Ырыаһыт Петр Кулаковскай: “Баҕа санаам туолла”

01.04.2019
Бөлөххө киир:

Петр Кулаковскай аата саха эстрадатыгар биллибитэ биэс сыл буолла. Бу бэлиэ кэмҥэ анаан Петр муус устар 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар “Көҥүл” диэн бастакы айар киэһэтин бэлэхтээри сылдьар. Петр олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.

— Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, ойор-тэбэр оҕо сааһым онно ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар фортепиано уонна үҥкүү куруһуоктарыгар сылдьыбытым. Кыра эрдэхпиттэн классическай муусуканы сөбүлээн истэбин. Дьиэбитигэр кассетанан, ­пластинканан тыаһыыр магнитолабыт куруук холбонон турара. Ол эрээри, суруналыыс эбэтэр бы­­раас идэлээх буолуохпун баҕарарым. Ырыаһыт быһыытынан кэлин арыллыбытым. Аны, бу кэлэн санаатахха, оҕолору үҥкүүлэтэн-ыллатан кэнсиэр туруорар, ол быыһыгар бы­­рааппын кытта дьоммутугар бэйэбит кэнсиэртиир этибит. Онон оҕо эрдэхпиттэн син биир айар эйгэҕэ дьулуспутум өтө сылдьыбыт эбит диэн саныыбын.

Улуу дьон удьуора

— Петр, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түс эрэ. Араспаанньаҥ Кулаковскай диэн. Үгүс киһи интэриэһиргиир буолуохтаах, Өксөкүлээх Өлөксөй аймаҕыҥ дуо?

— Ийэм Сардаана Петровна – бибилэтиэкэр, оттон аҕам Василий Васильевич бэйэ дьыалатынан дьарыктанар. Куоракка олороллор. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, быраатым – үлэһит. Өксөкүлээх Өлөксөй удьуордарабыт. Аҕабынан эбэм Матрена Михайловна Кулаковская Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх. Эбэм Өксөкүлээх Өлөксөй бииргэ төрөөбүт убайын, Таатта улууһун бастакы кулубатын, аатырбыт норуот ырыаһытын Иван Елисеевич Кула­ковскай–Оон­ньуулаах Уй­баан сиэн балтыта буолар. Ийэбинэн эбэм – ССРС норуодунай артыыһа Анегина Егоровна Ильина. Оттон эһэм – фольклорист, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт Петр Никифорович Дмитриев–Туутук. Онон эргиччи улахан эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүбүн, дьоммунан киэн туттабын. Кинилэр мин олохпор улахан сабыдыаллаахтар.

Оҕо саас туолбут  ыра санаата

— Суруналыыс эбэтэр бы­­раас идэлээх буолуохпун баҕарарым диэтиҥ. Туох идэлээххиний? Ханна үөрэммиккиний?

— 2013 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет биолого-географическай факультетын эколог идэлээх бүтэрбитим. Бу идэбинэн биирдэ даҕаны үлэлээбэтэҕим, ол эрээри үөрэммиппин кэмсиммэппин. Олус элбэҕи билбитим-көрбүтүм, табаарыстаммытым. Бастакы куурустан “Виктория” ыытааччынан үлэлээн саҕалаабытым.  Кэлин куоласпын истэннэр, тас көрүҥүҥ тэлэбиидэнньэҕэ барсар диэннэр “Саҥа күн” биэриигэ ыҥырбыттара. Араадьыйаҕа 2009 сылтан былырыыҥҥааҥҥа диэри үлэлээбитим. Ханна үлэлиибин да, айар үлэҕэ сылдьабын, мин үлэм – мин хоббим.

— Оччотугар суруналыыс буолар баҕа санааҥ туолбут эбит дии.

