Култуура үлэһиттэригэр аныыбын

Ааптар: 
25.03.2022
Бөлөххө киир:

РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, мэтэдиис-учуутал, “Саха-Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, СӨ бэрэсидьиэнин гранын кыайыылааҕа, “Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Николай Дьуур киэҥ нэлэмэн Саха сирин култууратын салаатыгар үлэлиир дьоҥҥо бэйэтин хоһоонун аныыр.

edersaas.ru

Ырыаны-үҥкүүнү тэһиинниир

Бар дьонун кэрэҕэ угуйар,

Сэргэх да киэһээни тэрийэр

Үөрүүгэ үөрүүнү тиэрдиһэр.

Мунчаарбыт дууһаны уйгурдар

Уйулҕа туругун тупсарар,

Үөрүүнү бу күөттүүр дьоннорбор

Эҕэрдэ култуура дьонугар!

Ылланар ырыаҕа дайабыт

Кый ыраах төрөөбүт дойдуга,

Ийэбит мичээрин көрөбүт,

Аҕабыт алгыһын истэбит.

Суугунуур чараҥҥа хаамсабыт

Сайылык киэһэтин саныыбыт,

Оҕо саас күлүмэр умсабыт

Ахтылҕан санааҕа киирэбит.

Оһуордаах үҥкүүгэ биир тэҥник

Сэгэйэ мичээрэ дайабыт,

Дьиэрэҥкэй тэбэллэр кэрэтик

Кыталык үҥкүүтүн көрөбүт.

Хомустан сыыйыллар долгуҥҥа

Айылҕам ырыата уһуктар,

Устабыт долгуҥҥа уйдара

Үс куттуун туруктуун дуоһуйа!

«Кини ээ, култуура киһитэ»

Ырыаны,үҥкүүнү тэһиинниир
Үөрүүнү-көтүүнү күөдьүтэр,
Өрүүтүн ырыалаах тойуктаах
Сүргэни көтөҕөр мичээрдээх.
Бу дьоро киэһэни салайар
Кини ээ, култуура киһитэ,
Уйулҕаны эмтиир эмчиттэр
Култуура бу сэмэй дьонноро!

Кинилэр бу эмиэ дьоннор ээ
Кыһалҕа кыпчыйар кэмнэрдээх,
Ол эрэн дьону үөрдээри
Былыты дьайҕардан ыһаары,
Байаанын кыбынан кэлэрэ
Ырыатын-тойугун ыллыыра,
Махтаммыт мичээри көрөрө
Ол онтон олуһун үөрэрэ.

Н.Дьуур.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0