Сыстыганнаах дьаҥ аан дойдуну аймаан, дьиэҕэ олорор эрэсиими тутуһан олорбуппут номнуо сыл аҥара буолла. Үгүспүт «олус да үчүгэй, көҥүл олоххо олорбуппутун урут олох да сыаналаабат эбиппит…» диэн санааҕа кэллэ.
edersaas.ru
Коронавирус дьаҥа олохпут укулаатын уларытта, үгүс былааммытын тохтотто, санаа тууйуллуутугар тиэртэ. Бу маннык өй-санаа күүркэйиитин уустук кэмигэр үгүс киһи уйулҕа үөрэҕин баһылаабыт дьонтон сүбэ-ама көрдүүр, кини ыллыктаах санаатын истэр.
Бүгүн сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр санаа тууйуллуутуттан хайдах босхолонуохха сөбүн туһунан уйулҕа үөрэхтээҕэ Александр Артемьев-Кулан хаанныын кэпсэтэбит.
«Көҥүл киһи» диэн кимий?
— Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр үгүс дьон барыта бобуу, сабыылаах буолан, дууһата хаайтаран, кыраттан да быппастар, санаата холлор, тууйуллар буолла. Эн ютубка тахсар лиэксийэлэргэр «көҥүл киһиэхэ ыарыы сыстыбат» диэн этиигиттэн сылыктаатахха, бэйэтин туохтан да улаханнык хааччахтаабат, толкуйдаабыт толкуйун көҥүллүк олоххо киллэрэ сылдьар киһи санааҕа-онооҕо ылларбат дуу?
— Киһи ис көҥүллээх буолуохтаах. Ол кини «хайдах маннык түбэлтэҕэ, быһыыга-майгыга сыһыаннаһабын?» диэн ыйытыыга иһигэр ылынар быһаарыыныыта. Уопсайынан, «духуобунай эйгэ» диэн – туохха барытыгар эн тус сыһыаныҥ. Үгүс дьон «көҥүл» диэн өйдөбүл ис хоһоонун өйдөөбөт. Холобура, ити эн этэриҥ курдук, санаатын хоту оҥорооччуну «көҥүл киһи» диэн өйдүүбүт. Эбэтэр бириэмэтинэн хааччахтаах үлэтэ суох киһи көҥүл буолар диэн өйдүүбүт. Бу ис көҥүлгэ төрүт сыһыана суох. Ис көҥүллээх киһи диэн – бу бэйэтин холкутун, туругун тас буолар быһыыттан-майгыттан сылтаан алдьаппат, уларыппат киһи диэн өйдүөххэ сөп. Ол оннук киһи көҥүл буолар. Ыһыктынан кэбиспит киһи диэн атын. Олоххо кэрэхсибилин сүтэрбэтэх, буолары холкутук ылынар киһи көҥүл буолар. Ыһыктыммыт киһи санаа эйгэтигэр күүскэ киирэн хаалар. Көрдөххө, көҥүл курдук буолуо гынан баран, маннык киһи олоххо тардыһыыта суох буолар.
Атах санаа тууйуллуутун кытта сибээһэ
— Эн ютубка кэпсиир лиэксийэҕэр киһи санаата тууйуллуутун атаҕы кытта сибээстээбиккин интэриэһиргээтим. Хааныҥ барыта төбөҕө түмүллэр буолан, санаа-оноо баттыыр, онон атах эмиэ хааны «үллэстиэхтээх» дуо? Атахпытыгар хаан туран хаалар, сайҕаммат, ол санаа түһүүтүгэр тиэрдэр курдук өйдөөтүм. Оччотугар элбэхтэ хаамыахпытын наада дуо?
—— Санаата түспүт киһи лимфа систиэмэтэ кыайан үлэлээбэт буолан уонна «сосудтара» бүөлэнэн атаҕа ыалдар. Киһи күүһэ-уоҕа лимфа систиэмэтин кытта сүрдээх улахан сибээстээх, ситимнээх. Ол иһин сахалар алгыс оҥоруохтарын иннинэ дьоҥҥо битийии диэн оҥоттороллоро. Билигин биһиги битийиини алгысчыты арыаллаан киирээччи оҕолорго эрэ оҥотторобут. Дьиҥэр алгыска кыттар киһи барыта оҥоруохтаах. Оччоҕуна киһи бөтөҕөтө күүрэн, үлэлээн, лимфа систиэмэтэ көтөҕүллэн, киһи уопсай туруга уларыйыытыгар алгыс туһаайыллар. Туруга бөҕө киһи олоҕо үчүгэй дэнэр буоллаҕа. Ол иһин киһи атаҕар «проблемаланнаҕына», санаата түһэр, кыйахана сылдьар буолар. Ол бэлиэ, нууччалыы эттэххэ, «сигнал» буолар. Онуоха киһи организмын бөҕөргөтөн, бэйэтэ киниэхэ утары баран, санаатын көннөрүнүөх тустаах.
Сүрэх тыынар «ойбонноох»
— «Сүрэҕэ аһаҕас, сабыылаах киһи» диэн өйдөбүллэри эн хото туттаҕын. Ол аата тугуй? Сыстыганнаах дьаҥҥа дьиэҕэ бүгэн олорор кэмҥэ бэйэтигэр «сабыллан хаалбыт» киһи, бука, үксээбитэ чахчы.
