Култуура уонна искусство Арктикатааҕы института дойду тарбахха баттанар кыһаларыттан биирдэстэрэ. Быйыл үөрэххэ туттарсыыга туох уларыйыы киирдэ? Ханнык идэлэргэ ылалларый? Абитуриент тугу учуоттуура ирдэнэрий? Бу ыйытыыларга хоруйдары ылаары, педагогическай наука хандьыдаата, бэрэпиэссэр, институт ректора Саргылаана Игнатьеваны кытта кэпсэттибит.
Ураты институт
— Саргылаана Семеновна, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института атын кыһалартан туох уратылааҕый?
— Институт СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан 2000 сылтан үлэлиир. Аан дойду Арктикатын сиригэр-уотугар собус-соҕотох айар ис туруктаах үрдүк үөрэх кыһата буолар. Уһук Илин уокурукка ылан көрдөххө, Хабаровскайга култуура, искусство института, Владивостокка искусство института бааллар. Биһиги институппут кинилэртэн туох уратылааҕый? Бастатан туран, Владивосток института муусука, искусство хайысхатыгар ордук болҕомто уурар. Оттон Хабаровскай кыһата эмиэ араас хайысхалаах эрээри, биһиги 22 хайысхаҕа, чуолаан, наука, айар үлэ, үөрэхтээһин ис хоһоонугар Арктика норуоттарын төрүт култууратын, айылҕаттан дириҥ билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын, былыргыттан наука чинчийиилэригэр, искусство устуоруйатыгар, быраактыкатыгар олоҕуран “региональнай компонент” быһыытынан киллэрбиппит. Преподавателлэрбит, бэрэпиэссэрдэрбит, дассыаннарбыт, маастардарбыт Арктика култууратын, искусствотын араас хабааннаах дьиссипилиинэлэрин, бырагыраамаларын бэйэлэрэ тобулан оҥорбуттара. Онон биһиэхэ үөрэнэр ыччат Арктика култууратын, искусствотын, этнографиятын, муусукаҕа, тыйаатырга, үҥкүүгэ о.д.а. искусствотын хайысхатыгар букатын аан дойдуга суох бырагыраамаларынан үөрэнэллэр.
Институкка Таймыыртан, Красноярскай кыраайтан, Камчаткаттан, Чукоткаттан, тас дойдулартан тиийэ кэлэн үөрэнэллэр. Холобур, Тываҕа, Алтайга тыйаатыр кылаабынай режиссердарынан биһиги институппутун бүтэрбиттэр үлэлии-хамныы сылдьаллар. Оттон Камчаткатааҕы аан дойдуга биллэр “Мэнго” ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ уонна эдэр көлүөнэтэ манна кэлэн үөрэммиттэрэ. Ол түмүгэр Камчатка губернатора махталын биллэрбитэ. Коряк ыччата тиийэн туризм экэниэмикэтигэр улахан кылааттарын киллэрэллэр диэн сыаналаабыттара. Биһиэхэ Арктикаҕа хабааннаах дьиссипилиинэлэр баар буолан, кинилэр дипломнай, курсовой үлэлэрин дойдуларыгар тиийэн олоххо киллэрэллэр. Онон хотугу норуоттар култуураларын, искусстволарын аныгы үйэ сиэринэн өрө таһаарар, аан дойдуга тарҕатар сорудахпытын толоробут.
Күн бүгүн Арассыыйаҕа култуураҕа уонна искусствоҕа үөрэтэр 45 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ баар. Биһиги эриэйтиҥҥэ 10-с миэстэҕэ сылдьабыт. Бу, ситиһии биир көстүүтэ диэн сыаналыыбыт. Инникитин биэс иһигэр киирэргэ дьулуһабыт.
Култуура уонна искусство эйгэтигэр 29 үөрэх бырагырааматынан исписэлиистэри иитэн таһаарабыт. Уопсайа, 730 устудьуон үөрэнэр, итинтэн 500 – күнүскүгэ.
Босхо миэстэ
— Үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин элбэтэргэ диэн дьаһал бэриллибитэ. Ити түмүгэ хайдаҕый?
