Кулааһай туйахтаахтар көрүҥнэригэр киирсэр. Биһиги тайҕабыт саамай кыраһыабай дьиикэй кыыла буолар. Саха сирин соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр — Өлүөхүмэ оройуонугар уонна уруккута Токо диэн эбэҥки оройуонун сиригэр Ленскэй, Мирнэй диэки таптаан үөскээбит сирдэрэ.
Ол гынан баран ити дойдуларга сир баайын көрдөөччүлэр — экспедициялар, гаас, ньиэп турбаларын тардан, араас промышленность сайдан, тыас-уус элбээн уонна браконьердар элбээннэр, бу хаарыаннаах кыылбыт куотан соҕуруу киин сирдэр диэки сыҕарыйда, аҕыйаата. Биир үксүн аһыылаах кыыллар элбээн сиэннэр көҕүрэттилэр. Токоҕо «Миимэки» диэн сиргэ кулааһайы иитэр питомник баазатын патриот-охотовед Антонов Прокопий Иннокентьевич көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ булдун тэрилтэтэ уонна салалта өйөөһүнүнэн эксперимент оҥорон, үп-харчы көрөн уһун кэмҥэ тутан иитэн көрдүлэр. Манна учуонайдар бу кыыллар хайдах инники өттүгэр өссө сайыннаран кэҥэтэр туһунан үөрэтэн көрбөккө эрэ үөһэттэн ким эрэ дьаһалынан ол питомнигы эһэн Дьокуускайга аҕалтаабыттара. Ол кулааһайдар ханна тиийэн дьылҕалара хайдах быһаарыллыбытын ким да билбэт. Эһиэхтэригэр диэри 12 кулааһай баара, баҕар дьон сиэбитэ буолуо, баҕар атын сиргэ салгыы иитэллэрэ, элбэтээри сылдьаллара буолуо. Ону таабырын курдук таайа сатыыбыт. Бу кулааһайдары иитиэхтэрин иннинэ Алтайтан яктары аҕалан иитэн иһэн эмиэ салгыы ииппэккэ, эксперимент оҥоро диэн ааттаан атыылаһан эмиэ тиэйэн илдьэ барбыттара. Манан сибээстээн ыйытыахпытын баҕарабыт:
1. Кулааһайдар промышленность күүскэ кэҥээн бардаҕына уонна сиэмэх кыыллар – бөрөлөр, эһэлэр элбээн улаханнык аҕыйаатылар. Онон билигин сэдэх кыыллар ахсааннарыгар киирсэр буолуохтарын иннигэр, бастатан туран, сиэмэх адьырҕа кыыллары аҕыйатар миэрэни ылыахха.
2. Кулааһайдары бултуурга мораторий биллэриэххэ. Булт хаһаайыстыбалара бултуурга лицензия биэрбэттэрин эбээһинэстиэххэ.
3. Промышленноска, экспедицияларга үлэлии кэлэллэр уонна үлэлээччилэр көҥүлэ суох, кэрэйбэккэ, харыстыыр диэни билбэккэ бултууллар. Промышленность отходун уонна буровой дьааттаах эттиктэрин харайалларын күүстээх хонтуруолга ылалларын ситиһэргэ.
Мин санаабар, кулааһайдар биһиэхэ, Өлүөхүмэҕэ, эрэ үөскүүллэрэ буолбатаҕа буолуо. Холобура, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ, Амурскай, Иркутскай, Читинскай уобаластарга баар буолуохтарын сөп. Онон, Саха сирин булт хаһаайыстыбата, айылҕа харыстабылын тэрилтэлэрэ бары билэн олорор буолуохтаахтар. Манан сибээстээн, сөптөөх хайысханы булан үлэлииллэрэ буоллар.
Сурукпун түмүктээри туран, ыйытыахпын баҕарабын: биһиэхэ баар буола сылдьыбыт кулааһайдар питомниктара ханна тиийэн туох дьылҕаланнылар? Бу питомниктар таах сүтэн хаалаллара сатаммат, онон бу кулааһайдар тустарынан, онно төһө үп ороскуоттаммытын норуокка биллэрэргитигэр баҕарабыт.
P.S. Алтайтан аҕалыллыбыт яктар тустарынан мин эмиэ ыйыппытым. Олор дьылҕаларын туһунан эппиэттэрэ ситэтэ суох, ханна хастыы як баара суруллубатах этэ.
Юрий АРГЫЛОВ, Өлүөхүмэ улууһа.