— Санаата түспүт киһи «сабыллан хааларын» үгүспүт эндэппэккэ билэр. Ол аата сүрэҕэ «бүөлэнэн» хаалар – буола турар дьиҥнээх олоҕу кэрэхсээбэт киһи. Оттон олоҕу кэрэхсиир, тыыппалаах, интэриэстээх, хараҕа умайар киһи тас көрүҥнүүн сырдык буолар. Дьиктитэ баар, истэриттэн наһаа эппиэтинэстээх дьон эмиэ сүрэхтэрэ сабыылаах буолар. Сүрэх эмиэ бэйэтин ойбонунан «тыыныахтаах». Кини тыына – таптал, кэрэхсэбил. Ол тапталы эр киһи уонна дьахтар «межполовой тапталларын» кытта буккуйумуохха наада. Бу «олоххо кэрэхсэбил, дьону кэрэхсээһин» диэн өйдөбүл. Ол баар буоллаҕына, киһи сүрэҕэ аһаҕас буолар. Куттаммат эрэ киһи кэрэхсиир. Наар куттана, сэрэнэ сылдьар киһи кэрэхсиирэ суох.
«Мин киһим» дииргэ үөрэниэх
— Дьиэҕэ олоруу эрэсиимигэр үгүс ыалларга этиһии, өйдөспөт буолуу үксээтэ. Онтон сылтаан арахсарга күһэллэллэр. Мин хаһан эрэ эн биир лиэксийэҕэр истибиппин олох умнубаппын: «Бу Орто дойдуга киһи үөһэттэн ананан кэлбит киһитин син биир көрсөр. Ол эрээри тапсыбакка арахсар түгэҥҥитигэр: иккистээн эргэ тахсаргар, ойох ыларгар, бэйэҥ да билбэккинэн, син биир бастакы кэргэниҥ курдук киһилиин холбоһоҕун. Тапсыбакка, эмиэ арахсыаххын сөп. Ол иһин «иккис олоҕо эмиэ табыллыбатах» дииллэр. Онон арахсар суолу тутуспакка, бастатан туран, бэйэ бэйэҕитин көннөрөргө үлэлэһиҥ, уопсай тылы була үөрэниҥ» диэбитиҥ. Ити санааҕын сиһилии быһаарарыҥ буоллар.
— Пандемия кэмигэр дьон арылдьайара аччаан, уһуннук бииргэ олорон, кыыһырсар түгэннэрэ, кырдьык, үксээбитин истэ-билэ сылдьабыт. Ол туохтан тахсарый? Билиҥҥи киһи тулуура суох. Барытын сууххайдык, түргэнник аһардан иһиэн баҕарар. Ол иһин уһун кэмҥэ бииргэ алтыһар буоллахха, боростуойдук эттэххэ, «үөнэ-күрдьэҕэтэ» барыта арыллан кэлэр кэмигэр бэйэ-бэйэни ылынсыбат уонна өйдөспөт буолуу тахсан кэлэр. Аны биир дьикти баар. Киһи киһини үчүгэй эрэ өттүн ылыныан баҕарар. Дьиҥэр хас биирдии киһи бэйэтэ хараҥалаах (хараахтарыгар мөлтөх өрүттэрэ). Онон үгүс киһи бэйэтин аҥарын ол хараҥа өттүн ылыныан баҕарбат. Ордук эр киһи дьахтарга оннук ирдэбиллээх. Өрүү кэргэнэ күлэ-үөрэ, олоҕунан дуоһуйа сылдьар буолуохтааҕын курдук саныыр. Оттон дьахтар ытаата да, хомойдо да, үгүс эр киһи дьахтарыгар төттөрүтүн утары туран киирэн барар. Киһини бүтүннүү – үтүө-мөкү өрүтүн тэҥник тутан ылыныахтааххын.
Хомойуох иһин, билиҥҥи кэмҥэ «мин киһим» диэн өйдөбүл сүтэн, сымсаан хаалла. Үгүс дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан, нууччалыы эттэххэ, «парнерство» диэн өйдөбүллээх буолла. Ити мин соруйан нууччалыы өйдөбүлү туттабын. Сахаҕа былыр былыргыттан дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаан итинник өйдөбүл суох. Өбүгэ саҕаттан ойох ыллыҥ, эргэ таҕыстыҥ да, эн аҥарыҥ «мин киһим» диэн өйдөбүллээх буолара. Киһи киһини «мин киһим» диэтэҕинэ эрэ, мөкү, үчүгэй өрүттэрин бүүс-бүтүннүү ылынар буоллаҕа. Аныгы үйэҕэ атыны буруйдааһын хос тахсан кэллэ. Сэбиэскэй кэмҥэ бу наһаа тэнийбит көстүү этэ – хайаан да буруйдааҕы булуу.
Кэргэннии буолуу, бастатан туран, духуобунай үөрэх. Киһи киһини ылынарыгар атын киһи нөҥүө бэйэтин үөрэтиэхтээх, иитиэхтээх. Ис сыаннастар суолталарын өрө тутар буоллаҕына эрэ, киһи бииргэ олорор. Оттон тас сыаннаһы үрдүктүк туттахха, «бастатан туран, миэхэ үчүгэй буолуохтаах» диэн чэпчэки суолунан бардахха, ырааппаккын. Ис сыаннаһы өйдүүр эрэ киһи тулалыыр эйгэтин барытын уларытыан сөп. Ол бүгүҥҥү олоххо кыаллар суол.
… Ити курдук, Кулан хаанныын киһи араас тиэмэҕэ сэһэргэһэ олоруох кэриҥнээх. Бөлүһүөктүү санаалаах дьоннуун алтыстахха, кырдьык да, дууһалыын сырдыыгын, толкуйдуун дьэҥкэрэҕин.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.