттыы тиийбиппэр, Дьааҥы куобаҕын буһаран күндүлээбитэ. Уонча сыл сиэбэтэх аспын аһаан олус үөрбүтүм. Онон үөрүүбүттэн дьээбэлэниэх санаам киирэн, хотулуу акценнаах саҥараммын видео устан, инстаграммар уган кэбиспитим. Сарсыҥҥытыгар утуйан турбутум, арай, лайк бөҕөтө, подписчик бөҕөтө эбиллибит этэ! Мин соһуйуу бөҕөтө. Аны уулуссаҕа дьон тохтото-тохтото хаартыскаҕа “селфилиир”, хаартыскаҕа түһэр буолбуттара. Кэлин дьон “күлүүлээх видеота уһул” диэн суруйар, көрдөһөр буолбута. Онон бэйэм, доҕотторум олоххо түбэспит көрдөөх түгэннэриттэн видеолары устар буолбутум. Быйыл инстаграм “олоҕор” чаҕылхайдары бэлиэтиир, “Insta Awards Ykt” диэн күрэхтэһиигэ “Сыл бастыҥ вайнера” номинацияҕа хапсыбытым.
— Күнүҥ хайдах саҕаланарый?
— Сарсыарда сэттэ аҥаарга уһуктабын, сарсыардааҥҥы аһылыгы хаһан даҕаны көтүппэппин, ыксаабакка аһыыбын. Онтон үлэбинэн сүүрэ-көтө барабын, улууһум баһылыгын куораттааҕы “ илиитэ-атаҕа” буоллаҕым дии.
Ньургууша күннэтэ тимир көлөтүгэр олороот, куорат биир уһугуттан атын уһугар дьыалаларыгар айанныыр. Мантан докумуон ылар, онно бэчээт уурдарар, баһыылка ыытар, төлөпүөннэһэр… Арай, инстаграмынан көрдөххө, Ньургууша күлүүлээх видео уста-уста олорор курдук, отой оннук буолбатах эбит. Бириэмэ биллибэтинэн, күнүс 12.00 чаас буола оҕуста.
— Ханна эбиэттиигиний? Солото суох киһи түргэнник аһатар кафеларга аһыыгын дуу, дьиэҕэр тиэтэйэҕин дуу?
— Бириэмэбин хайдах аттарынарбыттан тутулуктаах. Ардыгар кафеларга даҕаны аһыыбын, ол эрээри дьиэ аһылыгын туохтааҕар даҕаны ордоробун, ордук — таба этин. Таба этэ суох табыллыбаппын, хаппыыстаны, хортуоппуйу кытта булкуйан, соккуой оҥорорбун сөбүлүүбүн.
ТАМАДА БАСТЫҤА
Ньургуйаана үлэтин быыһыгар тамадалыыр эбит. Сакаасчыттары күүтэ таарыйа, кэпсэтэбит:
— Хаһааҥҥыттан тамадалыыгыный? Биэчэрдэр аайы туспа сценарий суруйаҕын дуо?
— Тамадалыырбын 2004 сылтан саҕалаабытым. Ол эрээри соччо үлүһүйбэт этим. Улахан рекламата суох саҕалаабытым. Билэр дьонум бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, дьоро киэһэлэрин ыыттараллара. Аны ол саҕана оскуолаҕа учууталлыырым. Онон, бириэмэ көһүннэҕинэ эрэ дьарыктанарым. Арай, бу “Дьааҥы куобаҕын” историятын кэнниттэн, дьэ, ылсан эрэбин. Аныгы олох сиэринэн, батсаапка “Саха сирин тамадалара” диэн бөлөхтөөхпүт. Манан көрдөххө, улахан бэрт былдьаһыы, сакаас былдьаһыы диэн суох. Биэчэр иннинэ сакаасчыттарбын кытта көрсөн кэпсэтэбин, хайдах былааннаах буоларын торумнаһабыт. Онон көрөн туспа сценарий суруйабын, саҥаттан саҥаны, хатыламматы киллэрэргэ кыһаллабын.
УЧУУТАЛТАН — ВАЙНЕРГА
Ньургуйаана учууталлыы сылдьыбытым диэбитин өйдөөн, аны, бу тиэмэҕэ көстүм.
— Төһө өр учууталлаабыккыный? Тоҕо эйгэҕин уларытарга санаммыккыный?
