Бүгүн — от ыйын 12 күнэ. Бөтүрүөп куйааһа. Дьэ, куйаас да куйаас. Оттон сарсын о ыйын 13-һэ – абааһылар мунньахтыыр күннэрэ. Итинник итэҕэл баар. Отчуттар Бөтүрүөп куйааһын иннинэ от охсон суол таһаарбатах буоллахтарына, абааһылар мунньахтарын кэнниттэн биирдэ окко киирэллэр.
Мунньахтыыр күннэригэр хотуур суолун таһаардахха, абааһы уола сырсар диэн суруйаллар. Абааһылар мунньахтыыр күннэрин сорохтор биир күн, сорохтор үс түүннээх күн мунньахтыыллар үһү дииллэр эбит. Онуоха от ыйын 13-гэр салгыны мээнэ хамсаппакка, айдаарбакка, чуумпутук сылдьыллыахтаах. Дьиэҕэ-уокка уһуктааҕы-биилээҕи мээнэ туттумаҥ, сэрэниҥ диэн буолар.
Биһиэхэ бүгүн кут-сүр түсчүтэ Анатолий Павлов-Дабыл санаатын маннык үллэһиннэ:
— Таҥара халандаарынан от ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп таҥара күнэ, нөҥүө чыыһылата – абааһы мунньаҕа. Дьиҥэр, ити христианнар итэҕэллэрин кытары ситимнээх өйдөбүллэр.
Оттон былыр, саха киһитэ ууга, буорга, салгыҥҥа, уокка чугаһын, иччилэргэ сүгүрүйэрин быһыытынан, окко киириэн иннинээҕи күнү бэйэтэ туспа бэлиэтиир үгэстээҕэ. Ол чуолаан бастакы хотуур суолун түһэрээччи — Кунай хотуурдаах диэн ааттанар. Чопчу маннык күҥҥэ диэн буолбатах. Ол эбэтэр, сахаҕа хас биирдии киһи бастакы хотуурун кунай хотуурдаах диэн бэлиэтииллэр.
Аан бастаан, от сүрүн таарытыы туомун толороллор. Кымыһынан ыһаллар, ас бэрсэллэр. Эмискэ тоҕо түспэккэ, хотуур суолун таһаараллар. Бастакы охторбут сүүмэхтэринэн дэйбиирдэнэн, от сүрүн бэйэбитигэр иҥэринэбит диэн туом оҥороллор.
Бу кэнниттэн кэлэр иккис улахан туом баар. Онно кинилэр тоҕо сынньаналларый диэн ыйытыы баар. Саха саныырынан, сүрү таарыппыт кэннэ, Аан Алахчын оҕолоро — Ойуу-Бичик оҕолор дьылҕа үрүҥ суругун суруйаллар диэн буолар. Кинилэр сыллааҕыны суруйар кэмнэригэр киһи мээнэ сүүрүө-көтүө, сүпсүгүрүө, ыһа-тоҕо мөхсүө суохтаах. Сынньаныахтаах, холкутук сылдьыахтаах. Дьэ ол кэнниттэн, от үлэтигэр ылсыбытынан бараллар.
Итэҕэл буккуллуутун түмүгэр, Кунай хотуурдаах күнүн оннугар Бөтүрүөп таҥара күнэ диэн, кэлэр күнү — Абааһы мунньаҕа диэн ааттаабыттар. Сахалыы төрүт өйдөбүллэр уларыйбыттар.
Салгыы нумеролог Мариана Тимофеева тугу этэрин истиэҕиҥ:
— Сыыппара науката этэринэн, от ыйын 13 күнэ эйэ-дэмнээх буолуу күнэ. Дьиэ иһинээҕи сыһыан истиҥ-иһирэх буолуоҕа. Үтүө, хайҕал тылларгыт бэйэҕитигэр, дьоҥҥутугар үтүөнэн эргийиэхтэрэ. Бу күн өссө күүстээх биоэнергия үлэлиир. Онон эти-сиини хамсатан дьарыктаныы, сибиэһэй салгыҥҥа үлэ туһаны эрэ аҕалыа. Спортсменнар бу күнү болҕомтоҕутугар ылыҥ.
Манна эбэн эттэхпинэ, 13 — тапталга уонна болҕомтону тардарга тардыһар сыыппара. Элбэх киһи дьикти түгэннэртэн соһуйуоххут, үөрүөххүт. Өссө сорохтор харахтара “арыллыа”, санааларын сааһыланыахтара. Олохторун туһунан элбэҕи ырыҥалыахтара. Хайдах тупсарар туһунан толкуйга кэлиэхтэрэ.
Уопсайынан ылан көрдөххө, 2019 сылга 13 сыыппара элбэх үчүгэйи түстүүр. Дьон бөҕө кыаҕырыа, үп-харчы да тутуохтара.
Хаартыскалар, ойуулар интэриниэттэн ылылыннылар