Куйуур саҕаланна!

16.02.2022
Бөлөххө киир:

Олунньу ортото буолла,  күммүт биллэрдик уһаата, халлаан да сылыйда. Мантан инньэ өссө сылыйыа буоллаҕа. Бу хаартыскаҕа куйуурдуу турар ытык кырдьаҕас Уйбаан Уйбаныап-Чыгыы диэн, Үөһээ Бүлүү Сургуулугун олохтооҕо, кэпсэлгэ сылдьар аатырбыт булчут.  88  сааһыгар сылдьар. Кини 9 оҕолоох, бары ыаллар, эбээ-эһээ бочуоттаах аатын сүкпүттэрэ ыраатта. 

Чыгыы оҕонньор төлөпүөнүгэр эрийэн, аҕыйах тылы кэпсэттим, куолаһа чоҥ курдук. «Бу күннэргэ куйуурдаатыбыт. Маҥнайгы күммүтүтүгэр үһүө эрэ буолан, Сургуулуктан балтараа көстөөх Сымалыыр диэн күөлгэ куйуурдаатыбыт. Бычаах, мунду дэлэй. Билиҥҥи ыччат, эдэр дьон биһиги курдук буолбатахтар, саараама куйуурдаабаттар.  Ээ, ол эрээри, үгүстэрэ хотон көрөллөр, нэһилиэккэ ынах сүөһү, сыспай сиэллээх дэлэй. Быйыл хаара чараас буолан, муус халыҥ соҕус.

Иккис күммүтүгэр син элбээбиппит. Боотулууттан кэлэн куйуурдастылар. Бычаахтыын-мундулуун барыта аҕыс куул дииллэрэ, уолаттар. Ээ, мин биир куулу өлүүлэспитим. Сахаларга бычаах, мунду миинин солбуйар  үтүө ас суох буоллаҕа. Бычаах төбөтүн үйэм тухары хампы ыстаан, бачча сааспар диэри тиийдим.

Арба, ити аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт ыарыыттан  үөрэ отун уутун иһэн өрүһүннүм ээ. Уонна ити бычаах миинэ барахсан көмөлөстөҕө. Оройуоҥҥа киирэн, анаалыс туттарбытым ыалдьыбыт эбиккин диэн эппиттэрэ. Удьаардаан ылбытым ээ. Син этэҥҥэ тулуктаспыппын. Мин биир сиргэ олорбот киһибин, күн аайы тугу эрэ гынан хачыгырыйа сылдьабын, сайынын оттуубун. Онон эдэр дьон, төһө кыалларынан, хамсана сатааҥ, доруобуйа хамсаныыга сытар.  Анаалыс көрдөрүүтүнэн, үммүнүтүөтүҥ үчүгэй  диэтилэр. Оҕолорбун, сиэннэрбин, хос сиэннэрбин  барыларын биир сиргэ мустахха, дьиэбэр баппаппыат, 70-ча киһиэхэ чугаһыыр», — диэн Уйбаан Уйбаанабыс  кэпсээннээх буолла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0