— Мин, уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаа күүһүгэр олус итэҕэйэбин. Туох эмит буолаары гыннаҕына, ыарахаттары көрүстэхпинэ “Айыыларым, баһаалыста, баар эрэ буолларгыт көмөлөһүҥ” диэн көрдөһөөччүбүн, оччоҕуна барыта түргэнник ааһан, тирээн кэлбит кыһалҕам быһаарыллан хаалбыт курдук буолааччы.  Бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына ийэм баҕа санаа түсчүтүн оҥор диэн сүбэлээбитигэр, араас сурунааллартан кырыйан, быһан-­отон баҕа санааларбын каартаҕа түмэн килиэйдээбитим. Былырыын ону ылан көрбүтүм, соһуйуом иһин, баҕа санаам барыта туолбут: ыытааччы буолан турарбын, наҕараадалары ыларбын, араадьыйа, тэлэбиисэр, алтыһар дьонум уо.д.а. Киһи бэйэтин санаатын күүһүгэр итэҕэйдэҕинэ барыта туолар эбит диэн түмүккэ кэллим.

Ырыа эйгэтигэр

— Ырыаһыт буоларга бастакы хардыыларыҥ?

— Павловскайга 8-9 кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына “Саха Концерт” хампаанньа дириэктэрэ Василий Кривошапкин кэлэн ырыаһыт оҕолору көрбүтэ-истибитэ. Онно ыллаабытым, онтон 2012 сыллаахха Семен Ченянов айар устуудьуйатыгар киирбитим. Бастакы ырыабын Семен айбыта, куонкурустарга кыттар буолбутум.

— Бастакы улахан наҕараадаҥ туох этэй?

— 2013 сыллаахха “Этигэн Хомус” бириэмийэтигэр Николай Линдин тылларыгар уонна Эрхаан матыыбыгар “Эт эрэ” диэн ырыабынан “Сыл бастыҥ саҕалааччыта” номинацияҕа киирбитим. Атын ырыаһыт кыайбыта, ол эрээри мин онтон хомойботоҕум. Баара-суоҕа биир эрэ куолаһынан хаалбыт этим. Арай ыытааччылар номинациялар кыайыылаахтарын барытын билиһиннэрэн бараннар: “Көрөөччү биһирэбилэ” ааты Петр Кулаковскай ылла!” — диэбиттэригэр олус соһуйбутум, үөрбүтүм. Саҥа ыллаан эрэр киһини көрөөччүлэр, истээччилэр билинэллэрэ – улахан чиэс.

— Бэйэҥ ырыа айан холонон көрбүтүҥ дуо?

— Суох, ырыаны сатаан айбаппын, холонон көрбөтөҕүм даҕаны диэххэ сөп. Иэйиим киирдэҕинэ, кыралаан хоһоон суруйабын. Билиҥҥи репертуарбар Эрхаан, Егор Неустроев, Семен Ченянов ырыалара бааллар. Ырыа этим-хааным, өйүм-санаам нөҥүө аастаҕына эрэ ылынабын. Бастаан ыллыырым саҕана бөлүһүөктүү ис хоһоонноох “Көҥүл”, “Хотой” диэн ырыалары ыллыырым. Аны билигин таптал эҥин туһунан лиричнэй соҕус ырыаларга санаам охтор буолла. Манна диэн эттэххэ, Эрхаан айар ырыалара миигин ордук арыйаллар дии саныыбын.

Бастакы айар киэһэ

— “Көҥүл” диэн ааттаабыт бастакы айар киэһэҕэр көрөөччүлэри туох күүтэрий?

— Бастакы кэнсиэрбин биэс сыллааҕы айар үлэбин түмүктээри оҥоробун. Муус устар 6 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар истээччилэрбин долгуйа күүтэбин. “Көҥүл” диэн ырыам мин айар үлэбэр улахан суолталаах, онон элбэххэ кынаттаабыт, киэҥ сиринэн сылдьан ыллаабыт ырыам аатынан киэһэбин ааттаатым. Мин көҥүлү олус сыаналыыбын, туох даҕаны харгыһа суох көҥүл сылдьарбын, баҕарбыппын оҥорорбун, барарбын-кэлэрбин сөбүлүүбүн. Аны оҕо эрдэхпиттэн  ырыаһыт таҥаһын-сабын, киирэрин-тахсарын, кэн­сиэр уотун-күөһүн, уопсай хаамыытын көрө, онно болҕомто уура ­улааппытым. Онон режиссербу­наан Наталья Кралиналыын ураты буочардаах, хатыламмат киэһэни бэлэхтээри бэлэмнэнэ, түбүгүрэ сылдьабыт. 

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0