Мэҥэ Хаҥалас Кыраайы үөрэтэр түмэлигэр улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ муһуннулар. Бүгүн манна мустубут төрүөппүт — суруйааччы, бөлүһүөк, улуу киһи Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Мэҥэ-Хаҥалаһы кытта алтыһыытын, билсибит дьонун-сэргэтин туһунан истии, ким-тугу билэрин үллэстии.
Елизавета ПОПОВА, Майа, Мэҥэ Хаҥалас.
Эргимтэ дьоно
Кэпсэтиини «Кулаковскай эргимтэтэ» диэн бырайыак ааптара, филологическай наука доктора, Өксөкүлээх сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская аста. Аан тылыгар кини маннык эттэ:
- Эһигини кытта көрсүөхпүн баҕарбытым ыраатта, кэлбиппиттэн үөрэбин. Саха сирин бары улууһа атыҥыраабат киһитэ А.Кулаковскай эрэ буолар. Бэйэтин кэмигэр сылдьыбыт ыыра ырааҕынан тайыыр. Кинини кытта алтыспыт дьон туһунан кыра да информацияны норуоттан сураһар, хомуйар, ситимниир сыаллаах бу бырайыагы саҕалаатыбыт. Үөрэрим диэн бырайыакка эдэр дьон ылыстылар, кэскиллээх буолуо диэн эрэнэбин.
Прокопий Бубякин, “Кулаковскай эргимтэтэ” Коммерческайа суох тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ:
— Улахан бырайыакка ылсан эрэрбититтэн үөрэбин. Үлэбитин саҕалаатыбыт. Амма, Таатта улуустарынан сырыттыбыт. Бырайыагы официальнайдык билиһиннэрии Дьокуускайга “Сахамедиа” медиакиинигэрөрө көтөҕүллүүлээхтик буолбута. Мэҥэ-Хаҥаласка бу иккис сырыыбыт, эрдэ Павловскайга ыалдьыттаабыппыт. Информация түргэн кэмигэр олоробут. Бүгүн кыраныысса таһыгар туох буолбутун батсаабынан эҥин тута истэбит, оттон бэйэбит чугастааҕы исторябытын, сүрүн дьоммут духуобунай нэһилиэстибэлэрин ситэри билбэппит. Ол иһин бырайыакка интэриэс улахан.
Саргылаана Неустроева, “Амма кырдалын ыччатын” общественнай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ:
- Өксөкүлээхтэн үөрэнэрбит олус элбэх. Кини хайдах быһыт тутартан саҕалаан, сири-уоту тутууга-харайыыга тиийэ толкуйа үгүс. Улахан үлэҕэ ылсыстыбыт. Бырайыагы бырабыыталыстыба өйөөтө. Нэһилиэнньэ — кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар бары эйгэ үлэһиттэрэ өйүүллэрин күүтэбит.
Кыраайы үөрэтээччилэр санаалара
Ити курдук көрсүһүүбүт билиһиннэрии чааһын ыалдьыттарбыт аспыттарын кэннэ, олохтоох дьоммут этиннилэр. Мэҥэ-Хаҥалас кыраайы үөрэтээччилэрин бас дьоно Михаил Апросимов, Константин Родионов көрсүһүүгэ кэлбиттэр. Ону көрөммүн хайаан да тугу эрэ сыаналааҕы быктарар дьон буолуо диэн эрэнэ олорбутум, ол оруннаах буолла.
Михаил Апросимов, Моорук Суолатыттан кыраайы үөрэтээччи:
- Суола Морукка Алексей Кулаковскайдыын алтыһыы икки түгэнэ баар. Чалҕаа нэһилиэгэ 1912сыллаахха Мооруктан арахсан Чалҕаа буолбута. Арахсыы хаһан баҕарар айдааннаах. Ол хайдыһалларыгар Өлөксөй Кулаковскай бэйэтинэн тахсан атаҕастанан эрэр өрүтү өйөөн, албакааттаан үлэ ыыппыт. Ол барыта архыыпка баар: Опись 15, 286.
Иккис түгэн. Фольклориспыт Семен Порядин кэпсээнинэн, кини аҕата Порядин Афанасий Семенович Кулаковскай биир кинигэтигэр үлэлэспит эбит.
Константин Родионов, улуус краеведтарын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ. Бүтэйдээх.
- Кулубабыт Валерий Слепцов Кулаковскайдыын түспүт хаарыскалара баар. Аатырбыт дьоммут үс бырааттыы Поповтар Өксөкүлээххэ чугастар этэ. Кузьма Васильевич Гаврилов 1912 с «Саха саҥатыгар» тахсыбыт сахалыы «Хороҕор Киргиэлэй уонна Өлөксөй Кулаковскай» диэн кэпсээннээх. 1912 с туора урдустар съезтэригэр түспүт хаартыската баар.
Түмүккэ
Ити курдук отонноотоххо окоойук туоларыныы, сап-саҕаттан саҕан устуоруктарбыт улуус уонна Өксөкүлээх сыһыаннаһыыларын балачча ырыттылар. Ороссолуодаттан кулуба Соловьев, Тыыллыматтан Гаврил Никифоров-Манньыаттаах уола, Дойду нэһилиэгиттэн Алексей Попов, Местников Кулаковскайдыын алтыспыт дьон улууспутугар олорон ааспыттарын истэн олорон олуһун киэн тутуннум.
История халыҥ араҥатын кылгастык арыычча аппатан көрүүгэ элбэҕи да билбэппит, ырыппаппыт сыттаҕа. Бу көрсүһүүгэ Людмила Реасовна сөпкө да эттэ ээ: историктар сааһыраллар, билиилэрин ыччакка тиэрдэн история ситимин оҥоруохтаахпыт диэн.
“Кулаковскай эргимтэтэ» бырайыак айанныыр, ситими салгыыр, кыраайы үөрэтээччилэри түмэр, ааҕааччыны тардар үлэтэ киэҥ араҥаҕа тэнийэн, элбэх булумньуланнын!
Елизавета ПОПОВА, Майа, Мэҥэ Хаҥалас.