Куобах барахсан

Ааптар: 
20.10.2021
Бөлөххө киир:

Хаар түһэрин көрө-көрө Максим Ксенофонтов «Куобах барахсан» кэпсээнин ааҕыҥ. 

Олеся  Швец туруору кирилиэс устун: «Куобах, куобах барахсан», — диэн ыллыы-ыллыы түһэн иһэрин утары көрсөн, дорооболоһон аастым. Олеся Викторовна, украинка, ити сахалыы оҕо ырыатын иэйдэҕинэ, санаата көннөҕүнэ ыллааччы. Ыксаабатым буоллар, туохтан санаата көммүтүн, баҕар, ыйытыам эбитэ буолуо.

Күнүс куобах туһунан санаан кэллим. Дэлэйбэтэҕэ син ыраатта. Бэртээхэй булт көрүҥэ буоллаҕа эбээт.

Куобах — тыа кыылларыттан биир саамай тэнийбиттэрэ. Австралияттан ураты материктарга барытыгар баар кыыл. Аан дойдуга куобах отучча араас көрүҥэ баарын суруйаллар. Уончалыы сыл буола-буола ахсаана элбиир-аҕыйыыр.

Дойду сир куобаҕа сайын бороҥ, кыһын маҥан түүлэнэр. Хоту дойду, Арктика куобаҕа сылы эргиччи мап-маҥан өҥнөөх буолар. Соҕуруу, итии  дойду куобахтара саһархай, кугас, хара буолаллар.

˟    ˟   ˟

Биирдэ уончалаах Люда уонна Рита диэн аҕас-балыс кыргыттар Быһыттаах дэриэбинэтиттэн чугас, ойуурга оонньуу сылдьан тиит төҥүргэһин булан, тэбиэлии оонньообуттар. Арай, эмэх чөҥөчөк иһиттэн туох эрэ кып-кыра, түүлээх харамай сыкырыйан тахсан, от-мас быыһыгар киирэн хаалбыт.

— Кутуйа-ах!!! – кыргыттар часкыйбыттар. Онтон өссө хас да кыылчаан тахсан куоппуттарын өйдөөн көрбүттэрэ, куобах оҕолоро эбит. Кыргыттар дьиэлэригэр быычыкаан куобах оҕолорун көрбүттэрин туһунан кэпсээннээх кэлбиттэр.

Саҥа төрөөбүт куобах оҕото хайы-үйэ түүлээх, хараҕын аспыт буолар. Сири булаат, сотору кэминэн ойуоккалаан киирэн барар. Ити өттүнэн, куобах оҕото кутуйах дуу, ыт дуу оҕотунааҕар эрдэ сайдан күн сирин көрөр. Сайын устата куобах иккитэ эбэтэр үстэ төрүүр.

Тыһы куобах оҕолорун күҥҥэ биирдэ эрэ эмтэрэр. 6-8 оҕолоох буолар. Эмэ сылдьар куобах оҕотун  дьүөлэкээн диэн ааттанар.

Манна даҕатан, Саха сирин сорох улуустарыгар, Бүлүү сүнньүнэн уонна  Дьааҥыга, Дьүөлэкээн диэн аҕа уустара тарҕаммыттарын санатыахха сөп.

Арыый улааппыт куобах оҕото сахалыы элбэх ааттаах. Ол курдук нох, ньохох, ньолох, ньөлөк, ньохоос, ньоруоскай, ньоорой, ньолохох, ньоллоох, ньукуруут диэн «н», «нь» дорҕооннортон саҕаланар дьикти ааттардаах. Манна «-ох» диэн сыһыарыы кыыллар оҕолорун ааттыырга туттуллар сыһыарыы буоларын санатар тоҕоостоох.

Биллэн турар, сир-сир, улуус-улуус аайы куобаҕы, сааһынан көрөн, араастаан этэллэр.  Холобур, кыра куобаҕы өссө буодьу, бодьойоон, борооху, бөлөдьөөк дииллэрин булка сыһыаннаах дьон билэр. Маны таһынан, ситэ улаата илик бу бөдөҥ кэрбээччини оккооло, охторокой диэн эриэккэстик ааттыыллар.

˟    ˟   ˟

Алтынньы саҥатыгар биир субуота күн Василий Иванович Айталыыны тыаҕа тахсан «кэрийэ, хаама түhэргэ» ыҥырбыта.

Эhээ устудьуон уолга саҥа уон алтыс калибрдаах ИЖ-27, бэртикээлкэ (туруору уостаах) доруобун уларсыбыта. Бэйэтэ икки айахтаах, швейцарскай, сүүрбэ түɵртээх диэн олус сэдэх калибрдаах, горизонтаалка (сытыары уостаах) эргэ саатын ылбыта. Бу саатыгар хотуобай ботуруон атыыламмат буолан, эргэ алтан гильзалары ииттэн ытара.