— Эрдэ кэпсээбитим курдук, колледжы бүтэрбитим. Онтон үөрэхпин үрдэтинэн, дойдубар математика учууталынан үлэлии барбытым. Онно сэттэ сыл учууталлаабытым, “Лучшие учителя России” ахсааннарыгар киирсэммин, бэрэсидьиэн граныгар тиксибитим. Онтон быһаарынаммын, үөрэппит оҕолорум оскуоланы бүтэрэр сылларыгар, үөрэххэ туттарсыыларыгар, тэҥҥэ Дьокуускайга батыһан кэлбитим. Граҥҥа ылбыт харчыбын туһанаммын, ипотека бырагырааматынан дьиэлэммитим. Салгыы оскуолаҕа эмиэ учууталлаабытым. Онон холбоон уон сыл оскуолаҕа үлэлээбитим. Хал буолбат туһуттан хайа баҕарар үлэҕэ уһаабыта сэттэ сыл үлэлиэхтээххин диэн аахпытым. Баҕар эйгэбин уларытар санааттан эбитэ дуу, саҥаны бэйэбэр боруобалаан көрөр сыалтан, учууталлаан бүтэргэ быһаарыммытым. Бу идэ оҕолору кытта биир тылы булууга, тэрийэр дьоҕурбун арыйарга тирэх уурбута.
“СПОРДА СУОХ САТАММАППЫН!”
Ньургуйаана спорт диэн баран муннукка ытаабыт дьонтон биирдэстэрэ буолар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.
— Спорт ханнык көрүҥүн ордороҕун? Күн өрөөбөккө дьарыктанаҕын дуо?
— Спорда суох сатаммаппын. Оҕо эрдэхпиттэн остуол тенниһинэн дьарыктанабын. Ол быыһыгар баскетболлаабытым. Билиҥҥээҥҥэ диэри волейболлуубун, күн көтө-көтө дьарыктанабын. Фитнескэ, сүүрүүгэ, тренажеркаҕа атастаһыннара сылдьан дьарыктанабын. Урут дьарыкка наадыйбат этим, онон эттээх соҕус этим. Ийэбин кытта олорор буоламмын, ас буолунай этэ, төһө баҕарбыппын сиир этим. Оттон билигин аҕыс киилэ ырдым, тас көрүҥмүн тупсардым. Сылаас күн турдаҕына, Төхтүр базатыгар сноубордунан сырылыы барабын. Баҕар, бэйэм хоту улууска төрөөбүт буоламмын буолуо, хайаҕа олус чугаспын. Мин муораҕа сынньалаҥҥа, куруорка олох наадыйбаппын. Ол кэриэтэ төһө баҕарар хайаттан сноубордунан сырылыам этэ.
ДЬИЭ-УОТ, КИЭҺЭЭҤҤИ ТҮБҮК
— Дьиэ кэргэҥҥитигэр үгэстэрдээххит дуо? Оҕо сааһыҥ саамай сырдык өйдөбүлэ?
— Дойдубар бары муста түстүбүт даҕаны ыраах отоннуу барабыт, бу күнү оҕолуун-уруулуун олус кэтэһэбит. Оҕо сааспар саамай өйдөөн хаалбытым диэн, арааһа, 90-с сыллар
га буолуо. Бииргэ төрөөбүт убайым атыыһыттыыр. Кытайтан табаар аҕалан эргинэрэ. Убайым Эбээн Бытантайга миэхэ анаан диэн биир баул сникерс, марс, ыас арааһын, оонньуур эгэлгэтин аҕалбыта. Оччолорго бу саҥа үөдүйэн эрэр астар буоллахтара, олуһун үөрбүппүн өйдүүбүн. Бүтүн улуус иһигэр миэхэҕэ эрэ маннык кэһии кэллэҕэ буолуо, ол түгэни билиҥҥээҥҥэ диэри күндүтүк саныыбын.
— Саҥа сылтан тугу күүтэҕин?
— Саҥа сылтан барыта саҥаны кэтэһэбин. Саҥа санаалары торумнуубун, саҥа сыаллары туруорунабын. Чугас дьонум доруобай буолуннар, уоннааҕыта барыта көстөн иһиэ буоллаҕа.
Ньургуйаана киэһээҥҥи аһылыгын аһаат, аны Төхтүргэ сноубордуу барар. Кинини үгүспүт вайнер, инстаграм “сулуһун” эрэ быһыытынан билэр буоллахпытына, бу кэпсэтииттэн атын өттүттэн арыйдаххыт буолуо диэн эрэнэбит. Элбэх кэпсээннээх, интэриэһинэй олохтоох Ньургуйаанаҕа саҥа сыллааҕы былааннара туолалларыгар, ситиһиилэри баҕарабыт!
Айтана АММОСОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru