Кулун тутар 1 күнэ – Оҕо клиническэй инфекционнай балыыһата тэриллибитэ 75 сыла (1942).
Кулун тутар 4 (16) күнэ – суруйааччы, учуонай-этнограф, лингвист, уопсастыбаннай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сыла (1877-1926).
Саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1877 сыллаахха Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини бастакы айымньытын, «Байанай алгыһын» 1900 с. суруйбута. Ити сыл саха суругунан литературатын төрүттэммит сылынан ааҕыллар. Айар үлэтин науканы кытары дьүөрэлэһиннэрэн, саха тылын, өһүн хоһоонун, үгэһин, сиэрин-туомун үөрэтиигэ олоҕун анаабыта.
Кулун тутар 5 күнэ – СӨ Норуот маастарын күнэ.
Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов ыйааҕынан кулун тутар 5 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуот маастарын күнүнэн биллэриллибитэ. Быйыл Дьокуускай куорат Орджоникидзе аатынан болуоссатыттан саҕалаан Ленин болуоссатыгар тиийэ Норуот маастарын күнүгэр анаммыт бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр ыытыллаллара күүтүллэр.
Кулун тутар 16 күнэ – САССР үтүөлээх артыыһа М.М. Слепцов төрөөбүтэ 75 сыла (1942-2007).
Марк Маркович Слепцов 1942 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Аҕата – Саха АССР норуодунай артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа Марк Дмитриевич Слепцов. Ийэтэ – РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа Матрена Васильевна Слепцова. Марк Маркович сахалартан бастакы концертмейстер, тыйаатыр солистарын учууталлара буолар.
Кулун тутар 19 күнэ – СӨ Арктика күнэ.
СӨ Ил Дарханын 2014 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи ыйааҕынан, кулун тутар 19 күнэ Арктика күнүнэн биллэриллибитэ.
Кулун тутар 20 күнэ –СӨ норуодунай поэта, биллиилээх уопсастыбаннай деятель, Максим Горькай аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата С.П. Данилов төрөөбүтэ 100 сыла (1917-1978).
СӨ норуодунай поэта Семен Петрович Данилов 1917 сыллаахха Горнай улууһугар төрөөбүтэ. Кини маҥнай кэпсээн суруйара. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1945 с. тахсыбыта. Салгыы поэзиянан үлүһүйэн, кини хоһоонноро Сэбиэскэй Сойуус омуктарын тылларыгар барытыгар кэриэтэ, ону ааһан монголлуу, японнуу, французтуу, английскайдыы, немецтии, о.д.а. тылбаастаммыттара. Түөрт уонча кинигэ ааптара.
Кулун тутар 22 күнэ – САССР наукатын үтүөлээх деятелэ, педагогическай наука доктора, профессор В.Ф. Афанасьев-Алданскай төрөөбүтэ 100 сыла (1917-1993).
Виктор Федорович Афанасьев-Алданскай – сатирик-поэт. 1931 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилище кууруһун бүтэрбитэ, ол кэннэ Уус Алдан улууһун Суотту уонна Чэриктэй начаалынай оскуолаларыгар учууталлаабыта. 1991 сылтан СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Алтайскай кыраай хомсомуолун бириэмийэтин лауреата.
Кулун тутар 23 күнэ – СӨ Быраабы билии күнэ.
1925 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр Сахалар сийиэстэригэр Саха АССР аан бастакы Төрүт Сокуонун ылыммыта. 2010 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнэ дьон-сэргэ быраабы билэригэр судаарыстыба бэлиитикэтин төрүттэрин бигэргэппитин кэннэ, СӨ Ил Дархана Егор Борисов СӨ Быраабы билии күнүн олохтуур туһунан ыйааҕа тахсыбыта.
Кулун тутар 31 күнэ – «Социалистическая Якутия» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 100 сылын туолар (1917)
1917 сыллаахха нуучча тылынан «Социалистическая Якутия» хаһыат тахсан, үгүс киһи интэриэһин тардар. Хаһыаты политссыльнайдар Е. М. Ярославскай уонна Г. И. Петровскай тэрийэн таһаарбыттара. Аан маҥнай «Социал-демократ» диэн аатынан тахсыбыта. Онтон 1932 сылтан аатын уларытан, «СЯ»-ҕа кубулуйбута.