Кумааҕы хаһыат, сурунаал инникитин баар буолуо дуо?

Бөлөххө киир:

СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистири солбуйааччы Георгий Андреев бүгүн, тохсунньу 14 күнүгэр быһа сибээскэ  таҕыста, дьон ыйытыытыгар хоруйдаата.

Ол курдук, Анаабыр улууһугар оптоволокно хаһан киириэҕэй,  Мархаҕа интэриниэт ситимэ тоҕо мөлтөҕүй, бэчээт эйгэтэ цифровойга көһүө дуо, киһи доруобуйатыгар 5 G чахчы буортулаах дуо диэн, о.д.а ыйытыылар киирдилэр.

Георгий Андреев бу ыйытыыларга толору хоруйдары биэрдэ. Ол курдук,  ааспыт сыл ахсынньытыгар Өлөөҥҥө оптоволокно ситимэ киирбитин, аны Сааскылаахха сотору тиийиэҕин эттэ. Оттон бэчээт эйгэтэ цифровой ситимҥэ көһүүтүгэр тохтоон, билигин Европа, Америка эҥэр кумааҕы хаһыаты, сурунаалы сурутуу  үрдээбитин сырдатта. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар бэчээтинэй эйгэ сылтан сыл ахсын тупсарын, хас биирдии хаһыат, сурунаал саайтааҕын, тупсан сайдан иһэрин бэлиэтээтэ.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0