Куйдуһун муостата дьэ оҥоһулунна!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл сайыҥҥыттан Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕун уонна Томторун олохтоохторун эрэйдээбит Куйдуһун муостата бу күннэргэ дьэ оҥоһулунна.

edersaas.ru

 Улахан ардахтар сылы быһа оҥоһуллар суолу сууйан кэбиһэн, муоста уонна биэрэк икки арда атан хаалан, дьону-сэргэни  сырыы аайы эрэйдиир.

Быйыл бэс ыйын саҥатыгар муоста туһаттан тахсан, Сордоҥноох нэһилиэгин дьоно олус да эрэйдэммиттэрэ! Кыаммат инбэлиит дьону кирилиэһинэн көтөҕөн таһаарарга күһэллибиттэрэ.

Ити курдук олохтоохтор икки ыйы быһа эрэйи көрбүттэрэ.

Улуус уонна нэһилиэк дьаһалталара үөһээҥҥи инстанцияларга күннэтэ туруорсан, бу күннэргэ Куйдуһун муостата дьэ өрөмүөннэннэ. Манна олохтоохтор Александр Долженков салайар суолу оҥорор тэрилтэтигэр махтаналлар.

Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов:

—  СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар Госкэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Лепчиковка махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Суолбут алдьанан, Дьокуускайга бородуукта атыылаһан хаалларан баран, тиэйэн аҕаларга көмөлөс диэбиппитин быһа гыммакка, суһаллык биир КамАЗ массыынаны ыытта. Суолбут оҥоһуллан, ол массыына сүөкэнэн баран төнүннэ, — диэн кэпсээтэ.

Онон тыа сирин дьоно сырыылара олохтонон, холкутук айанныыр, ходуһаларыгар тиийэн оттуур буоллулар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0