— Быйыл бүддьүөт миэстэтин эптилэр. Федеральнайтан 173 миэстэни (124 күнүскү, 49 кэтэхтэн) көрдүлэр. Биир кэмҥэ бу 30 миэстэҕэ диэри түһэ сылдьыбыттаах. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 47 миэстэ бэриллиэ диэн институт сайдыытын Бырагырааматыгар бырабыыталыстыба өйөбүлүн ылбыппыт. Онон уопсайа, 220 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ. Биир бөлөххө иһэ үллүбүтэ 5 эрэ устудьуон үөрэнэр. Биир устудьуон тула кафедра преподавателлэрэ бары үлэлэһэллэр. Оччоҕо эрэ түмүк тахсар кыахтаах.
Уопсай дьиэнэн хааччыйаллар
— Хас биирдии абитуриент уопсайы интэриэһиргиир.
— Былырыын ХИФУ Губин уулуссатыгар 500 миэстэлээх уопсайы тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Биһиги тэрийээччибит биир — Арассыыйа Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ. Онон 250 миэстэни биһиэхэ биэрбиттэрэ. Инньэ гынан, уопсайга наадыйар оҕолору барыларын хааччыйан олоробут. Кэтэхтэн үөрэнэр уопсайга наадыйар устудьуоннары эмиэ хабабыт.
Истипиэндьийэ 5 көрүҥэ баар. Устудьуон тус ситиһиититтэн, үөрэх хаачыстыбатыттан тутулуктанан 5-15 тыһыынчаҕа диэри халбаҥныыр.
Үлэнэн хааччыллыы
— Арктикатааҕы институту бүтэрбит дьон үлэнэн хааччыллыылара төһө үрдүгүй?
— Кураатардар үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолору кытта быһаччы ситимнээхтик үлэлэһэллэр. Аармыйаҕа сылдьааччылары, оҕо көрөн олорооччулары аахпатахха, үлэнэн хааччыллыыбыт үрдүк. Сорох дизайнердарбыт фрилансер эҥин быһыытынан үлэлииллэр. Ол иһин биэнсийэ фондатыгар киирбэтэх түбэлтэлэр бааллар. Бэйэбит кэтээн көрүүбүтүнэн, бары үлэлэнэн хааччыллан олороллор.
Аҕыйах хонуктааҕыта мунньахтаатыбыт, билиҥҥитэ 12 оҕо ханна үлэлии барара биллибэккэ олорор. Быйыл креативнай ааҕыныстыбаны арыйдыбыт. Онон бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитин кытта тустаах боппуруоһу быһаарыахпыт дии саныыбыт.
Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии турар кулууп, тыйаатыр, бибилэтиэкэ, түмэл тэрилтэлэрин 3 000-тан тахса үлэһитэ биһиги кыһабытын бүтэрбит дьон. Онтон 80-тан тахса бырыһыана бүддьүөт тэрилтэтигэр, өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэригэр, түмэллэригэр, кулууп тэрилтэлэригэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайар үлэҕэ үлэлиир. Искусство оскуолаларыгар, тыйаатыр, филармония салаатыгар, быыстапкалыыр кластердарга, уопсайа, 600-чэкэ артыыс, худуоһунньук, дизайнер, педагог үлэлиир. Киинэ эйгэтигэр элбэх артыыс, режиссер, продюсер институттан тахсыбыттарынан киэн туттабыт. Аныгы олох ирдэбилинэн институту бүтэрбит дьонтон 24 бырыһыана экэниэмикэ креативнай индустриятыгар («Майтона», ЭПЛ Даймонд, ИТ-индустрия, «Ростелеком», ювелирнай, косторезнай индустрияҕа, о.д.а.) үлэлииллэр. Ону таһынан, социальнай-култуурунай кафедра инбэлиит оҕолору искусство кэрэ эйгэтигэр уһуйарга сыратын уурар, киинэҕэ, испэктээккэ кытыннарар, “Харысхалы” кытта алтыһан үлэлэһэр. Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университеты, Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт судаарыстыбаннай институтун кытта 6 улууска “Образование плюс культура” бырайыагынан оскуолаларга стажировочнай былаһааккаларын тэрийдибит, “Прометейчик” уһуйааҥҥа, 29 оскуолаҕа институппут эспэримиэнниир былаһаакката үлэлиир.
Үөрэххэ туттарсыыга уларыйыылар
— Үөрэххэ туттарсыыга быйыл туох саҥа уларыйыылар киирдилэр?
— Бүгүҥҥү балаһыанньанан сибээстээн, үөрэххэ докумуон тутар хампаанньа быраабылатыгар уларыйыылар киирдилэр. РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин саҥа бирикээһэ таҕыста. Ордук докумуоннары тутуу болдьоҕо, абитуриеннар үөрэххэ киирэллэригэр сайаапканы хайдах толороллоро, тургутуулары (айар эксээмэн) хайдах ааһаллара, ону хайдах быһыылаахтык таларбыт долгутар. Учуонай Сэбиэккэ тустаах боппуруоһу эмиэ ырыттыбыт.
