Куйаастан харыстаныы

23.07.2022
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сырылас куйаас күннэр сатыылаан тураллар. Биллэрин курдук, маннык күннэр инсультаабыт, хааннарын баттааһына кэһиллиилээх, сүрэх, стенокардия уонна ишемическэй ыарыылаах дьоҥҥо кутталлаахтар.
Онуоха хайдах харыстанарга сүрэх бырааһа Сардаана Васильевна Павлова сүбэтин билсиэҕиҥ.

edersaas.ru

-Олус суон, былчархайдара ыалдьар, искэннээх уонна соторутааҕыта инфарктаабыт дьон эмиэ сэрэхтээх буолуохтаахтар.
Сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон куйаас күннэргэ ордук кэбирэхтэр. Үксүгэр, куйааһы гипертониктар, сүрэхтэрэ ишемическэй ыарыылаах дьон тулуйбаттар. Кинилэр ыарыыларын тииһигэ киирбэтин туһугар тугу гыныахха?
Бастатан туран, мэлдьи иһэ сылдьар эмтэргитин тохтотумаҥ. Туох эрэ мунаарардаах буоллаххытына, эмтиир бырааскытыттан өссө төгүл ыйытылаһаргытын умнумаҥ.
Сүрэх-тымыр ыарыылаахтар сырылас куйааска күн муҥутаан тыган турар кэмигэр таһырдьа тахсыбаттара ордук. Күнтэн куотан, күлүккэ сылдьа сатааҥ. Дьиэ иһигэр кондиционеры эбэтэр сөрүүкэтэри холбоон, түннүгү инчэҕэй таҥаһынан сабыахха сөп.
Чэпчэкитик уонна киэҥник-куоҥнук, о.э. төһө кыалларынан натуральнай таҥастан (хлопок, лүөн) тигиллибит сырдык таҥаһы кэтиҥ. Ыбылы ыла сылдьар сатабыла суох таҥастан аккаастаныҥ. Төбөҕүтүгэр панаманы эбэтэр атын тэрэгэр сэлээппэни кэтиҥ.
Куйаас күннэргэ аһыыр аскытыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Эти уонна сыалаах-арыылаах аһылыгы аҕыйатыҥ, эһиги остуолгутутугар үүнээйиттэн уонна үүттэн аһылык элбиэхтээх. Сүрүн быраабыла – чэпчэки аһы аһааҥ. Күөх үүнээйини, оҕуруот аһын, фрукталары талыҥ. Эти балыгынан солбуйуҥ, итии бүлүүдэлэртэн аккаастаныҥ. Тууһу аҕыйатыҥ. Туустаах аһылык хаан баттааһына кэһиллиитигэр тириэрдэрэ дакаастанан турар. Күҥҥэ биэстэ-алтата кыра-кыратык аһааҥ.

Утахпытын ханнарабыт

-Күөх чэйи иһиэххэ сөп. Күөх чэй сыа атастаһыытын бэрээдэктиир антиоксидант диэн бэсэстибэлээҕинэн туһалаах. Хара чэйтэн уонна кофеттан уратыта диэн тымыр тэбиитин уонна хаан баттааһынын намыратар. Куйаас күннэргэ ону таһынан минеральнай ууну уонна аҕыйах саахардаах отонноох муоруһу иһиэххэ. Кыра да кыраадыстаах утахтар көҥүллэммэттэр. Тоҕо диэтэххэ, испиирдээх утах турук эмискэ мөлтүүрүгэр тириэрдэр.
Сүрэҕэр ишемическэй ыарыылаах киһи суукка устата иһэр согун, минеральнай уутун кээмэйэ 800 мл диэри аччатыллыахтаах. Олус элбэх ууну иһии хаан баттааһына үрдүүрүгэр уонна сүрэх декомпенсациятыгар тириэрдиэн сөп. Сүрэхтэрэ эмсэҕэлиир дьон утаттылар да ууну кэлтэйдии кэтэрдэн испэккэ, дьиэ сылааһын саҕа уунан айахтарын сайҕаналларыгар сүбэлиэм этэ.
Доруобай дьон олус күүскэ тахсар көлөһүнү толуйар курдук ууну иһиэхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, организм куурдаҕына-хаттаҕына, мэйииҥ эргийэр уонна уҥан да түһүөххэ сөп.
Күн устата уонна утуйуох иннинэ араас оттортон булкадаһык оҥоруохха, онно сибиэһэй эбэтэр тоҥоруллубут отону, моонньоҕону уо.д.а. эбиэххэ сөп.

