Култуура уонна ускуустуба Дьокуускайдааҕы кэллиэһэ аһаҕас аан күннэрин ыытар
А.Д. Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба Дьокуускайдааҕы кэллиэһэ аһаҕас аан күннэрин ыытарын туһунан иһитиннэрэр. Устудьуоннар уонна оскуола оҕолоро кулун тутар 25-27 күннэригэр бу үөрэх кыһатын туһунан кэлэн элбэҕи билиэхтэрин сөп буолуоҕа.
Аһаҕас аан күннэрин бырагырааматыгар үөрэх тэрилтэтин презентацията, туттарсыы быраабылатын билиһиннэрии, үөрэх кыһатын иһинэн экскурсия уонна маастар-кылаастар буолуохтара.
Култуура уонна ускуустуба Дьокуускайдааҕы кэллиэһэ сыллата сүүстэн тахса оҕону үөрэххэ ылар. Саха сирин араас улуустарыттан оҕолор артыыс үөрэҕэр туттарса кэлэллэр. Аһаҕас аан ыытыллар күннэригэр кэллиэскэ үөрэниэн баҕалаахтар кэлэннэр ханнаык факультекка туох докумуоннар наадаларын туһунан быһаччы билиэхтэрин сөп.
«2024 с. айар холонууга бэлэмнэнии» диэн маастар-кылаастар ыытыллаллар. Бу хайысхаларынан арахсар: хореографическай, театральнай, хаартыска уонна видео, социально-култуурунай деятельность. Манна эрдэттэн суруттарыахха сөп. Бу тэрийиини «Күн Өркөн» түмсүү ыытар.
«Күн Өркөн» — 2012 сыллаахха Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр тэриллибит устудьуон тыйаатыра. Сыала-соруга – ыччаты сценическэй култуураҕа сыһыарыы, артыыс сатабылын, айар дьоҕурун уонна эстетическэй кылааты сайыннарыы.