Култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа: мэҥэлэр — бастыҥнар ахсааннарыгар
Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар бастыҥ үлэлээх тэрилтэнэн биллэр.
edersaas.ru
Идэлээх сойуустар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Эмма Павлова салайар.
Сыыппара хараҕынан
Улууска 34 култуура дьиэтэ, оройуоннааҕы бибилэтиэкэ ситимэ, 4 мусукаалынай оскуола, 8 мусуой үлэлиир. 16 бүддьүөт, 1 автономнай, 16 «казеннай» тииптээх култуура тэрилтэлэрэ, ол иһигэр улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтата, 12 норуодунай кэлэктиип үлэлииллэр. Бу эйэгэлэргэ барыта 500-чэ киһи үлэлиир.
— Үлэһит быраабын көмүскүүр хас биирдии юридическай сирэйдээх култуура 40 тэрилтэтэ үс сылга биирдэ үлэ биэрээччини кытары кэлэктиибинэй дуогабардары түһэрсэрэ 100% ситиһиллибитэ. Хас биирдии тэрилтэҕэ идэлээх сойуус ячейката, профком, тэрийээччи талыллан үлэлиир. Улуустааҕы идэлээх сойуус кэмитиэтигэр 15 киһиттэн састааптаах актыып, араас юридическай докумуоннары көрөн, итэҕэстэри туоратыыга сөптөөх сүбэлэри биэрэр ыстааты таһынан иниспиэктэр, Ыччат сэбиэтэ үлэни сүрүннүүллэр. Хас биирдии култуура тэрилтэтигэр «Идэлээх сойуус муннуга» баар буоларын ситиһэр сорук турар, — диэн кэпсиир салайааччы. Салгыы Эмма Павлова улууска ыытыллар үлэни сиһилии билиһиннэрэр.
Быраабы туруулаһар тэрилтэ
Идэлээх сойуус ыытар үгэс буолбут тэрээһиннэринэн үлэһиттэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарын тэрийии, бэлэх оҥоруу, «Култуура үлэһитин күнүн» бэлиэтээһин, субуотунньуктары, араас аахсыйалары тэрийии, сыл аайы култуура үлэһиттэрин спартакиадатын ыытыы, бэтэрээннэргэ болҕомто, үбүлүөйдээх дьону чиэстээһин, туһааннаах биирдиилээн киһиэхэ да, тэрилтэҕэ да материальнай көмөнү оҥоруу.
Үлэ аҥаардас тэрээһин эрэ ыытыынан муҥурдаммат, үлэбит сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэринэн быраабы көмүскээһин буолар. Улуустааҕы идэлээх сойуус кэмитиэт актыыбыгар ыстааты таһынан үлэ быраабын иниспиэктэрэ боломуочунай тустаах үлэни ыытар. Сыл аайы былаан ылынан, нэһилиэктэринэн РФ Үлэ Кодексын 370 ыстатыйатыгар «Идэлээх сойуустар, кинилэр бырааптарын уонна үлэлэрин туһунан» Федеральнай сокуон 20-с ыстатыйатыгар олоҕуран, үлэ сокуонун төһө сөпкө тутуһан олороллоругар былааннаах бэрэбиэркэни ыытар. Биир сүрүн көмөбүт — үлэһит санаторийга, куруорка сынньанан, доруобуйатын бөҕөргөтөн кэллэҕинэ, путевкатын сыанатыттан 30% төннөрүү буолар.
Социальнай ситим – төһүү күүс
Култуура үлэһиттэрин сүрүн үлэлэрэ – дьону-сэргэни түмэн, араас култуурунай-маассабай тэрээһиннэри ыытыы, куруһуоктары үлэлэтии, түмсүүлэри тэрийии. Бүгүҥҥү күҥҥэ сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, кулууптар кулун тутар ыйтан үлэлэриттэн тэйиччи олорон үлэлииллэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһа куораттан чугас буолан, интэриниэт балачча түргэн. Онон култуура үлэһиттэрэ дьиэҕэ олорор кэмҥэ социальнай ситимнэргэ үлэлииллэр. Ол курдук, Култуура управлениетын Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ — “Илин аартык”, Аллараа Бэстээххэ баар Олоҥхо дьиэтэ – “Олоҥхо кидс” ютуб-ханааллары арыйан, эрдэ уһуллубут тэрээһиннэри, улуус киэн туттуутунан буолбут 64-с төгүлүн ыытыллыбыт В.К. Степанов аатынан култуура уонна успуорт эстафетатын уус-уран самодеятельноһын, быыстапкатын бар дьон көрүүтүгэр таһаардылар. Кулууптар, Култуура управлениета, И.М. Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ, “Мэҥэ уус” норуот талааннаахтарын түмэр инстаграм нөҥүө үлэлэрин-хамнастарын сырдаталлар, элбэх викториналар, куонкурустар буолаллар.
Сааскы бырааһынньыктары — дьиэҕэ олорон
Култуура үлэһитэ нэһилиэккэ, дьиэҕэ олорор дьону сомоҕолооччунан, идеологическай үлэни көҕүлээччинэн, биир өйгө-санааҕа түмээччинэн буолар. Ол сиэринэн үлэһиттэр ыам ыйынааҕы өрөбүллэригэр тэйиччиттэн олорон, киэҥ хабааннаах үлэни ыытаары олороллор. Онтон аҕыйаҕы билиһиннэрдэххэ, “Үлэ киһини киэргэтэр” дьиэ кэргэн күннээҕи үлэтигэр, дьарыктарыгар, оҕуруот, үүнээйи олордуутугар, нэһилиэнньэҕэ анаан оһуохай тылыгар видео-куонкурустар буолуохтара. Маны таһынан, уруһуйга, хоһооҥҥо, ырыаҕа, үҥкүүгэ кэтэхтэн куонкурустары, түөлбэнэн видео-эҕэрдэлэри, маастар-кылаастары, фотоколлаж, флешмоб, челлендж курдук саҥа көрүҥнэргэ ылсан, аныгы информационнай технология үйэтин сиэринэн, олохтон хаалбакка, дьиэҕэ олорор дьону кэрэҕэ көҕүлүүбүт, сэргэхситэбит.
… Ити курдук, киһи эрэ холобур туттар идэлээх сойууһун тэрилтэтин үлэтэ тахсыылаах, сарсыҥҥыта — кэскиллээх.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саах сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Эмма Павлова тиксэриитэ.