Күннээҕи эрэһиими тутуһабыт

— Күнүс сынньанартан аккаастанымаҥ. Куйаастан куотарга уулаах сирдэргэ талаһар буоллахха, сүрэҕэ ыалдьар киһи тута ууга киирэрэ олус кутталлааҕын умнумаҥ. Ити тымыр бопторуутугар тириэрдиэн, оннооҕор инфаркт миокарда буолуон сөп. Өрүскэ эбэтэр күөлгэ сөтүөлүөх оннугар сылаас уунан ыстарыныахха эбэтэр сииктэх сотторунан соттуохха сөп.
Сылаас күннэргэ хааҥҥыт баттааһынын уруккутааҕар элбэхтик хонтуруолланыҥ. Куйаас күннэргэ хаан баттааһына үрдүөн эбэтэр, төттөрүтүн, түһүөн сөп.
Сүрэҕэ ыалдьар киһи ыраах айаҥҥа барартан туттунуон наада. Салгын хамсааһына уларыйа турарыттан, ыраах айаҥҥа барартан долгуйаргытыттан туох барыта буолуон сөп. Айанныыртан аккаастанар кыаххыт суох буоллаҕына, куруук иһэр эмтэргитин илдьэ сылдьыҥ. Ону таһынан ыарыыгыт туһунан устуоруйаҕытын эбэтэр амбулаторнай каартаҕытын ыларгытын умнумаҥ.
Даачаҕа сылдьар кэмҥитигэр эмчиккэ наадыйар түгэн хаһан баҕарар үөскүүр кыахтааҕын умнумаҥ. “Хамсаныы – олох” диибит, ол гынан баран, маннык кутталлаах күннэргэ аһара күүскэ хамсанаргытын-имсэнэргитин, үлэлииргитин аҕыйатыҥ. Күүскэ төҥкөйөн уонна төбөнү аллараа түһэрэн хортуоппуй сыыс отун үргүүр көҥүллэммэт. Хаан баттааһына эмискэ үрдүөн, өйгүн сүтэриэххин уонна инсультуоххун да сөп. Онон дьиэҕэ баар аптыакаҕытыгар сүрэх эмтэрэ куруук баар буолуохтаахтар. Үлэ эрэһиимин тутуһуҥ. Тыын хаайтардаҕына, сүрэх үлэтэ кэһилиннэҕинэ, туруккут мөлтөөбүтүн биллэххитинэ, мэйиигит эргийдэҕинэ үлэҕитин суһаллык тохтотуҥ.

Суһал көмө

-Куйааска ким эрэ доруобуйата мөлтөөтөҕүнэ, кинини күлүккэ илдьэргэ көмөлөһүҥ. Ырбаахытын арыйыҥ, курун, саҕатын тимэҕин сүөрүҥ. Сирэйин уонна түөһүн уунан ыстарыҥ. Түөһүн диэкинэн ыалдьар, ыгыллыбыт уонна этэ умайар буоллаҕына, тылын анныгар нитроглицерин табылыаткатын угуҥ. Ыарыыта ааспатаҕына, аспирин аҥаарын иһэрдиэххэ сөп. Уталыппакка “суһал көмөнү” ыҥырыҥ.
-Куйаас күннэргэ кырдьаҕастар, щитовиднай былчархайдаахтар, диабеттаахтар, олус уойар уонна искэннээх дьон эмиэ сэрэниэхтээхтэр. Кинилэр төһө кыалларынан күн сыралҕаныгар аҕыйахтык сылдьыахтаахтар.
-Оҕолоргутун эмиэ хонтуруоллааҥ. Оҕо организма түргэнник куурар-хатар, кини намчы тириитэ күҥҥэ сиэтиллэр.
-Мэйииҥ эргийэр, тыынарыҥ уонна тымырыҥ тэбиитэ түргэтиир, көлөһүнүҥ олус тахсар?
Ити — күн уотугар оҕустарыы бастакы бэлиэлэрэ. Түргэнник күлүккэ эбэтэр сөрүүн сиргэ барыҥ, кыратык тымныы уута иһиҥ. Наада буоллаҕына, эмчиттэр өҥөлөрүнэн туһаныҥ.
Самаан сайын эһиэхэ үчүгэй эрэ өйдөбүлү хааллардын. Бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ.

Надежда ЕГОРОВА,   «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0