Муус устар ый саҥатыгар Нуучча драматическай тыйаатырын сыанатыгар Саха сиринээҕи култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ олохтообут «Күн Өркөн-2019» бириэмийэтинэн өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр кыайыылаах-хотуулаах, үрдүк ситиһиилэрдээх выпускниктарын, быйылгы сылга үөрэх тиһэх куурустарыгар туйгун үөрэнээччилэри бэлиэтээтэ.
Тыйаатырга бу күн мустубут дьону-сэргэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Степанович Куприянов эҕэрдэлээтэ. Кини үөрэх тэрилтэтэ өрөспүүбүлүкэ култууратын сайдыытыгар үрдүк квалификациялаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ сүҥкэн оруоллааҕын таһынан, төрөөбүт дойдубутугар олохсуйбут төрүт омуктар култуураларын үйэтитээһиҥҥэ, барҕардыыга улахан үлэни ыытарын ыйда. Саха сиринээҕи культура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэрэ, Саха сиринээҕи кутуура уонна ускуустуба эйгэтин үлэһиттэрин айар түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Захар Николаевич Никитин култуура уонна айар үлэ киһи олоҕор улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ уонна «Күн Өркөн эрэлэ» бириэмийэнэн үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилээх уонна уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кыттар устудьуоннары бэлиэтээтэ. Олор истэригэр төрүт култуура салаатын устудьуона Уйгу Семенова, үҥкүү салаатын устудьуона Диана Винокурова, хуору салайыы салаатын устудьуона Мичилийэ Обутова, тыас-уус маастарыстыбата салаатын устудьуона Егор Слепцов, социальнай-культурнай үлэ салаатын устудьуона Татьяна Христофорова ааттаннылар.
«Күн Өркөн» бириэмийэ быйыл VII төгүлүн туттарылынна. Үгэс быһыытынан, бу бириэмийэни төрөөбүт дойдубут култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит бу үөрэх тэрилтэтин араас сыллардааҕы выпускниктара туттулар. Ол курдук, бу сылга барыта 9 номинация бэлиэтэннэ:
«Хуору салайыыга айар үлэ» номинацияҕа Кутукова Елена Александровна, Намнааҕы А.Ф. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтин «Ньургуһун» норуодунай үҥкүү уонна хуорунан ырыа кэлэктиибин салайааччыта, «Дьүөгэлэр» норуодунай ырыа бөлөҕүн салайааччыта, үөрэх тэрилтэтин 1970 сыллааҕы выпускнига;
«Үҥкүү ускуустубатыгар айар үлэ» номинацияҕа Борисова Мария Алексеевна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын «Алгыс» норуодунай үҥкүү бөлөҕүн төрүттээччитэ уонна салайааччыта, үөрэх тэрилтэтин 1981 сыллааҕы выпускнига;
«Библиотечнай дьыала» номинацияҕа Янкова Евгения Григорьевна,Өлүөхүмэ улууһун оройуоннааҕы библиотекатын сүрүн библиотекарь-каталогизатора, колледж 2014 сыллааҕы выпускнига;
«Социальнай култуурунай хайысхаҕа айар үлэ» номинацияҕа Аржакова Валентина Леонидовна, Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, колледж 1997 сыллааҕы выпускнига;
«Тыас-уус маастарыстыбатыгар айар үлэ» номинацияҕа Дмитриев Андрей Алексеевич, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия тыаһы-ууһу таҥааччы исписэлииһэ, колледж 2000 сыллааҕы выпускнига;
«Төрүт култуура хайысхатыгар айар үлэ» номинацияҕа Федоров Прокопий Давидович, Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр артыыһа, колледж 2007 сыллааҕы выпускнига;
«Хаартыскаҕа, киинэҕэ устууга айар үлэ» номинацияҕа Томскай Радомир Васильевич Саха сиринээҕи көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа спортивнай бырагыраамаларын редакциятын салайааччыта, колледж 2005 с. выпускнига;
«Тыйаатыр хайысхатыгар айар үлэ» номинацияҕа Герасимова Мария Андреевна-Сэҥээрэ, Чурапчытааҕы култуура управлениетын норуот тылынан уус-уран айымньытын салаатын сүрүн исписэлииһэ, үөрэх тэрилтэтин 1968 с. выпускнига;
«Идэҕэ бэриниилээх буолуу» номинацияҕа педагогическай үлэ бэтэрээнэ, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Габышева Анастасия Николаевна буолла. Кини — үгүс сыллар усталарыгар үөрэх кыһатыгар элбэх көлүөнэ артыыстары иитэн, уһуйан таһаарбыт маастар-педагог буолар.
Бу бириэмийэ суолтата хас даҕаны: махталы биллэрии, култуура эйгэтигэр киллэрбит өҥөнү быһаарыы, ыччаты идэҕэ угуйуу.
Үөрэх кыһатын устудьуоннарын оччуоттуур кэнсиэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Кэнсиэргэ «Эйгэ» норуодунай устудьуоннар сиэр-туом тыйаатырдара (сал. М.Г. Боппоенова), «Өркөн» норуодунай үҥкүү бөлөҕө (сал. СӨ култууратын туйгуна А.Г. Павлова) Сомоҕолоһуу сылын бэлиэтээн олохтоох омуктар тылларынан дириҥ ис хоһоонноох композицияны көрдөрдүлэр. Кэнсиэр сүрүн тиэмэтинэн Арассыыйаҕа ыытыллар Тыйаатыр сылын символлара — куукула театрын актердара байыттылар. «Өркөн» норуодунай үҥкүү бөлөҕө «Сети», «Дьөһөгөй», «Монгольскай үҥкүү», «Еврейскэй үҥкүү», «Хоровод мира» диэн үҥкүүлэри толорон көрөөччү сэҥээриитин ылла. Ону таһынан, «Кыыс Куо» ырыа бөлөҕө (сал. ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С. Попова), «Оргуй-чоргуй» чабырҕахсыттар (сал. М.Г. Боппоенова), «Толомон» уолаттар, «Туйаарар» кыргыттар бөлөхтөрө (сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна М.Н. Винокуров), «СТЭМ» эстрада миниатюраларын тыйаатырдара сонун ырыаны-тойугу, тылынан айымньылары көрдөрдүлэр. Кэнсиэр сонун сүүрээнинэн быйыл тэриллибит «BaArt» ВИА буолла (сал. СӨ култууратын туйгуна Р.Г. Кысылбаиков). Уолаттар тыыннаах доҕуһуолунан биирдилээн толорооччулар ырыаларын киэргэттилэр.
Тэрээһинтэн дьон-сэргэ олус сынньанан, дуоһуйан тарҕаста.
Култуура уонна искусство кэллиэһин методическай салаата.