Саҥа бирикээскэ олоҕуран, айар дьоҕурга эбии эксээмэн ирдэнэр хайысхаларыгар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) бүтэһик түмүгэ биллибитин кэннэ 9 күн иһинэн докумуону туттарыахтаахтар. Оттон биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн эрэ ылар (библиотечнай-информационнай дьыала, прикладной информатика, музеология, социальнай-култуурунай үлэ, культурология) идэлэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) бүтэһик эксээмэнэ түмүктэммитэ 23 күн иһинэн туттарыахтаахтар. Онон биһиги институппут докумуону от ыйын 14 күнүттэн атырдьах ыйын 24 күнүгэр диэри тутар. Өскөтүн эпидемия уҕараабатаҕына, салгыы ыраахтан олорон (дистанционно) тутар түгэммитигэр Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун priem@agiki.ru электроннай аадырыһыгар эбэтэр “Поступай в вуз онлайн” диэн уопсай саайт нөҥүө ыытыахтарын сөп. Институт саайтыгар “Абитуриенту” салааҕа барыта ыйыллан турар. Хас биирдии кафедра абитуриеннарга анаан онлайн-консультациялары ыытар.
Саҥа идэлэр
— Ханнык саҥа идэлэр аһылыннылар?
— Быйыл “музеология и охрана объектов культурного и природного наследия” диэн хайысханы арыйдыбыт. Саастаах көлүөнэни солбуйар үлэһиттэр да наадалар, түмэл ирдэбилэ даҕаны уларыйар, технология туһаныллыыта үксээтэ. Ол иһин бу хайысхаҕа ыччат ирдэнэр диэн өрөспүүбүлүкэ сакаастыыр, ону таһынан, федеральнай бүддьүөттэн эмиэ миэстэ көрүллүбүтэ.
Итини таһынан, культурология (креативнай индустрия) хайысхатын астыбыт. Холобур, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит салгыы наукаҕа ылсыахтарын баҕарар дьон культурология уонна искусствоведение магистратуратыгар, аспирантуратыгар киириэхтэрин сөп. Былырыын лиссиэнсийэтин ылбыппыт, быйылгыттан аһан үлэлэтэн эрэбит. Онон, быйыл уопсайа 14 идэҕэ абитуриеннары күүтэбит. Эппитим курдук, бүддьүөт миэстэтэ үксээтэ.
Институкка актер, вокал, муусуканы үөрэтии, дизайн уонна декоративнай-прикладной искусство, норуот уус-уран култууратын кафедралара, инструмеҥҥа толоруу, живопись уонна графика, библиотечнай-информационнай, прикладной информатика, социальнай-култуурунай үлэ хайысхалара уонна наука хайысхатыгар Циркумполярнай цивилизация научнай-чинчийэр киинэ үлэлииллэр. Быйыл бу профессор У.А. Винокурова салайааччылаах НИЦЦ баазатыгар Өймөкөөн улууһун кытта Чысхаан норуоттар икки ардыларынааҕы офиһын астыбыт. Искусствоведение кафедратын иһинэн Хотугу Евразия норуоттарын муусукаҕа үнүстүрүмүөннэрин түмэлэ үлэлиир.
Ректор сүбэтэ
— Эһиги институккутугар туттарсар былааннаах абитуриеннарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Бастатан туран, оҕолор портфолиоларын кичэйэн бэлэмнииллэрэ ордук. Тус ситиһии иһин 10 баалга диэри эбиллэр. Иккиһинэн, биһиэхэ киириэн баҕалаах оҕолор биир кэлим эксээмэҥҥэ литэрэтиирэҕэ эксээмэни талан туттаралларын билэллэр. Үсүһүнэн, бу күннэргэ АГИКИ инстаграм аккаунугар преподавателлэр быһа сибээһинэн онлайн-консультациялары ыыталларын көрүөхтэрин наада. Манна преподавателлэр хайдах, туохха ордук болҕомто уурары барытын быһаараллар. Консультациялар араспысаанньалара институт саайтыгар уонна Инстаграмыгар баар. Арктикатааҕы култуура уонна искусство института искусство эйгэтигэр талааннаах ыччаты кынаттыыр уонна ыҥырар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru