Билиҥҥи киһи үгүс кыһалҕата уонна ыарыылара санаатын, майгытын-сигилитин кытта быһаччы сибээстээхтэр.
Ол курдук, санааҕа ылларбыт, ол аата наар биир кыһалҕаны эргитэн аҕалан толкуйдуу сылдьар киһи иһигэр бүгэн хаалар, олохтон тэйэр, айар-тутар күүһэ сарбыллар. Оннук түгэҥҥэ хайаан да бэйэни бэйэ илиитигэр ылан, дьарыктанан арыллыахха наада.
Аһылык
Аҕыйах тылынан ас туһунан ахтан-санаан ааһыым. Дьон бэйэтэ үүннэрбит үүнээйитин, ииппит, көрбүт-истибит сүөһүтүн үрүҥ аһын, этин сиирэ ордук иҥэмтиэлээх, туһалаах буолара туох да мэлдьэҕэ суох. Өбүгэлэрбит эти-сиини мээнэҕэ “буор кут” диэбэтэхтэр эбит. Буор кут туох баара барыта сир бытархай эттиктэриттэн турар. Сир эттигэ араас уларыйыыны ааһан, үүнээйи буолан үүнэн эбэтэр кыыл-сүөл нөҥүө киһиэхэ аһылык буолар. Ол эттиктэн таҥыллан буор кут килиэккэлэрэ үөскүүллэр. Онон бэйэ сирин-уотун аһа киһи айылҕатын кытта быһаччы ситимнээх уонна бөҕө туруктаах буоларыгар улахан оруоллаах.
Эт-сиин үлэтэ
Киһи этин-сиинин тутула олус уустук уонна бэйэ-бэйэтин кытары быстыспат ситимнээх биир улахан эйгэ. Онно сүрүн миэстэни тыыныы ылар. Сатаан тыыммат киһи тыын быһаҕас, олоххо-дьаһахха кыаҕа суох, ол аата ис кыаҕын сатаан арымматах диэн буолар. Ис кыах киһиэхэ барытыгар баар, оттон сөпкө тыыныы ол кыаҕы кэбэҕэстик арыйыан сөп.
Эт-сиин киһи туругуттан тутулуктаах. Холобур, санааҕа ылларбыт киһи көхсүн, моонньун быччыҥа күүрэн хаалбыт буолар.
ОҺОҔОС. Былыр сахалар аһастаах, бор киһини астыналлара. Ол аата “иһэ-үөһэ үчүгэйдик үлэлиир, харса суох” диэн буолара. Харса суох буолуу уонна ас буһарыыта туох ситимнээхтэрий?
Киһи агдата, инниттэн көрдөххө, көмүлүөк оһоххо майгынныыр, ол иһигэр оһохпут баар. Оһох – оһоҕос. Оһоҕо үчүгэйдик умайар киһи, ол аата оһоҕоһо күүскэ үлэлиир, аһы кыахтаахтык буһарар, майгыта эмиэ бор буолар. Наһаа өр толкуйдуур, үлэни-хамнаһы ылсан испэт киһи оһоҕоһо мөлтүүр¸оһоҕо киртийэр, кирэ-хоҕо элбиир. Оннук киһи мөлтөх, кирдээх санаалаах буолар. Ол иһин нууччаларга “кишка тонка” диэн этии баар. “Эн син биир кыайбаккын, оһоҕоһун синньигэһэ, чарааһа, мөлтөҕө бэрт” диэн өйдөбүллээх.
ҮӨС. Оһоххо умайар уота – үөс. Бор, харса суох киһи үөһэ эмиэ бэйэтин курдук харса суох тахсар, аһы харса суох буһарар. Билиҥҥи киһи онтон-мантан куттанара элбэх буолан, үөһэ эмиэ туттуна соҕус үлэлиир, ол иһин бу уорган тааһырыыта үгүстүк көстөр. Үөс диэн, кырдьык, үөс уорган, онно ис кыах кистэнэн сытар. Киһи үөһүн хаата төһөнөн улахан да, соччонон ис кыаҕа эмиэ улахан. Ис кыаҕын кыайан арыйбыт киһи холкутуур, сымныыр, олохтон астынар-дуоһуйар буолар, этэргэ дылы, “үөһэ тэһэ барар”.
СҮРЭХ. “Сүрэх” уонна “сүр” тыллар олохторо биир. Сүр диэн айылҕа күүһэ, атыннык эттэххэ, электричествота. Сүрэх таптал эйгэлээх. Барыны-бары таптыыр, кэрэхсиир киһи сүрэҕэ аһаҕас, күүстээх буолар.
БЫАР. Быар – ыраастыыр уорган. Көстүбэт эйгэ өттүттэн көрдөххө, манна ыар санаа ыраастанар. Ыарахан майгылаах киһи быара түргэнник сүһүрэр, ыарыы буолар, оттон холку майгылаах киһи быара – ыраас, чэгиэн.
БҮӨР. Бүөр үөрүүнү, олоххо тардыһыыны үөскэтэр уорган. Бэйэтигэр эрэллээх, саарбахтаабат, күүстээх санаалаах киһи бүөрэ чөл буолар.
НООР. Ноор – наардыыр уорган. Киһи алыс талымас буоллаҕына, бу уорган үлэтэ кэһиллэр. Дьону, олох араас көстүүтүн сирии-талыы, бэйэ эрэ өттүттэн сыаналааһын ноору күүрдэр, ыарытыннарар. Сыаналаа да сыаналаама – ол туһата суох, бэйэҕэ эрэ охсуулаах. Оттон бэйэ аналын толорон дьоҥҥо дьайар, олоҕу уларытар – туһалаах уонна киһиттэн ирдэнэр даҕаны. Дьонтон, олохтон астынар судургу майгылаах киһи нооро ыалдьыбат.
ТААЛ. Талар уорган. Санааны ыраастыыр, киһи олоххо тардыһыытын күүһүрдэр. Олус чараас, уйан дьон тааллара кэбирэх буолар. Оттон кырыктаахтар тааллара “кырыыланар”, кытаатар.
ХАБАХ. Хабахха ис куттал олорор. Кутталын сатаан аһардыбат киһи хабаҕа кэбирэх буолар. Аһардар диэн ол аата тугуй? Куттаммат, кыбыстыбат, куттал туругун сатаан уйар, тирээн кэллэҕинэ уолуһуйбат, аймаммат, нууччалыы эттэххэ, паникалаабат, депрессиялаабат. Хорсун буолуу диэн кутталы хам баттааһын буолбатах, этинэн-сиининэн сатаан аһардыы буолар.
ТЫҤА. Киһи ис көҥүлүн көрдөрөр уорган. Ис көҥүлэ суох киһи тыҥата кэбириир, онно куһаҕан тыын, ыарыы үөскүүр.
Аны ис тымныы диэн өйдөбүлү таарыччы таарыйан ааһыаҕыҥ. Дьоҥҥо тоҥуй, хаҕыс киһи тыҥатыгар тымныы тыын үөскүүр. Оччоҕо кини тымныыга, куйааска кэбирэх буолар. “Дьоҥҥо сылаас сыһыан” диэн өйдөбүл баар. Ол бэрт буола сатааһын буолбатах, ол – тус бэйэҕин сылытар ис-искиттэн тахсар сылаас тыын. Ону өйдөө. Тыҥа киһи кутун-сүрүн кынатыгар холоонноох, ол аата бу уоргана чөл эрэ киһи көҥүлгэ көтөр кыахтаах. Кырдьык, киһи түөһүн иһигэр тыҥа кынат курдук сытар. Бу уорганы сайыннарарга, ис туругу арынарга тыыныыны таһынан хамсаныы уонна дорҕоон таһаарыы туһалаах. Ол иһин оһуохай олус кистэлэҥ, сакральнай күүстээх. Былыр-былыргыттан араас норуот үҥкүү хамсаныыларынан, ырыанан-тойугунан туруктарын арыналлар да, бөҕөргөтөллөр да этэ. Ол да иһин “үҥк” диэнтэн “үҥкүү” диэн өйдөбүл үөскээтэҕэ.
(Кулан Хаан “Төрүт ньыманан ис кыаххын арый” диэн “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт саҥа кинигэтиттэн)
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru