1937 сыл тохсунньу 19 күнүгэр Туймаада туонатыгар икки сыллаах Кульпросвет оскуоланы (билигин Культура уонна искусство кэллиэһэ) арыйар туһунан Наркомпрос бирикээһэ тахсыбыта. Саҥа тэриллибит үөрэх кыһата туох баар сыратын, болҕомтотун сайдыыга туһаайбыта. Сылтан-сыл кэҥээн, үлэтэ-хамнаһа күүһүрэн күн бүгүн бу кэллиэс аата киэҥ сиринэн ааттанна, үлэтэ-хамнаһа далааһыннанна.
Бүгүн Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһигэр дьоро күн үүннэ. Бу туһунан СӨ култууратын туйгуна, кэллиэс дириэктэрэ Захар Никитин сырдатта:
—Бүгүн үөрэхпит кыһата тэриллибитэ 81-с сылыгар үктэннибит. Улахан бэлиэ даата. Бу сыллар усталарыгар туох үлэ-хамнас ыытыллыбыта сыллата көрүллэн, отчуоттаныллан кэллэҕэ. Бу умнуллубат уонна кэлэктиип иннигэр ирдэниллэр даҕаны үрдүк эппиэтинэһи бары чиэстээхтик толорорго ис сүрэхпититтэн кыһаллабыт. Бүгүн кэллиэспит (уруккунан Культпросвет оскуола, училище) 80 сыллаах бэлиэ даататыгар, ол эбэтэр сыл устата туох үлэ ыытыллыбытын түмэн, ырытан сыаналаатыбыт. Итиэннэ туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситистибит, сыл устатыгар сүрдээх киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна диэн үөрдүбүт, астынныбыт. Ол курдук, уһуйааччыларбыт сыраларынан күүстээх бэлэмнэниилэр түмүктэринэн, биһиги устудьуоннарбыт Россия да, Аан дойду да таһымыгар, өрөспүүбүлүкэбитигэр буолар куонкурустарга улахан ситиһиилэннилэр. Ону сэргэ Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ өрө көтөҕүллэн кытынныбыт. Арай, 80 сыллаах үбүлүөйгэ анаммыт кинигэбит үп-харчы боппуруоһа кыаллыбакка тахсыбата. Кыһабыт үлэтин-хамнаһын сиһилии сырдатар, кэпсиир кинигэ 75 сылбытыгар тахсан турар. Ол салгыыта буолуохтаах этэ. Онон бу үлэбитин тиһэҕэр тиэрдэн тэйиэхтээхпит диэн соруктаахпыт.
Сыл устата “Саха” НКИХ кытта бииргэ үлэлээн «Ахтылҕаннаах кэрэ кэммит…» диэн өйгө-санааҕа иҥэр, историяҕа хаалар сүрдээх үчүгэй биэриилэри таһаардыбыт.
Дьоҥҥо сырдыгы, кэрэни тарҕатар, үйэтитэр идэлээхтэри үөрэтэн-такайан таһаарарбыт быһыытынан, Кириһиэнньэ күн маннык тэрээһини тэрийэн ыытарбытын үтүө үгэскэ кубулутуохпут. Бу күн педсовет мустан сыл устата ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы өссө төгүл сөргүтэн көрөр, ырытар, сыаналыыр, отчуот оҥоһуллар буолуоҕа. Итиэннэ саҥа сылга тугу үлэлиирбитин былааннаһыахпыт. Манна эбии эһиил баччаҕа бу күҥҥэ анаммыт маастар-кылаастары, кэллиэспитигэр “аһаҕас аан” күннэрин былаанныыбыт.
2018 сыл Россияҕа Доброволец уонна волонтер, республикаҕа дьарыктаах буолуу сыллара биллэрилиннилэр. Онтон биһиги үөрэхпит кыһатын иһигэр үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии сылын биллэрдибит. Онон үөрэххэ болҕомтону күүһүрдэбит уонна үлэбитигэр саҥа сылы кытта тэҥҥэ саҥа кэрдиис кэми саҕалаатыбыт.
Василий Колосов, С.Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү национальнай тыйаатыра:
-Умнуллубат эдэр сааһым кэрэ кэмнэрэ, бэлиэ түгэннэр культура уонна искусствор кэллиэһигэр ааспыттара. Тапталлаах үөрэммит кэллиэһим эйэлээх, инникини өтө көрөн сыаллаах-соруктаах үлэлиир, ханнык да харгыстан самныбат дьулуурдаах кэлэктиибин бу үөрүүлээх кэлэ-бэлиэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн долгуйан туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Учууталларбар, уһуйааччыларбар элбэх талааннаах оҕолору иитэн-үөрэтэн, такайан, уһуйан таһаараргытыгар баҕарабын. Эһиги үөрэппит ыччаттаргыт төрөөбүт дойдуларын аар саарга аатыртыннар, кэрэ дьонноох улуу дойду дэттинэр. Айар үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк чыпчааллары. Устудьуоннарга үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэри, умнуллубат кэрэ түгэннэри.
Барыгытын өссө төгүл үбүлүөйдээх күҥҥүтүнэн. Ситиһии сиэттиһэн кэлэ турдун.
Спиридон Григорьев, Д.Ф.Ходулов аатынан Норуот айымньытын дьиэтин дирэктэрэ, Мэҥэ Хаҥалас:
-2018 сылынан, үөрэммит тапталлаах кыһам бэлиэ даататынан сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан туран кэллиэс дьоһуннаах кэлэктиибигэр итии-истиҥ эҕэрдэбин ыытабын. Үөрэнэр кэммитигэр биһиги туспутугар бары кыһамньыларын уурбут кураторбытыгар Ольга Аполлоновна Стручковаҕа, дириэктэрбитигэр Аграфена Дмитриевна Макароваҕа, сүрэхпитигэр-быарбытыгар умнуллубаттык иҥпит, эдэр сааспытын атаарбыт Петр Алексеев 49/1 ньүөмэрдээх дьиэбит-кыһабыт бары педагогтарыгар, үлэһиттэригэр барҕа махталбын, эҕэрдэбин тиэрдэбин. Билигин үлэлии, айа-тута сылдьар кэлэктиипкэ сыралаах үлэҕит сыаналанарыгар, үөрэппит оҕолоргут махталларын ыла тураргытыгар баҕарабын. Бука бары доруобай, дьоллоох, бааттаах дьон буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Үүммүт сыл үтүө түгэннэри тосхойдун.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru