«Кулуһун» тула хоһоон түһүлгэтэ

11.02.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар айар дьоҕурдаах дьон түмсүүлэрэ, тэрээһиннэрэ биир кэмҥэ ыытыллан, олохтоохтор сэҥээриилэрин ыллылар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Дьокуускай куораттан спорт суруналыыһа Владислав Коротов улуустааҕы киин библиотекаҕа ааҕааччылары кытары көрүстэ. Үгүс сылларга муспут кэллиэксийэтиттэн кумааҕы харчы, манньыат уонна спорт күрэхтэһиилэрин бейджиктэрин быыстапкаҕа туруорда.

Ону сэргэ улуустааҕы «Ньургуһун» түмсүү чилиэнэ Валерий Михайлов «Сиэммэр анаан» кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Онтон Элгээйи сэлиэнньэтигэр олунньу 10 күнүгэр «Кулуһун» литэрэтииринэй түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн «Кулуһун тула» кинигэ сүрэхтэниитинэн бэлиэтээтилэр. Бу күн «Оһуор» култуура киинигэр, чахчыта да, хоһоонунан хомоҕойдук сэһэргэһии түһүлгэтэ тэрилиннэ. Сунтаар, Кириэстээх, Аллаҥа, Түбэй, Элгээйи, Хоро уо.д.а. нэһилиэктэр литэрэтииринэй түмсүүлэрин чилиэннэрэ кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Үгүстэрэ бэйэлэрэ кинигэлээх ааптардар буолан, кинигэлэрин хото атыылаатылар, автограф суруйсан хардарыта бэлэхтэстилэр. Мустубут дьону Элгээйи с. баһылыга Гаврил Яковлев ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ, кинилэргэ айар үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.

Нэһилиэк баһылыга айар дьонунан киэн туттар

«Кулуһуннары» куруук өйүүр, сүбэ-ама биэрэр «Ньургуһун» түмсүү салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана: «Кулуһун тула түмсэн» кинигэҕитин биир тыынынан ааҕан, Элгээйим дьоно айар дьоҕурдара сибэкки тылларын кэриэтэ кэрэлэрин сөхтүм. Сорох хоһооҥҥо үөрүү-көтүү аргыстанным, онтон Марфа Иванова кэпсээнигэр харах уутун кытта тохтум. Маладьыастар. «Кулуһуҥҥа» эдэр-эмэн бары түмсэн, сайдыыга дабайаҕыт, бары да кэриэтэ кинигэ оҕолонон эрэҕит, кытаатыҥ. Өссө айа-суруйа, төрөөбүт сахаҕыт тылын сүмэтин бар дьоҥҥутугар бэлэхтии туруҥ», – диэн түмсүү чилиэннэрин кинигэлэрэ тахсыбытынан ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.

Нэһилиэктэртэн кэлбит ыалдьыттар Элгээйи дьоно, ыччата, оҕолоро талааннарын сөхтүлэр. Кыттааччылар саха бэйиэттэрин поэмаларын итэҕэтиилээхтик толорбуттарын, алын кылаас учууталларын бөлөҕө 9 хомуһуннаах хоһоону дорҕоонноохтук аахпытын, Ариан Кондратьев ылбаҕай ырыатын уо.д.а. толорууларын сэҥээрэ, астына иһиттилэр.

Хоһоон хонуута итинэн эрэ бүппэтэ. Салгыы Элгээйи өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа тиийэ аатырар мусуойун көрөн, сандалы тула олорон чэйдээн, ирэ-хоро сэһэргэстилэр.

Хоһоон түһүлгэтэ өссө да салҕанар. Олунньу 15 күнүгэр «Ньургуһун» литэрэтииринэй түмсүү «Ньургуһуннардыын көрсүһүүгэ» ыҥырар. Манна саха тылын суругун-бичигин күнүн чэрчитинэн хоһоон хоһуйуутун күрэҕэ буолуоҕа.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0