Культурология олимпиадата буолла

Ааптар: 
01.04.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун культурологияҕа хаапыдырата устудьуоннар ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы научнай олимпиаданы тэрийэн ыытта.

edersaas.ru

Кыттааччылары филология наукатын доктора, культурология хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Людмила Ефимова, культурология наукатын кандидата, дассыан Семен Протопопов, культурология наукатын кандидата, дассыан Саргылаана Никифорова, филология наукатын кандидата, “Хатан” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, АНА СС Гуманитарнай чинчийии институтун наукаҕа үлэһитэ Егор Николаев сыаналаатылар.
Олимпиадаҕа үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларын хамаандалара билиилэрин тургуттулар. Хас биирдии хамаандаҕа сэттэ устудьуон кытынна. Түөрт түһүмэх түмүгүнэн “Бэйэни бастыҥнык билиһиннэрии” анал ааты Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс “Аныгы көлүөнэ” сүүмэрдэммит хамаандата, “Саха сирин ытык кэрэ сирдэрин, култууратын пааматынньыктарын бастыҥ билээччи” ааты ХИФУ Горнай институтун “Дьолуо” хамаандата, “Эрэгийиэн култууратын бастыҥ билээччи” ааты ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун “Күн тэгил” хамаандата, “Бастыҥ социальнай-култуурунай бырайыак” ааты культурология хаапыдыратын магистраннарын “Пионер и Ко” хамаандата ыллылар.
Оттон культурология хаапыдыратын сэбиэдиссэйин анал бирииһин Горнай институт, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс уонна ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун устудьуоннара туттулар.
Уопсай түмүккэ кыайыылааҕынан “Аныгы көлүөнэ” (Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс) буолла. Иккис миэстэҕэ “Дьолуо” (ХИФУ Горнай институт) таҕыста. Үһүс миэстэҕэ “Күн тэгил” (ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института) тигистэ.
                                                                       
 edersaas.ru саайтка анаан Туйаара ЖИРКОВА.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0