Саха Чапаайа бу саатын олус хайгыыра:

— Дьэ, доҕо-ор, бу баар, саа бастыҥа. Урукку оҥоhук. Тас сомуок. Пэрэхэньиитэл эҥин диэн ньиэту. Отой удуобунай. Ханнык устубуолгунан ытыаххын баҕараргын эрэ иитэҕин. Пэрэхэньиитэллээх саа күннүгүлүү бойуогун куруhууната тура сылдьар, интерсептор эрэ тута сылдьар. Онтон тимир сылайар, кэлин оннук саа эпчиэскэлиир да буолуон сɵп. Оттон мантыҥ куруhууната ытарга эрэ үлэлиир, онон бу саа – биэчинэй тэрил. Люфт эҥин диэн кэлиэ дуу, суох буоллаҕа дии! Букатын дьалкыйан кɵрɵ илик. Кɵр, ыйааhына кыра, үс киилэни кыайбат эрээри, киhи саннын күүскэ аспатынан уратылаах. Саа тɵhɵнɵн ыйааhыннаах да, соччонон санныгын тэбэрэ кыра. Ити кыра ыйааhыннаах уон алталаах саалар барахсаттар соноҕос тэбэринии саайаллар ээ. Күннүгүлүү кустаан баран, киэhэ уҥа санныҥ кɵҕɵрɵн кэлээччигин. Дьэ, айаккалаах, оннук доруобунан бултуур. Ол оннугар лис курдук ыйааhыннаах уон иккилээх саа тэбэрэ кыра буолар: маассата атдаачаны тохтотор. Аны туран, бу «швейцааркабын» санныгар даҕайыаҥ кэрэх, кɵрбүт сиргэр кыҥаабыт буолаҕын. Ол аата олус приклаадистай луостаах. Бирикилээдэ олус уhуна суох буолан сайыҥҥы да, кыhыҥҥы да булка бэрт табыгастаах, — уонна бу саатын бирээмэ бэйэтэ уhанан оҥорбут киhилии астынан, ымайан ылара.

— Оттон бɵлɵхтүүрэ хайдаҕый? – Айталыын кэрэхсии истэрин биллэрэн, сэҥээрэрэ.

— Дьэ, ол чааhынан ити сэсиэппит Ньукулай Дьɵгүɵрэбис эрэ венгерскэй уон алталааҕа утаалаhара буолуо дии саныыбын. Ол киниэнэ устубуола уhунун суотугар буолуохтаах. Оттон миэнэ киниэниттэн уонча сантымыатыр кылгас устубуоллаах эрээри, «кымньыылыыра» диэн «биэс»! – Василий Иванович ыалын саатын эмиэ таарыччы хайгыыра. – Хаҥас устубуолбунан ыттахпына отут миэтэрэттэн тэтэрээт илииhигэр доруобунньуга барыта түhэр. Ону кɵрɵн сорохтор «итиччэ буулдьалыы бɵлɵхтүүр саанан киhи тугу табыаҕай?!» диэн олус сɵҕɵɵччүлэр. Онон холбуур уоhунан биэс уонча миэтэрэттэн «сыыспаппын» диэн эрэллээх туран ытабын. Уҥа да уоhум, болучуок диэтэххэ, эмиэ бэркэ саайар, мээнэ ыспат. Ол да иhин үйэм тухары сɵбүлээн илдьэ сырыттаҕым эбээт!

Доҕордуулар Пурганы уонна Дохсуну батыhыннаран чугастааҕы мырааннары кэрийбиттэрэ. Кɵтɵҕɵ түспүт буолан, тыа иhэ ыраахха диэри сэндэҥэрэн кɵстɵрɵ.

Кэтит бырасыака устун аа-дьуо, отур-ботур кэпсэтэ истэхтэринэ ыттар уҥа ɵттүлэриттэн, ычык титириктэрин быыстарыттан, муус маҥан куобаҕы туруоран сырсыбыттара. Дохсун үрэ-үрэ эккирэппитэ, оттон Пурга ыйылаан ыла-ыла куобах кэнниттэн түhүммүтэ. Айталыын доруобун санныттан эhэ охсон ылан, бугуйан, кинилэр туhаайыыларынан эргийэ сүүрэн уунаҥнаан иhэр хотоноҕу кыҥаабыта.

— Кэбис, доҕор, ыттаргын табыаҥ, ытыма, — Василий Иванович ботугуруур саҥатын истэр, уол саатын аллара санньыппыта.

Куобах букатын аҕыйах хаамыылаах сиринэн, хараҕа быччайбытынан, тиҥилэҕин тыаhа битигирээбитинэн, омуннаахтык ойуолаан ааспыта. Бугуйаары, мэктиэтигэр, бүдүрүйэн ылбыта. Кыччаҕар кэнниттэн Пурга чэпчэкитик ыстаҥалаан ааспыта. Онтон Дохсун барчалаан, куобах иннин күɵйэрдии хайысхалаах быыралаан барбыта. Ɵр-ɵтɵр буолбатаҕа, куобах кыра оҕолуу бэбээрэр саҥата иhиллибитэ. Тиийбиттэрэ Пурга булдуттан кɵҥɵнɵн, сиргэ сытар кылбаа маҥан куобаҕы чугаhаан сытырҕалыан баҕарар Дохсуҥҥа аhыытын килэҥнэтэн, ырдьыгыныы турара.

— Ээ, хотуй, бар! Табаарыhыҥ былдьыа диэтэҕиҥ дуу?! – Эhээ Пурганы сэмэлээбитэ эрээри, арҕаhыттан, сүүhүттэн имэрийбитэ. – Чэ, булкун аҕал.

«Аҕал!» диэн билэр хамаандатын истэн, Пурга куобаҕы сүнньүттэн ытыран ылан, Эhээ иннигэр уурбута.

— Буот, маладьыас, Пурга, — Айталыын лаайканы хайҕаабыта, — кэл, Дохсун. Тыhы ыкка тиийбэтиҥ дии, доҕоор. Чэ, ньучубуо. Аныгыскы табысхааны эн тутаар.

Устудьуон уол ыттары имэрийтэлээбитэ, тугу эрэ ботугураан, сүбэлиирдии Дохсуҥҥа эппитигэр, ыта кутуругун ɵссɵ күүскэ куймаҥнаппыта. Ол кэмҥэ Эhээ куобаҕы ылан кубарыччы хаппыт, онон-манан урукку булдун хаана сыстан хаппыта чай курдук болоорбут, эргэ мас манаагытыгар бааммыта уонна сүгэн кэбиспитэ.

Тохтоон, ылтаhын билээгэттэн сɵрүүн уу куттан испиттэрэ, тыын ылан, охтубут тииккэ олорболуу түспүттэрэ уонна салгыы хаампыттара. Ситэ уонча мүнүүтэ буолбатахтара, ыттар үрэн лоҥкунаспыттара.

Булчуттар тиийбиттэрэ, үрдүк бэскэ үп-үрүҥ кырынааhы таhааран олороллоро. Пурга омунугар икки кэлин атаҕар туран, илин атахтарынан бэс хатырыгын тарбыы-тарбыы үрэрэ. Оттон Дохсун оттомноохтук, олорон эрэн баhыргыыра.

— Чэ, эрэ, Эhээ, ытан кɵрдɵр эрэ, — Айталыын булду кɵрɵн эгди буолбут куолаhынан эппитэ.

— Доҕо-оор, тыаҕа сылдьар «ытар» диэн тылы туттубат баҕайыта. Эhэкээн хомойуо. «Yрдэрэр», «тыаhыыр», «кыталыктыыр», чэ, уонна да атыннык этиллэр куолута, — аа-дьуо быhаара-быhаара Василий Иванович сүүрбэ түɵртээҕин сенныттан устан, уҥа уоhун тас сомуогун «тыс» гына туруорбута уонн мас кэннигэр сɵрɵнɵн туран син балайда уhуннук кыҥаабыта.  Онтон «швейцаарка» уhун хойуу буруонан хатаннык «сɵтɵллүбүтэ». Кырынаас үɵhэттэн эhиллэн кэлэн түспүтэ. Тɵбɵҕɵ таптарбыт этэ.

— Бэрт «үрдэрии» эбит! – улаханнык саҥа аллайаат, бэлиэлээҕи ылан, Айтлаыын кырдьаҕас доҕоругар кɵрдɵрбүтэ. – Чопчу кулгаахха түhэрбиккин.

Онтон ыттарга сытырҕалаппыта. Кырынаастан дьаар сыта кэлэрэ.

— Сытыкатыын! – уол мырдыччы туттан ылбыта уонна эппитэ, – Эhээ, кɵхсүгүнэн эргий эрэ, манаагыгар баайан биэриэм, эмиэ уста туруоҥ дуо?

— Сɵп, сɵп, — атаhа улгумнук эргийбитигэр синньигэс сэрэмээт быанан кырынааhы сүгэр хаптаhыҥҥа иҥиннэрэн биэрбитэ.

— Ити кыылларыҥ, кырынаас буоллун, солоҥдо буоллун, бэл, сиэгэн да буоллун, сыттара сүрдээх буолар. Дьаардаахтар. Онон кинилэр тириилэрин сүлэр, таҥастыыр мɵлтɵх аҕынньылаах киhи саараммат үлэтэ, hэ-hэ, — Эhээ санаата кɵнньүɵрэн, быhаара испитэ.

Ити күн Айталыын биир куобаҕы, икки бочугураhы, Василий Иванович биэс тииҥи эбии бултаабыттара. Куораттан букатын чугас да сырытталлар, бэркэ бултуйан тɵннүбүттэрэ.

˟    ˟   ˟

Куобах барахсан! Тириитэ — сымнаҕас, сылаас таҥас, этэ – тотоойу ас бэрдэ. Саха дьонун былыр, аас-сут дьылларга элбэхтик абыраабыта кэпсэлгэ сылдьар.

Былыр куобаҕы «амыдай» дииллэрэ үһү. Билигин ол  умнуллан эрэр. Куобах атын ааттарын: табысхаан, хотонох, кылгас атах, ускаан, бөлөөк диэннэри дьон үксэ билэр, туттар.

Маанылаах кыылбыт, куобах барахсан, сотору кэминэн дэлэйиэ диэн эрэнэ кэтэһиэҕиҥ.

Максим Ксенофонтов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0